Саҥа тиэхиньикэ «Авиалесоохрана» үлэтин көдьүүһүн үрдэтэр
2019 сылтан “Экология” национальнай бырайыак “Ойуурдары харыстыаҕыҥ” эрэгийиэннээҕи бырайыагын олоххо киллэрии саҕаланыаҕыттан «Якутская база авиационной охраны лесов» тэрилтэҕэ 30 тиэхиньикэ бэриллибитэ. Бу туһунан тэрилтэ тырааныспары үлэлэтиигэ уонна материальнай-тэхиньиичэскэй хааччыллыытыгар начаалынньыгы солбуйааччы Анатолий Мамонт иһитиннэрдэ.
Саха сиринээҕи Авиалесоохранаҕа бу сылларга 5 ГАЗ-соболь, 12 ГАЗ САДКО, үс Чайка-Сервис, икки Егерь-2, икки КАМАЗ-вахтовик, биир бортовой КАМАЗ, биир седельнэй тягач КАМАЗ, биир трал, икки УАЗ-ПАТРИОТ уонна ууттан-хаартан иҥнибэт тиэхиньикэ бэрилиннэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
“Биллэн турар, бу бырайыак биһиги тэрилтэбит материальнай-тэхиньиичэскэй базата бөҕөргүүрүгэр биллэрдик туһалаата. Сиринэн сылдьар тырааныспардар Авиалесоохрана үлэтигэр улахан оруоллаахтар, ол курдук парашютно-десантнай-баһаарынай бөлөхтөрү уонна кэтээн көрөр лүөччүктэри аэропортарга, аэробылаһааккаларга, ойуур баһаара буола турар сиригэр диэри илдьэн-тиэйэн биэрэллэр, ону тэҥэ атын сирдэргэ баар подразделениеларбытын табаарынан хааччыйабыт”, — диир Анатолий Мамонт.
Маны таһынан бу тиэхиньикэ күүһү-кыаҕы ааҕына-көрүнэ охсорго бириэмэ биэрэр. “Уоту кытта охсуһарга хас биирдии мүнүүтэ күндү кэмигэр саҥа тиэхиньикэ алдьаныыта тахсыбатын кэриэтэ. Итиэннэ “Экология” нацбырайыак чэрчитинэн ылыллыбыт тиэхиньикэ тиийиэхтээх сиргэр этэҥҥэ тиийэргин да хааччыйара кырата суох суолталаах”, — диэн эбэн этэр Анатолий Мамонт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: