Саҥа сылы сөпкө көрсүөххэ

Саҥа сылы сөпкө көрсүөххэ

22.12.2024, 12:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Төһө да Саҥа дьылы (сылы) көрсүү үгэһэ сахаларга хойут киирбитин биллэрбит, өйдөөтөрбүт, син биир норуот бэйэтэ айбыт үгэстэрин тутуһарга дьулуһабыт. Ол ханнык үгэстэрий?

Дьиэбитин ыраастыаҕыҥ

Бу ааһан эрэр 2024 сыл чорбохтоох сыл (Високоснай). Онон суунар-тараанар, ыраас­танар хайаан даҕаны ирдэнэр курдук. Үүнэр Моҕой сылыгар бары өттүнэн ыраастык, чэпчэкитик көрсөр туһугар кыһанабыт. Маныаха кэккэ сүбэлэри түмэбит.

Саҥа сы­лы көрсө дьиэ­битин суу­йар­быт, өрө тардарбыт таһынан, үгүс хаһаайкалар араас ньыманан ыраас­тыыр үгэстээхтэр. Маныаха биир саамай киэҥник туһаныллар ньыманан туус буолар. Дьиэ сууйар ууга туус куттахха, дьиэҕэ мунньуллубут туох баар куһаҕаны, кири-хаҕы бэйэ­тигэр иҥэринэн илдьэ барар диэн этэллэр. Тууһу туһанарга болҕомтону муннуктарга, киһи илиитэ дэбигис тиийбэт сирдэригэр уурар ордук.

Аны туттуллубат эргэ хобордооххо тууһу кутан баран кыра уокка уураллар. Итийбитин кэннэ иһиттээх тууһунан аантан саҕалаан дьиэни күн эргии­ринэн эргийэн ыраастаныллар, хайдах сатыыргынан, туох тыллар тахсалларынан көрдөһүллэр. Түннүктэргэ, муннуктарга бытаара түһүллэр. Туһаныллыбыт тууһу сойбутун кэннэ салапааҥҥа кутан, ыга баайан быраҕыллар эбэтэр тоҕуллар.

Сахалар ыраастаныыга бы­лыр-былыргыттан оту-маһы хото тутталлар. Дьиэни-уоту айылҕа бэйэтэ биэрбит үүнээ­йилэрин буруолатан, сыт таһаа­ран ыраастыыр үгэстээхтэр. Маныаха кытыаны, боҕуруос­кай оту, кыа угун, сугун абаҕатын, о.д.а. туһаныахха сөп. Дьиэ ортотугар уоту тулу­йар иһиккэ кыра оту кутан уматыллар, алгыс этиллэр, буруолата сылдьан күн эргииринэн ыраас­таныллар.

Чүмэчинэн дьиэни ыраас­тааһыны сахалар киэҥник туһанабыт. Ыраастыах иннинэ маҥнай дьиэни кичэ­йэн суу­йар, салгылатар ирдэнэр. Сиэргэ-туомҥа туһанарга туох да өҥө, ойуута суох чүмэчи барсар. Чүмэчини аан аттыгар туран уматыллар уонна күн эргииринэн биир да хоһу хаалларбакка, муннуктарга, түннүктэргэ уонна чүмэчи хараа­рар сиринэн тура түһэ-түһэ ыраастаан ааҥҥа кэлиллэр. Туһаныллыбыт чүмэчи бэйэтэ умайан бүтүөр диэри турар, бүппүтүн кэннэ быраҕыллар.

Дьиэни киэргэтии

Дьиэбитин сууйан-тараан, ыраастаан баран аны киэргэтэр түбүгэр түһэбит. Бу бэйэтэ туспа толкуйу, сөптөөх аттарыыны эрэйэр. Моҕой ураты майгытын-сигилитин учуот­таатахха, ааһан эрэр сыл бэлиэ­тин ахтыбат, көрдөрбөт ордук диэн сүбэлииллэр. Сүрүннээн от күөҕэ өҥү тутта са­­тааҥ дииллэр. Күөх үүнээйинэн киэргэтэр, симиир табыгастаах.

Моҕой статуэткатын, харчы мунньар иһити, сымнаҕас оонньууру көстөр сиргэ ууруохха сөп. Бу быыһыгар, долбуурдарга таастары ууран киэргэттэххэ, кэлэр сыл бэлиэтэ дьолу тосхойуоҕа дэһэллэр.

Киһи хараҕа саатар олус чаҕылхай өҥү туттумаҥ диэн сүбэлииллэр. Дьиэ, кыбартыыра тупсаҕай, нус бараан көстүүлээх, барыта бэйэ-бэйэтигэр дьүөрэлэһэр, уурбут-туппут курдук буолуохтаах.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: