Төһө да Саҥа дьылы (сылы) көрсүү үгэһэ сахаларга хойут киирбитин биллэрбит, өйдөөтөрбүт, син биир норуот бэйэтэ айбыт үгэстэрин тутуһарга дьулуһабыт. Ол ханнык үгэстэрий?
Бу ааһан эрэр 2024 сыл чорбохтоох сыл (Високоснай). Онон суунар-тараанар, ыраастанар хайаан даҕаны ирдэнэр курдук. Үүнэр Моҕой сылыгар бары өттүнэн ыраастык, чэпчэкитик көрсөр туһугар кыһанабыт. Маныаха кэккэ сүбэлэри түмэбит.
Саҥа сылы көрсө дьиэбитин сууйарбыт, өрө тардарбыт таһынан, үгүс хаһаайкалар араас ньыманан ыраастыыр үгэстээхтэр. Маныаха биир саамай киэҥник туһаныллар ньыманан туус буолар. Дьиэ сууйар ууга туус куттахха, дьиэҕэ мунньуллубут туох баар куһаҕаны, кири-хаҕы бэйэтигэр иҥэринэн илдьэ барар диэн этэллэр. Тууһу туһанарга болҕомтону муннуктарга, киһи илиитэ дэбигис тиийбэт сирдэригэр уурар ордук.
Аны туттуллубат эргэ хобордооххо тууһу кутан баран кыра уокка уураллар. Итийбитин кэннэ иһиттээх тууһунан аантан саҕалаан дьиэни күн эргииринэн эргийэн ыраастаныллар, хайдах сатыыргынан, туох тыллар тахсалларынан көрдөһүллэр. Түннүктэргэ, муннуктарга бытаара түһүллэр. Туһаныллыбыт тууһу сойбутун кэннэ салапааҥҥа кутан, ыга баайан быраҕыллар эбэтэр тоҕуллар.
Сахалар ыраастаныыга былыр-былыргыттан оту-маһы хото тутталлар. Дьиэни-уоту айылҕа бэйэтэ биэрбит үүнээйилэрин буруолатан, сыт таһааран ыраастыыр үгэстээхтэр. Маныаха кытыаны, боҕуруоскай оту, кыа угун, сугун абаҕатын, о.д.а. туһаныахха сөп. Дьиэ ортотугар уоту тулуйар иһиккэ кыра оту кутан уматыллар, алгыс этиллэр, буруолата сылдьан күн эргииринэн ыраастаныллар.
Чүмэчинэн дьиэни ыраастааһыны сахалар киэҥник туһанабыт. Ыраастыах иннинэ маҥнай дьиэни кичэйэн сууйар, салгылатар ирдэнэр. Сиэргэ-туомҥа туһанарга туох да өҥө, ойуута суох чүмэчи барсар. Чүмэчини аан аттыгар туран уматыллар уонна күн эргииринэн биир да хоһу хаалларбакка, муннуктарга, түннүктэргэ уонна чүмэчи хараарар сиринэн тура түһэ-түһэ ыраастаан ааҥҥа кэлиллэр. Туһаныллыбыт чүмэчи бэйэтэ умайан бүтүөр диэри турар, бүппүтүн кэннэ быраҕыллар.
Дьиэбитин сууйан-тараан, ыраастаан баран аны киэргэтэр түбүгэр түһэбит. Бу бэйэтэ туспа толкуйу, сөптөөх аттарыыны эрэйэр. Моҕой ураты майгытын-сигилитин учуоттаатахха, ааһан эрэр сыл бэлиэтин ахтыбат, көрдөрбөт ордук диэн сүбэлииллэр. Сүрүннээн от күөҕэ өҥү тутта сатааҥ дииллэр. Күөх үүнээйинэн киэргэтэр, симиир табыгастаах.
Моҕой статуэткатын, харчы мунньар иһити, сымнаҕас оонньууру көстөр сиргэ ууруохха сөп. Бу быыһыгар, долбуурдарга таастары ууран киэргэттэххэ, кэлэр сыл бэлиэтэ дьолу тосхойуоҕа дэһэллэр.
Киһи хараҕа саатар олус чаҕылхай өҥү туттумаҥ диэн сүбэлииллэр. Дьиэ, кыбартыыра тупсаҕай, нус бараан көстүүлээх, барыта бэйэ-бэйэтигэр дьүөрэлэһэр, уурбут-туппут курдук буолуохтаах.
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…