Эргэ сыл бүттэ да, саҥа сылы кытта саҥа соруктар күөрэс гына түһэллэр. Онон, тутуу эйгэтигэр ааспыт сылга сэбиэскэй кэмтэн куоһарылла илик көрдөрүүнү аһара түспүт буоллахпытына, үүммүт сылга ханнык соруктар туралларый?
Үөһэ этиллибитин курдук, быйылгы сылга олорор дьиэлэрин тупсарар кыһалҕалаах дьоҥҥо “Табыгастаах куортам дьиэтэ” бырагыраама үлэтин салгыыр. Бастакы күөҥҥэ, биллэн турар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара киирсэллэр.
“Дьон эмтэнэ, реабилитациялана кэлэллэрин туһугар итинник оҥоһуллар. Бырагырааманы дьон сөбүлээн туһанар, онон бу хайысхаҕа үлэ салҕаныаҕа», — диэн СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов тоһоҕолоон этэн турар.
Муниципалитеттар бэйэлэригэр наадалаах исписэлиистэри инники күөҥҥэ тутуллааччылар испииһэктэригэр киллэрэр бырааптаахтар. Ол курдук, Дьокуускайга бырагыраамаҕа кыттар дьон ахсааныгар оптуобус суоппардара киирдилэр.
“Муниципальнай тэриллиилэр куортамҥа бэриллэр дьиэҕэ кимнээҕи олордоллорун бэйэлэрэ быһаарар кыахтаахтар. Холобур, Дьокуускай куорат испииһэккэ оптуобус суоппардарын киллэрэри туруоруста. Муниципальнай оптуобустарга чуо маннык үлэһиттэр тиийбэттэр. Урут атын эрэгийиэннэртэн ыҥырар этибит да, олорор дьиэ суоҕа уустугурдара”, – диэбитэ миниистир.
Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн субсидия көрүллүбүтүн түмүгэр, икки хостоох, миэбэлинэн, тиэхиньикэнэн толору хааччыллыбыт кыбартыыраҕа ыйдааҕы төлөбүрэ чэпчэтиилээх куортам сыанатынан 12-14 тыһ. солк. буолуоҕа. Дьокуускайга куортамҥа бэриллэр бастакы дьиэни Тутааччы күнүгэр аһар былааннаахтар.
Тутуу эйгэтигэр бэлиэ түгэнинэн Дьиэни тутар кэмбинээт (ДСК) үлэҕэ киириитэ буолуоҕа. Оччоҕо эрэгийиэни олохтоох производство оҥорон таһаарбыт тутуутун матырыйаалынан хааччыйыахпыт. Саҥа сиэрийэнэн тутуллар бастакы дьиэлэр “Спортивнай” түөлбэҕэ тутуллаллара былааннанар. Ону кытта Арктика улуустарыгар тутуу матырыйаалын тиэрдиигэ субсидия көрүлүннэҕинэ, уустук килиимэттээх сиргэ дьиэни тутуу быдан түргэтиэҕэ. Оччотугар түргэнник тутуллар модульнай конструкциялаах дьиэлэри Дьокуускайга оҥорон баран, хоту илдьэн таҥан кэбиһэллэр. Эппиккэ дылы, аҕыйах киһи уонна көтөҕөр кыраан эрэ наада.
Тутууга информационнай моделирование (BIM) технологиятыгар көһүү биир дьоһун хайысханан буоларын тутуу миниистирэ этэн турар. Оччотугар эбийиэктэри тутуу координацията сайдыахтаах уонна хаачыстыбата үрдүөхтээх.
Саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү
2025 сылга 124 тыһ. кв. м иэннээх 78 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллара былааннанар. Ол түмүгэр 2495 киһи саҥа кыбартыыраланыаҕа. Ааспыт биэс сыл иһигэр тутуу эйгэтэ күүскэ үлэлээн, дойдуга ханна да суох элбэх саахалланар туруктаах дьиэттэн босхолоннубут.
2030 сылга диэри “Олорор дьиэ” саҥа федеральнай бырайыак саҕаланна. РФ Бырабыыталыстыбата көһөрүү мэхэньиисимин тупсарыыга Олорор дьиэ уонна Сир кодексаларыгар уларыйыылары киллэрдэ.
2024 сыл от ыйын 22 күнүгэр 186 №-дээх федеральнай сокуон ылыллыбыта, сокуон сүрүн сыала-соруга нэһилиэнньэ харчытын сүтэрбэтигэр туһаайыллыбыта. Ол аата хайдах? Дьиэ туттарар киһи бааҥҥа эскроу-счет астарар, мунньуммут харчытын эбэтэр ипотеканан ылбыт кирэдьиитин онно угар. Бэдэрээтчити кытта дуогабарга илии баттаһаллар. Ол кэннэ бэдэрээтчит бэйэтин харчытыгар эбэтэр баантан олох кыра бырыһыаннаах кирэдьиит ылан, сакаасчыт дьиэтин тутан биэрэр. Ол кэннэ аактаҕа илии баттанан, дьиэтэ Росреестргэ регистрацияламмытын кэннэ биирдэ ол эскроу-счет арыллар уонна харчы тэрилтэ счетугар түһэр. Ол аата, сакаасчыт хаһан дьиэтэ тутуллан бүтүөр, Росреестргэ регистрациялатыар диэри кини харчыта бааҥҥа сытар. Бу сокуон 2025 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэҕэ киирэр.
Тастан кэлэн үлэлиир дьоҥҥо ирдэбил кытаатан иһэринэн, Тутуу министиэристибэтин салалтата олохтоох дьону үлэҕэ ылыыга сонун көрүүлээх. Холобур, ОДьКХ үлэһиттэрэ ититэр сезон бүттэ да, уоппускаҕа бараллар. Онно өрөмүөн үлэтигэр аҕыйах киһини хаалларан баран, биригээдэ буолан кэлэн, сайын тутууга үлэлиир мэхэньиисимнэрин оҥоруу. Үөрэх тэрилтэлэрэ үөрэтэргэ бэлэмнэр.
2024 сыллаахха: 752 тыһ. кв. м иэннээх дьиэ-уот үлэҕэ киллэриллибитэ:
Горнайга Мытаах олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥорууга көхтөөхтүк кытталлар. Уопсайа 15-тии…
Аныгы үйэҕэ күннээҕи олохпутугар туох буортулааҕын, киһи этигэр-сиинигэр хайдах дьайарын биллэхпитинэ, быһаарыстахпытына эрэ, бэйэбит уонна…
Биир аҕа билэр дьахтарыттан кыыспын оскуолаттан тоһуйан дьиэтигэр атаар диэн көрдөспүт. Дьахтар кыыһы кытта дьиэ…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун лиссиэйигэр Устудьуон күнүн бэлиэтиир олус үчүгэй тэрээһин буолла. Онно оскуола үрдүкү кылааһын…
Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ сэттэ олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээбит. Түөкүттэр уопсайа 5,2 мөл. солк. тахса сууманы сойбоппуттар.…
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар "Аһыма – дьолбут уйата" тэрээһин чэрчитинэн ("Горнай түмсүү" сал. Н. Федорова) бэртээхэй…