Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэҕинэ, босуобуйа суумата эмиэ үрдүүр.
Үүммүт 2026 сылга Саха сиригэр үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтилэр. Онтон сиэттэрэн, атын босуобуйалар, төлөбүрдэр суумалара эмиэ улаатар.
Холобур, хат дьахталларга уонна оҕолорго биир кэлим босуобуйа кээмэйэ уонна анааһын усулуобуйата уларыйда. Мантан да атын уларыйыылар киирдилэр. Дьиэ кэргэттэргэ нолуоктан саҥа төлөбүр баар буолла. Маны “төрөппүт 13-с хамнаһа” диэн ааттаатылар. Элбэх оҕолоох төрөппүттэргэ оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олоруу кэмин страховой ыстааска ааҕыыга баар хааччахтар сотулуннулар.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар социальнай хантараагы биэрии өссө табыгастаах буолла. Бэйэ дьарыктаах дьон ыарыйдахтарына, социальнай страховканы туһанан, босуобуйа (“больничнай”) ылар кыахтаннылар.
2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ, ол иһигэр иитэр-һатар киһитин сүтэрбит уонна инбэлиит дьон ылар биэнсийэлэрэ 7,6%-нан үрдээтэ. Онон Саха сиригэр тохсунньуттан 241 413 биэнсийэлээх, ол иһигэр 167 249 үлэлээбэт дьон биэнсийэтэ үрдээтэ диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр. Ортотунан, 2597 солк. үрдээн, орто биэнсийэ 36 776,80 солк. тэҥнэстэ. Маны тэҥэ, биэнсийэ тус коэффициена үрдээн, 156,76 солк. тэҥнэстэ. Страховой биэнсийэҕэ бигэргэммит төлөбүр кээмэйэ 8907 солкуобайтан 9584 солк. диэри үрдээтэ. Хас биирдии биэнсийэлээххэ бу маннык үрдээһин биэнсийэтин кээмэйиттэн тутулуктаах: ыстааһа, хамнаһа, страховой усунуоһа, коэффициена элбэх буоллаҕына, индексация эмиэ үрдүк буолар. Индексацияны ыларга сайабылыанньа суруйар ирдэммэт.
Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээн, биэнсийэҕэ социальнай эбии төлөбүр эмиэ үрдээтэ.
2026 сылга биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ:
1-кы зонаҕа — 28 775 солк. (хоту улуустарга);
2-с зонаҕа — 24 102 солк.
Быйылгыттан биэнсийэлээххэ эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүрү социальнай көмүскэл управлениета буолбакка, Социальнай пуонда төлүүр буолар.
Эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүр, биэнсийэ Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, биэнсийэлээххэ эбии төлөнөр. Ол эбэтэр, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү биэрэллэр. Саха сирин киин улуустарыгар бу суума 24 102 солк. тэҥнэһэр. Онон бу сууматтан намыһах биэнсийэ суох буолуохтаах.
Өскөтүн биэнсийэ бу сууматтан намыһах буоллаҕына, сайабылыанньа суруйар наадата суох, Социальнай пуонда систиэмэтэ бэйэтэ булан, аныыр. Билигин бу эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүрү 39 тыһ. тахса киһи ылар. Бу төлөбүр биэнсийэни кытта тэҥҥэ түһэр.
Саҥа 2026 сылга биир кэлим босуобуйа суумата үрдээтэ. Биир кэлим босуобуйа суумата эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнээх. Онон бу тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэҕинэ, босуобуйа суумата эмиэ үрдүүр. Хат дьахталларга босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйин үлэһит дьоҥҥо анаммыт сууматыттан, биир кэлим босуобуйа — оҕолорго олохтоммут сууматыттан тутулуктаахтар.
Хат дьахталларга босуобуйа:
1-кы зонаҕа: 50% — 18 235 солк.;
75% — 27 353 солк.;
100% — 36 471 солк.
2-с зонаҕа: 50% — 15 274 солк.;
75% — 22 911 солк.;
100% — 30 549 солк.
Биир кэлим босуобуйа (оҕо 17 сааһыгар диэри):
1-кы зонаҕа: 50% — 16 228 солк.;
75% — 24 342 солк.;
100% — 32 456 солк.
2-с зонаҕа: 50% — 13 592 солк.;
75% — 20 388 солк.;
100% — 27 185 солк.
Быйыл үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) 20,7% үрдээн, Арассыыйаҕа 27 093 солк. тэҥнэстэ. Бу үрдээһин 4,6 мөл. кэриҥэ үлэһити таарыйда. Санатар буоллахха, Саха сиригэр үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ былырыын, 2025 сылга 16,6%-нан үрдээбитэ уонна 22 440 солк. тэҥнэспитэ (Арассыыйа төлөбүрүн саҕа). Оттон быйыл бу сууматтан 20,7%-нан үрдээтэ.
Ол эрээри, бүддьүөт үлэһиттэригэр “хотугу эбилик” (80%) уонна оройуон коэффициена эбиллэн, МРОТ суумата быдан үрдүк буолар.
1,7 оройуон коэффициена — 67 733 солк;
2,0 оройуон коэффициена — 75 861 солк..
Оттон федеральнай уонна бүддьүөккэ киирсибэт тэрилтэлэр үлэһиттэригэр МРОТ 31 172 солк. тэҥнэһэр. Ол эбэтэр, хамнас бу сууматтан намыһах буолуо суохтаах.
ТУСКАР ТУҺАН
28 598 солк. — нэһилиэнньэҕэ.
31 172 солк. — үлэһит дьоҥҥо.
24 594 солк. — биэнсийэлээхтэргэ.
27 740 солк. — оҕолорго.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, зоналарынан арахсан, бу орто көрдөрүүттэн үрдүк, эбэтэр, намыһах буолуон сөп.
1-кы зонаҕа: Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустара, Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат киирэллэр.
36 471 солк. — үлэһит дьоҥҥо;
28 775 солк. — биэнсийэлээхтэргэ;
32 456 солк. — оҕолорго;
33 460 солк. — нэһилиэнньэҕэ.
2-с зонаҕа: Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй (Айхалтан, Удачнайтан ураты), Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустара, Дьокуускай куорат.
30 549 солк. — үлэһит дьоҥҥо;
24 102 солк. — биэнсийэлээхтэргэ;
27 185 солк. — оҕолорго;
28 026 солк. — нэһилиэнньэҕэ.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ сыл аайы индексацияланар, сыллааҕы инфляцияны учуоттаан туран, хас бырыһыан буоларын Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-үлэ сыһыаннарын быһаарыыга үс өрүттээх хамыыһыйа быһаарар.
СЫЫППАРАЛАР
241 413
биэнсийэлээх биэнсийэтэ үрдээтэ.
36 776
солкуобайга орто биэнсийэ тэҥнэстэ.
156,76
солкуобай — биэнсийэ тус коэфициена.
Ангелина Васильева
Хаартыскалар: Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ, ЯСИА
Горнай улууһугар Атамай орто оскуолатыгар үөрэнээччилэр кыһыҥҥы сынньалаҥнарын кэмигэр устудьуоннары кытта истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла. Биһиги…
Байыаннай дьайыыга тыһыынчанан миэдик үлэлиир. Олортон биирдэстэринэн байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, миэдик идэлээх, «За отвагу», «Спасение…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу сэттэ түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол…
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2026 сылы Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сылынан биллэрбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Култуура…
Бүгүн Өймөкөөн улууһугар ыытылла турар экстремальнай марафоҥҥа Арассыыйа 44 эрэгийиэниттэн, ону тэҥэ Белоруссияттан уонна Японияттан…
Хаҥалас уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын бэрэстэбиитэлэ Леонид Зыков 42, 195 км дистанцияҕа 2 чаас 58…