Салгыы
Саҥа сылы тыа сиригэр уратытык көрсөр үгэстээхтэр

Саҥа сылы тыа сиригэр уратытык көрсөр үгэстээхтэр

Ааптар:
03.01.2025, 11:50
Хаартыска: М.Бочкарева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Уус Алдаҥҥа Бээди төһө даҕаны киинтэн тэйиччи, кытыы буолбутун иһин, олус сэргэх олохтоох. Манна бааллар үтүөлээх үлэһиттэр, туйгун салайааччылар, үлэ сэрии бэтэрээннэрэ, бары тэрээһини көтүппэккэ кыттар, саҥаны, сонуну тобулар, толкуйдуур, олоххо киллэрэргэ дьулуһар үтүө дьон.

Кинилэр бары эбэ барахсан үрдүгэр турар кыракый бөһүөлэккэ төрөөн-үөскээн, олохсуйан олороллор. Үтүө, үлэһит салайааччылар көмөлөрүнэн улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр талааннар эмиэ манна бааллар. Ол курдук «Бээди бэтиэхэлэрэ» диэн көр-нар кэлэктиибэ, тахсан эрэр эдэр талааннар эмиэ манна олороллор. Оттон маны барытын иилиир-саҕалыыр үлэттэн, сыраттан тахсар. Маныаха биир оннук киһинэн СӨ култууратын туйгуна Бочкарева Матрена Захаровна буолар. Кини култуура, сынньалаҥ киинин сатабыллаахтык салайар. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк дьоно үөрэ-көтө кытталлар. Мантан салгыы кини Бээдиттэн ыыппыт сонуннарын дьон-сэргэ ааҕарыгар анаан ыытабын.

—Сыл аайы «Үтүө санаа харыйата» диэн аахсыйа оҥоробут. Былырыын бөһүөлэкпитигэр 60 үөһээ саастаахтарбытыгар бэлэх онорон, Тымныы оҕонньор сиэнэ кыыһынаан Хаарчааналыын түҥэппиттэрэ. Быйыл Оҕо саас сылын түмүктээн, бөһүөлэк оҕолоругар барыларыгар минньигэс бэлэхтэри туттардыбыт. Бу аахсыйаны «Куруку» КСК кэлэктиибэ тэрийэн ыытар. Аахсыйаҕа бөһүөлэк тэрилтэлэрэ, Бээди сүрүн оскуолата (дириэктэр Жиркова М.Н.), » Туллукчаан» уһуйаан (сэбиэдиссэй Ушницкая П.П.), «Куруку» КСК (дириэктэр Бочкарева М.З.), ОДьКХ (салайааччы Ушницкай А.В.), бэтэринээрдэр пууннара (сэбиэдиссэй Нафанаилов С.П.) уонна бөһүөлэк дьокутааттара сыл ахсын бэлэхтэри оҥорон дьону-сэргэни, оҕолору үөрдэр үтүө үгэстээхтэр. Быйыл эмиэ күүтүүлээх Саҥа сылбыт, Саҥа дьылбыт бырааһынньыгын көрсө туттартаатыбыт.

Саҥа Дьыл алыптаах киэһэтигэр «12 ый» остуоруйаттан быһа тардан туруорулунна. Кэнсиэр иккис чааһыгар көрү-нары өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит «Бээди бэтиэхэлэрэ» көҕүлүттэн туттулар уонна оскуола үөрэнээччилэрэ эрчимнээх үҥкүүнү бэлэхтээтилэр. Кэнсиэри ылбаҕай ырыаларынан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар ырыа күрэстэрин кыайыылааҕа, гран-при хаһаайына, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун устудьуона Ваня Старостин киэргэттэ, дьонун-сэргэтин үөртэ. Маны сэргэ, кулууп үлэһиттэрэ сылын аайы кулууптарын киэргэтэн, дьон-сэргэ сэҥээритин ылаллар, — диэн быйылгы тэрээһиннэрин туһунан Матрена Захаровна сырдатта.

Итини истэ олорон, биһиэхэ эмиэ бааллар эбит аныгылыы көрүүлээх, олоҕу, сайдыыны кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир дьон диэн астыныах, киэн туттуох санаа киирэр. Кырдьык да, туох барыта кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох элбэхтик үлэлээтэххинэ, сыраластаххына, сүүрдэххинэ-көттөххүнэ эрэ кэлэр, ситиһиллэр. Дьонум-сэргэм, бээдилэр, биир бырааһынньыгы хайдах курдук үчүгэйдик, кэрэхсэбиллээхтик тэрийэллэрин сөҕөбүн, хайгыыбын.

Иван Сивцев — Бээди

Хаартыскалар: М.З.Бочкарева тиксэриилэрэ

+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: