Саҥа сыл саҥа соруктара

Саҥа сыл саҥа соруктара

26.01.2025, 14:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Эргэ сыл бүттэ да, саҥа сылы кытта саҥа соруктар күөрэс гына түһэллэр. Онон,  тутуу эйгэтигэр ааспыт сылга сэбиэскэй кэмтэн куоһарылла илик көрдөрүүнү аһара түспүт буоллахпытына, үүммүт сылга ханнык соруктар туралларый?

 2025 сыл сүрүн соруктара

  • Кырата 690 тыһ. кв. м иэннээх дьиэни үлэҕэ киллэриини ситиһии.
  • 11,73 тыһ. кв. м иэннээх саахалланар туруктаах дьиэттэн 580 дьиэ кэргэни көһөрүү. Ол туһугар 2025 сылга «Фонд развития территорий» публичнай-правовой хампаанньа үбүттэн 5,77 млрд солк. көрүү былааннанар.
  • “2019-2025 сылларга саахалланар туруктаах дьиэ пуондатыттан дьону көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманы 2025 сыллаахха олоххо киллэриигэ үбүлээһин хантан ылылларын (источнигын) быһаарыы биир сүрүн соругунан буолар. Бүддьүөт үбүн дэписсиитэ 29,5 млрд солк., ол да буоллар, «Олоххо аналлаах инфраструктура» саҥа национальнай бырайыак чэрчитинэн 2025-2030 сылларга дьону саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү саҥа бырагыраамата оҥоһуллар, онно 01.01.2017 сылтан 01.01.2022 сылга диэри саахалланар туруктаах дьиэлэргэ олороллоро билиниллибит дьоннор киирэллэр.
  • 900-чэ чэпчэтиилээх категорияҕа киирсэр дьоннорго (дьиэ кэргэттэргэ) дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга социальнай төлөбүрдэри биэрии;
  • 2025 сылга бары түмүллүбүт үбү (источниктары) туһанан, 41 социальнай эбийиэк үлэҕэ киирэрэ былааннанар, ол иһигэр 10 оскуола, 2 уһуйаан, 2 эбии үөрэхтээһин дьиэтэ, 1 үөрэхтээһин атын эбийиэгэ, 5 физкултуура уонна успуорт, 13 доруо­буйа харыстабылын, 7 култуура, 1 социальнай харалта эби­йиэктэрэ.
  • Ил Дархан 08.04.2020 с. 1103 №-дээх Ыйааҕын чэрчитинэн, 2025 сылтан арктическай улуустарга дьиэни тутууга тутуу матырыйаалларын тиэрдиигэ тырааныспар ороскуотугар субсидия оҥоһуллара былааннанар.
  • 2025 сыллаахха “Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка табыгастаах куортам дьиэтэ” бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн 5 элбэх мэндиэмэннээх дьиэ үлэҕэ киирэрэ былаан­нанар. Кыбартыыралары эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр түҥэтэр: Дьокуускай куоракка – 141 кыбартыыра, Нерюнгри куоракка – 192, Алдан куоракка – 28.
  • Дьиэ тутуутугар үптэрин биэрэн баран албыннаппыт 85 киһи бырааба чөлүгэр түһэриллиэ. Үптэрэ тыырыллан турар. Бу манан албын тутааччыларга киирэн биэрбит дьон ахсаана бүтэр.

Куортам дьиэлэрэ кимиэхэ бастакы уочарат бэриллиэхтэрэй?

Үөһэ этиллибитин курдук, быйылгы сылга олорор дьиэлэрин тупсарар кыһалҕалаах дьоҥҥо “Табыгастаах куортам дьиэтэ” бырагыраама үлэтин салгыыр. Бастакы күөҥҥэ, биллэн турар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара киирсэллэр.

“Дьон эмтэнэ, реабилитациялана кэлэллэрин туһугар итинник оҥоһуллар. Бырагырааманы дьон сөбүлээн туһанар, онон бу хайысхаҕа үлэ салҕаныаҕа», — диэн СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов тоһоҕолоон этэн турар.

Муниципалитеттар бэ­­йэлэригэр наадалаах исписэ­лиистэри инники күөҥҥэ тутул­лааччылар испииһэктэригэр киллэрэр бырааптаахтар. Ол курдук, Дьокуускайга бырагыраамаҕа кыттар дьон ахсаа­ныгар оптуобус суоппардара киирдилэр.

“Муниципальнай тэриллиилэр куортамҥа бэриллэр дьиэ­ҕэ кимнээҕи олордоллорун бэйэлэрэ быһаарар кыахтаахтар. Холобур, Дьокуускай куорат испииһэккэ оптуобус суоппардарын киллэрэри туруорус­та. Муниципальнай оптуобус­тарга чуо маннык үлэһиттэр тиийбэттэр. Урут атын эрэги­йиэннэртэн ыҥырар этибит да, олорор дьиэ суоҕа уустугурдара”, – диэбитэ миниистир.

Федеральнай уонна өрөс­пүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн субсидия көрүллүбүтүн түмүгэр, икки хостоох, миэ­бэлинэн, тиэхиньикэнэн толору хааччыллыбыт кыбартыыраҕа ыйдааҕы төлөбүрэ чэпчэтиилээх куортам сыанатынан 12-14 тыһ. солк. буолуо­ҕа. Дьокуускайга куортамҥа бэриллэр бастакы дьиэни Тутааччы күнүгэр аһар былаан­наахтар.

Тутуу матырыйаалын бэйэбит оҥорор буолуохпут

Тутуу эйгэтигэр бэлиэ түгэнинэн Дьиэни тутар кэмбинээт (ДСК) үлэҕэ киириитэ буолуоҕа. Оччоҕо  эрэгийиэни олох­тоох производство оҥорон таһаарбыт тутуутун матырыйаалынан хааччыйыахпыт. Саҥа сиэри­йэнэн тутуллар бастакы дьиэ­лэр “Спортивнай” түөлбэҕэ тутуллаллара былааннанар. Ону кытта Арктика улуустарыгар тутуу матырыйаалын тиэрдиигэ субсидия көрүлүннэҕинэ, уустук килиимэттээх сиргэ дьиэни тутуу быдан түргэтиэҕэ. Оччотугар түргэнник тутуллар модульнай конструкция­лаах дьиэлэри Дьокуускайга оҥорон баран, хоту илдьэн таҥан кэбиһэллэр. Эппиккэ дылы, аҕыйах киһи уонна көтөҕөр кыраан эрэ наада.

Тутууга информационнай моделирование (BIM) технологиятыгар көһүү биир дьоһун хайысханан буоларын тутуу миниистирэ этэн турар. Оччотугар эбийиэктэри тутуу координацията сайдыах­таах уонна хаачыстыбата үрдүөхтээх.

Саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү

2025 сылга 124 тыһ. кв. м иэннээх 78 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллара былааннанар. Ол түмүгэр 2495 киһи саҥа кыбартыыраланыаҕа. Ааспыт биэс сыл иһигэр тутуу эйгэтэ күүскэ үлэлээн, дойдуга ханна да суох элбэх саахалланар туруктаах дьиэттэн босхолоннубут.

2030 сылга диэри “Олорор дьиэ” саҥа федеральнай бырайыак саҕаланна. РФ Бырабыыталыстыбата көһөрүү мэхэньиисимин тупсарыыга Олорор дьиэ уонна Сир кодексаларыгар уларыйыылары киллэрдэ.

Кэтэх дьиэни тутууга эскроу-счет киирэр

2024 сыл от ыйын 22 күнүгэр 186 №-дээх федеральнай сокуон ылыллыбыта, со­­куон сүрүн сыала-соруга нэһилиэн­ньэ харчытын сүтэрбэтигэр туһаайыллыбыта. Ол аата хайдах? Дьиэ туттарар киһи бааҥҥа эскроу-счет астарар, мунньуммут харчытын эбэтэр ипотеканан ылбыт кирэдьиитин онно угар. Бэдэрээтчити кытта дуогабарга илии баттаһаллар. Ол кэннэ бэдэрээтчит бэйэтин харчытыгар эбэтэр баантан олох кыра бырыһыаннаах кирэдьиит ылан, сакаасчыт дьиэтин тутан биэрэр. Ол кэннэ аактаҕа илии баттанан, дьиэтэ Росреестргэ регистрацияламмытын кэннэ биирдэ ол эскроу-счет арыллар уонна харчы тэрилтэ счетугар түһэр. Ол аата, сакаасчыт хаһан дьиэтэ тутуллан бүтүөр, Росреестргэ регистрациялатыар диэри кини харчыта бааҥҥа сытар. Бу сокуон 2025 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэҕэ киирэр.

Олохтоох дьону үлэҕэ ылыы

Тастан кэлэн үлэ­лиир дьоҥҥо ирдэбил кытаатан иһэринэн, Тутуу министиэристибэтин салалтата олох­тоох дьону үлэҕэ ылыыга сонун көрүүлээх. Холобур, ОДьКХ үлэһиттэрэ ититэр сезон бүттэ да, уоппускаҕа бараллар. Онно өрөмүөн үлэтигэр аҕы­йах киһини хаалларан баран, биригээдэ буолан кэлэн, сайын тутууга үлэлиир мэхэньиисимнэрин оҥоруу. Үөрэх тэрилтэлэрэ үөрэтэргэ бэлэмнэр.

2024 сыллаахха: 752 тыһ. кв. м иэннээх дьиэ-уот үлэҕэ киллэриллибитэ:

  • — ол онтон элбэх мэндиэмэннээх олорор дьиэ – 329,4 тыһ. м. (былаантан 104 %);
  • – кэтэх дьиэ – 421 тыһ. кв. м (былаантан 112 %);
  • 61 социальнай суолталаах эбийиэк тутуллубута, ол иһигэр 3700 миэстэлээх 15 оскуола;
  • 315 миэстэлээх 4 уһуйаан;
  • 3 үөрэхтээһин атын эбийиэгэ;
  • 6 физкултуура уонна успуорт эбийиэгэ;
  • 18 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ (ол иһигэр 6 ФАП уонна 6 быраастаах амбулатория);
  • 15 култуура эбийиэгэ.
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 января
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: