Икки сыллааҕыта, 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Нам улууһун Хамаҕатта сэлиэнньэтигэр 220 үөрэнээччигэ анаммыт, 50 миэстэлээх интэринээттээх таас оскуоланы үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыттара. Бука, тыа сиригэр маннык көстүү сэдэх буолуо – икки сыл иһигэр үөрэнээччитин ахсаана сүүстэн тахса оҕонон эбиллибит.
Санатан аастахха, интэринээт-оскуола “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубута. Икки мэндиэмэннээх билии саҥа уораҕайа 5 тыһ. кв.м. иэннээх, үс блоктан турар: үөрэнэр сир, успуорт саала уонна 50 миэстэлээх интэринээт.
Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Дьяконов:
— Саҥа оскуолаҕа киирэн үөрүүбүт улахан, үлэлииргэ-хамсыырга, үөрэнэргэ, сайдарга туох баар усулуобуйа барыта баар буолла. Оҕобут да ахсаана эбилиннэ. Саҥа оскуола тутуллуон иннинэ 170 оҕолоох этибит, оскуола тутуллубутун кэннэ сүүстэн тахса оҕо эбилиннэ. Нам улууһуттан, өрөспүүбүлүкэттэн тиийэ кэлэллэр. Ол курдук, күн бүгүн 285 үөрэнээччилээхпит.
Урукку оскуолабыт мас, 1 тыһ. тахса кв.м. курдук иэннээҕэ. 2015 сыллаахха саахалланар туруктааҕынан билиниллэн, сэттэ сыл устата сэттэ сиринэн үөрэнэн, үлэлээн кэлбиппит. Онно холоотоххо 5 тыһ. кв.м. иэннээх оскуола дыбарыас, бары өттүнэн табыгастаах, тупсаҕай.
Билигин интэринээккэ түөрт уонтан тахса оҕо олорор. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлэн үөрэнэллэр (Нам, Дьокуускай куорат, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Кэбээйи о.д.а.).
Саҥа оскуолаҕа киириэхпититтэн үөрэх хаачыстыбата биллэ тубуста. Холобур, былырыын 13 оҕо оскуоланы бүтэрбититтэн, 3 оҕо мэтээлинэн түмүктээбитэ, 8 оҕо үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Олимпиада финалыгар, “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэҕэ кыттан миэстэлэһэллэр, Арассыыйаҕа тиийэ бараллар.
Быйыл сайын ыытыллар “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга 11 оҕобут өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирээри күүстээх дьарыкка сылдьаллар. Онон “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак баар буолан, оскуола тутуллан үөрүүбүт муҥура суох улахан, — диэн дириэктэр баара-суоҕа икки сыл иһинээҕи харахха көстөр ситиһиилэри кылгастык бэлиэтиир.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…