Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ДНӨ, ЛНӨ, Запорожье, Херсон уобаластара Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин туһунан дуогабарга илии баттаабыта.
Саҥа эрэгийиэннэр Арассыыйа састаабыгар киирэллэригэр кыраныыссалара чопчу быһаарыллынна. РБК суруйарынан, Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, кинилэр хаһан тэриллибит кэмнэригэр, конституцияларыгар кыраныыссалара хайдах суруллубутунан Арассыыйа састаабыгар киириэхтэрэ. Онтон Херсонскай уонна Запорожскай уобаластар Арассыыйа састаабыгар киирэллэригэр кыраныыссалара хайдах баарынан киириэхтэрэ. Бу туһунан дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киллэрбит конституционнай сокуоннар барылларыгар суруллубут.
Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр Арассыыйа састаабыгар судаарыстыбаннай нуучча тыллаах өрөспүүбүлүкэ быһыытынан киирэллэр. Бу РФ Конституционнай суутун алтынньы 2 күнүнээҕи уурааҕар сурулла сылдьар.
Хаартыска https://www.google.com/amp/s/iz.ru/export/google/amp/1404341
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.