Саҥа сылы — саҥа дьиэҕэ

Share

Элбэх оҕолоох Васильевтар дьиэ ылалларыгар сэртипикээт туттарыллыбыт. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Сэртипикээти СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов уонна СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир Елена Волкова үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттар. Бу Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо сылын көрсө туттарыллыбыта үөрүүнү өссө үрдэппит.

Клим Валерьевич уонна Варвара Сергеевна Васильевтар биэс оҕолоохтор. Икки улаханнара игирэлэр. Оттон үс кыралара 2021 сыллаахха ахсынньы 30 күнүгэр төрөөбүттэр. Васильевтар сөптөөх дьиэ көрдөөбүттэрэ ырааппыт. Бу иннинэ кинилэр кыбартыыраҕа олорбуттар. Оттон билигин, улахан дьиэ кэргэн саҥа 2024  сылы бэйэлэрин кэтэх дьиэлэригэр көрсүбүттэр.

Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Клим Валерьевич Ил Дархан А.С.Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар уонна СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтигэр өйөбүллэрин иһин махтанар.

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago