Саҥа ыал буолар эдэр дьоҥҥо харчынан төлөбүрү биэриэхтэрэ
Сэтинньи 29 күнүгэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар «Об охране семьи, материнства, отцовства и детства в Республике Саха (Якутия)» сокуоҥҥа уларытыыны киллэриини ылыммыттара.
Сокуоҥҥа биир уларытыы чэрчитинэн, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыла аан бастаан ыал буолар, 25 сааһын туола илик эдэр дьоҥҥо биирдэ бэриллэр харчынан төлөбүр баар буолла. Бу миэрэ дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатыыга, бөҕөргөтүүгэ, ыал буолууну, оҕо төрөөһүнүн өйүүргэ туһуланар.
Харчынан төлөбүр кээмэйэ уонна бэриллэр усулуобуйата билигин бырабыыталыстыбаҕа, үлэ социальнай сайдыы министиэристибэтигэр быһаарылла сылдьар.
Бу көҕүлээһини Ил Дархан Айсен Николаев быйыл сайын от ыйыгар буолбут «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» бэстибээл кэмигэр эппитэ. Быһа барыллаан, көмө суумата 50 тыһыынча солкуобай буолуо диэн аахпыттара, ол эрээри, бу суума билиҥҥитэ чопчулана илик. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 76,5 мөлүйүөн солкуобайдаах суума көрүллүөхтээх.
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: