Саҥа судаарыстыбаннай халыыбынан тигиллибит оскуола пуормата булгуччулаах буолуо дуо?
Арассыыйа орто оскуолаларыгар уонна үөрэх тэрилтэлэригэр биир кэлим пуорма ылылла илик. «Об образовании» сокуонунан хас биирдии үөрэх тэрилтэтэ уопсай көстүүннэн, өҥүнэн уонна фасонунан ирдэбиллэри бэйэтэ киллэрэр кыахтаах.
Саҥа судаарыстыбаннай халыып оскуола таҥаһын ассортименын, матырыйаалларын уонна маркировканан оҥоһуктар ирдэбиллэрин быһаарарга эрэ аналлаах. Сүрүн сыала — хаачыстыбата суох матырыйаал туһаныытын таһаарбат буолуу.
Чуолаан, пуорма салгын киирэрин курдук, гигроскопичнай, куттала суох, табыгастаах, эстетичнэй уонна кырааскаҕа бигэ туруктаах, ону таһынан, оскуола ханна турар сирин күнүн – дьылын усулуобуйатыгар сөп түбэһэр буолуохтаах.
Кэмпилиэккэ блузка, сэлиэччик, пиджак, кардиган, джемпер, сибиитирэ, ырбаахы, былааччыйа, бүрүүкэ уонна шортик киириэхтэрэ. Бу таҥастар күннээҕи уонна өрөгөйдөөх күннэргэ диэҥҥэ арахсан кыргыттарга, уолаттарга бэриллиэхтэрэ.
Оскуола пуормата судаарыстыбаннай халыып Росхаачыстыбаҕа оҥоһулла сылдьар. 2024 сыл иккис аҥарыгар ылыллара сабаҕаланар.
Эльдар Садовников
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: