Саҥа сервис нөҥүө биллэриини, эҕэрдэни ыытыахха сөп

Share

Erid: 2SDnjehFeP9

«Сахамедиа» холдинг үлэһиттэрэ эҕэрдэлэри уонна ахтыылары онлайн ылар өҥө баар буолбутун туһунан билиһиннэрдилэр. Саха сирин ыраах улуустарыттан, нэһилиэктэриттэн олорон эбэтэр атын дойдуларга да сылдьан, төлөпүөн нөҥүө биллэриини, эҕэрдэни биэриэххэ сөп. Бу туһуттан аны эрэдээксийэҕэ кэлэ сатыыр наадата суох буолла.

Саҥа сервис туһунан «Саха» ГТРК сюжет бэлэмнээтэ. Кэллиэгэлэрбитигэр саҥа бырайыакпытын дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдаппыттарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.

Саҥа сервис «биир түннүк» (единое окно) быраабылатынан үлэлиир. Ол аата, эһиги биир сиринэн сайаапка оҥорон баран, биллэриигитин холдинг бары сүрүн былаһааккаларыгар таһаарар кыахтанаҕыт. Интэриниэккэ — ЯСИА порталыгар, «Саха сирэ» уонна «Якутия Daily» саайтарга тахсыаҕа, итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ» уонна «Якутия» хаһыаттарга бэчээттэниэҕэ.

Тоҕо бу табыгастааҕый? Бастатан туран, бириэмэни кэмчилиир. Биллэриини, эҕэрдэни суруйарга аҕыйах мүнүүтэ эрэ барар. Иккиһинэн, ыраахтан олорон ыытыахха сөп. Ханна да баар буол — улууска, куоракка, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр да сырыт — чугас дьоҥҥун эҕэрдэлиэххин, кутурҕаны биллэриэххин, ахтыыны ыытыаххын сөп.

Суруйбут иһитиннэриигит саайтарга тахсарын, эбэтэр аҕам саастаах дьоммут сөбүлээн ааҕар хаһыаттарыгар бэчээттэнэрин бэйэҕит талаҕыт.

Саҥа сервиһи бу сигэнэн киирэн боруобалааҥ: https://shop.sakhamedia.ru/

Реклама. АО «РИИХ Сахамедиа». ИНН 1435263769

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Үөрэх боппуруоһунан “төгүрүк остуол” буолан ааста

Уопсастыбаннай палаатаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх систиэмэтин салайыы мэхэниисимин көдьүүһүн үрдэтии тиэмэтигэр туһаайыллыбыт “төгүрү остуол” буолан ааста.…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэҕэ табахтыыр дьоҥҥо ыстараабы 10 төгүл үрдэтиэхтэрин сөп

«Доруобай Аҕа дойду» уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Лещинская үлэҕэ табах тардыы иһин административнай накаастабылы уон…

25 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Улахан кээмэйинэн наркотигы атыылаабыт дьиэ кэргэни сууттаатылар

Улахан кээмэйинэн наркотигы сокуоннайа суох эргиниигэ буруйдаахтарынан билиниллибит биир дьиэ кэргэн үс чилиэнигэр сыһыаннаах суут…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү – Эдьигээн массыына кыһыҥҥы суола аһылынна

Өрөспүүбүлүкэтээҕи массыына суолун управлениетын бирикээһинэн, муус ыйааһыны уйарын бэрэбиэркэлээн баран, сэтинньи 21 күнүттэн Бүлүү уонна…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тыала суохха мас хамсааччы дуо?

Икки күнтэн бэттэх үһү-тамах курдук сэһэн күүлэйдиир. Үрүҥ дьиэ ааттарын эппэт дьонноругар сигэнэн, Politico хаһыат…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Итирик суоппар икки сылга көҥүлэ быһылынна

Алдан оройуонугар олохтоох киһи итирэн баран массыына ыытан сууттанна. Бу киһи итирик туруктаах массыынаны ыытан…

2 часа ago