Саҥа «Сильван» тиһиги ойуур баһаарын бохсууга туһаналлар

Share

Баһаардары сылыктыыр искусственнай интеллект туһаныытын «Якутия» технопарка резиденнэрэ оҥорбут «Сильван» ойуур баһаардарын утары тиһигин баазатыгар чинчийэллэр.

«Сильван» тиһигэ  ойуур баһаарын түргэнник буларга кыаҕы үөскэтэр. Хас да информационнай баазаны холбоон, саҥа тиһик информацияны түргэнник үөрэтэргэ көмөлөһөр, картография дааннайдарын учуоттуур, күн-дьыл туругун кэтиир, баһаарынай күүстэр ханна баалларын көрдөрөр.

«Сильван» көмөтүнэн даннайдары үөрэтии тэтимэ биэс төгүл улаатта, оттон сөптөөх дьайыылары оҥоруу — икки төгүл. Билигин ойуур баһаара турар сирдэрин сылыктыыр технологиялар сиһилии ырытыллан оҥоһуллаллар. Саҥа тиһик  термотуочукалары уонна аномалиялары кэтээн көрөр. Бу кэннэ Салгыы «Авиалесоохрана» үлэһиттэрэ наадалаах быһаарыылары ылыналлар.

«Үрдүк температураны, тыаҕа баһаарынай эбийиэк баар буолуон сөптөөх сирдэрин эбэтэр ойуур баһаарын каартанан көрүөххэ сөп. Сиринэн туһааннаах үлэһиттэр эбэтэр авиапатруль бөлөхтөрө миэстэтигэр тутатына тиийэллэр», — диэн «Смарт юнит» хампаанньа кэммиэрчэскэй дириэктэрэ Артем Петухов бэлиэтиир.

Саха сиригэр саҥа тиһик көмөтүнэн икки төгүл баһаар турбут сирдэрин быһаарыыта биллэрдик үрдээтэ. Онуоха  араас таһымнаах биэдэмистибэлэри кытта хардарыта бииргэ үлэлэһиннэри күүһүрдэргэ эбии кыах биэрдэ, үлэлэрин чэпчэттэ. Быйыл ойуур баһаарын кэмэ саҕаланыаҕыттан «Сильван» тиһик киэҥник туттуллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago