Саҥа успуорт саалатыгар аҕыс сүүстэн тахса оҕо дьарыктанар

Share

Дьокуускайга 20 №-дээх  оскуола саҥа модульнай успуорт саалатыгар 850-тан тахса оҕо успуордунан дьарыктанар.

«Соникс» спортивнай кулууп быйыл тохсунньуга оскуолаҕа саҥа модульнай успуорт саалата арыллыаҕыттан үлэтин саҕалаабыта. Манна 850-тан  тахса оҕо успуорт араас көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктанар. Ол курдук, дзюдо, самбо, көҥүл тустуу, каратэ бааллар. Оҕолор ортолоругар куораттааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Уһук Илиннээҕи күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара, призердара бааллар.

Дьарыктар барыта саҥа саалаҕа ыытыллаллар. Саала Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев сорудаҕынан Бэрэсидьиэн Уһук Илиннээҕи «Биир кэлим субсидиятын» чэрчитинэн тутуллубута.

Саала успуорт араас көрүҥүнэн дьарыктанарга наадалаах тэрилинэн толору хааччыллыбыт. Уопсай иэнэ 466 кв.м.

«Маннык улахан саалаҕа эрчиллиилэр ыытыллаллар. Усулуобуйа барыта баар. Бу иннинэ кыһалҕаттан куоракка араас саалаларга дьарыктанар этибит«, — диэн 20-с  оскуола 11  кылааһын үөрэнээччитэ, СӨ уонна Уһук Илин Уокурук чөмпүйүөнэ, РФ успуорт маастарыгар кандидат Мадина Цуканова санаатын үллэстэр.

Манна майгылыыр успуорт саалалара 10 №-дээх оскуолаҕа уонна Алдаҥҥа гимназияҕа тохсунньу бүтүүтүгэр  тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3397626  манна ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago