Салгыы
Саҥа үөрэх дьылыгар –  саҥа соруктар

Саҥа үөрэх дьылыгар –  саҥа соруктар

31.08.2024, 11:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ үөрэх дьылын түмүгүн таһаарар, кэлэр сылга саҥа соруктары туруорар, алта уонча тэрээһиннээх, 5 тыһ. тахса кыттааччылаах атырдьах ыйынааҕы үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕа буолан ааста.

2024-2025 үөрэх дьылын көрсө

Саҥа 2024-2025 үөрэх дьылынан үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр, үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕын иитинэн алта уонча тэрээһин ыытыллыбытын бэлиэтээтэ.

“Бастакытынан, быйыл кыһалҕалаах салааларга эмиэ стратегическай сиэссийэлэри ыыттыбыт. Бу стратегияларбыт докумуон эрэ курдук суруллан хаалбакка, хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр тии­йиэхтээхтэр. Иккиһинэн, миэс­тэтигэр үлэлии сылдьар учууталлар, иитээччилэр, салайаач­чылар бэриллибит тиэмэҕэ кыра бөлөхтөрүнэн үлэлээтилэр. Инньэ гынан, элбэх кыһалҕалаах боппуруостары хабарга дьулустубут.

Бу Ил Дархан Айсен Николаев былырыын бигэргэппит “О развитии единой системы образования” ыйаа­ҕынан, улуустарга бырайыактыыр офистар хайдах тэриллэн үлэлиэхтээхтэрин, ханнык көрдөрүүлэр ирдэнэллэрин, инникитин сайыҥҥы сынньалаҥы сайыннарыы, хайысхаларынан (профильнай) үөрэхтээһини салҕаан улуустарга миэстэтигэр үлэни тэри­йэн ыытыы туһунан кэпсэттибит”, – диэн эттэ. Биллэн турар, манна үөрэх, иитии барыта киирэр.

Биэс-алта сыллааҕыта биир учуонайы кытта үөрэх хаачыс­тыбатын тула кэпсэтиибитигэр: “Өскөтүн биһиги үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиэхпитин баҕарар буоллахпытына, сыананы, ситиһиини үрдүк көрдөрүүнэн эрэ ылыа суох­таахпыт. Төттөрүтүн, кылааска хас мөлтөх оҕо баарын уонна чопчу ол оҕолор сыл бүтүүтэ төһө ситиһиилэммиттэринэн, билиилэрэ төһө эбиллибитинэн көрүөхтээхпит. Оччотугар эрэ үөрэх хаачыстыбатын чахчы үрдэтэр кыахтаахпыт”, – диэн этэн аһарбытын умнубаппын. Билигин хайдаҕый? Учууталлар үөрэҕэр үчүгэй, ситиһиилээх аҕыйах оҕо тула өрө мөхсөллөр, олимпиадаҕа кытыннараары “былдьаһаллар”. Орто көрдөрүүлээх кылаас улахан аҥаара уонна суумкаларыгар өрүү “икки” сыананы хааланан барар оҕолор умнууга хаалаллар. Быйылгы атырдьах ыйы­нааҕы мунньахха болҕомтону бу доҕолоҥнуур хайысхаларга уурбуттара хайҕабыллаах.

Учууталынан хааччыллыы

Үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕын чэрчитинэн педагог вакансиятын дьаарбаҥкатын ыыттылар. Үөрэх тэрилтэлэригэр сыллата 700-чэ вакансия тахсар. Сыл аайы хантан кэлэн оҥойо турарый диэн, баҕар, ким эрэ ыйытыан сөп. Сыллата учуутал, иитээччи биэнси­йэҕэ тахсара, төрүү барара, атын сиргэ көһөрө, уурайара ахсааннаах буолуо дуо. Ол да иһин бу даҕаны сырыыга дьаарбаҥкаҕа өрөспүүбүлүкэ улуустарын улахан аҥаардара бааллар. Сорох улуустар 40-50 вакансиялары тэлгэтэн олороллор. Мунньахтыы кэлбит сала­йааччылар таарыйа үөрэҕи саҥа бүтэрэр, учууталлыан баҕарар дьону ыҥыраллар. Оннооҕор Дьокуускай куораттар бааллар. Бу вакансияны хайдах толоруохха сөбүй?

Чахчы чулуулар, кыахтаахтар эрэ учуутал идэтигэр үөрэнэ киириэхтээхтэр. Оччотугар эрэ үөрэх хаачыстыбата үрдүүр чинчилээх. Аны хамнаһа намыһах, кыһалҕа­лаах учуутал сарсыҥҥы уруогар бэлэмнэниэн оннугар, хантан эбии дохуот киллэринэн оҕолорбун аһатабын, дьиэлии­бин-уоттуубун диэн толкуй­даах утуйара чахчы. Эһиилигэр үрдүк хамнаһы батыһан эдэр учуутал сайабылыанньа да суруйан кэбиһиэн сөп. Онон хамнастан эмиэ тутулуктаах.

Маны барытын учуоттаан, аҕыйах сылтан бэттэх киирбит учууталлары өйүүр араас миэрэлэр бааллара төһүү буолар. Министиэристибэ анал бырайыактары олоххо киллэрэрин, харчынан эбии төлөбүрү көрөрүн таһынан, таһаҕастарын, айаннарын төлөбүрүн кытта уйунар. Итиэннэ улуус­тар бэйэлэрэ араас бырагыраамалары олоххо киллэрэллэр. Сорох улуустар биирдии мөлүйүөн солкуобайга тиийэ биэрэллэр, босхо олордоллор, дьиэтин төлөбүрүн уйуналлар. Ол да буоллар, дьаарбаҥкаҕа үлэ көрдөөччүтүнээҕэр, үлэ биэрээччитэ элбэх.

“Өрөспүүбүлүкэ, улуустар педагогунан хааччыйыыга бэ­­йэлэрин кылааттарын киллэ­­рэллэр. Ол гынан баран, сорох дьиссиппилиинэлэргэ араас төрүөтүнэн учуутал тиийбэтэ баар. Мин санаабар, саҥа ньымалары киллэрэн үлэлиирбит ирдэнэр быһыылаах. Холобур, үс сылтан бэттэх сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, үһүс-төрдүс куурустан устудьуоннар учууталынан үлэлиэхтэрин сөп. Сорох дириэктэрдэр ХИФУну кытта номнуо кэпсэтэн олороллор, эдэр дьону ыҥыран ылан үлэлэтэллэр. Оскуола бэйэтин каадырын бэлэмнээн таһаарар, устудьуон – үөрэнэр уонна хамнастанар. Бу курдук үлэлии тиийбит устудьуоннар үгүстэрэ салгыы үлэлии хаалаллар эбит. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин управле­ниета былырыын 22 устудьуону кытта сөбүлэҥ түһэрсибит, салгыы үлэлии хаалар баҕалаахтар эбит”, – диэн миниистир чорботон бэлиэтиир.

Биир кэлим эксээмэн

Аны эксээмэҥҥэ (ОГЭ, ЕГЭ) эргиллэн кэлиэххэ. Былырыын биир кэлим эк­­сээмэни 27 оҕо 100 баалга туттарбыт эбит буоллаҕына, быйыл эмиэ көрдөрүү ити курдук. Ол эрээри, былырыын 5, быйыл 8 биридимиэккэ 100 баалы ылбыттар. Аны мантан алта оҕо – Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, икки оҕо – Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэнээччилэрэ. Хас даҕаны сыл тохтоон баран быйыл физикаҕа 100 баал баар. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 8 биридимиэккэ орто баал үрдээбит. “Быйыл улуустары кытта мунньахпытыгар, кэпсэтии­битигэр аҥаардас үрдүк эрэ баал туһугар үлэлэспэккэ, хас биирдии оҕо эксээмэҥҥэ алын баалы ыларын туһугар диэн кыһаллабыт. Оччотугар эрэ оҕо аттестат ылар, орто үөрэххэ туттарсар  кыахтаах. Хомойуох иһин, тохсус кылаас кэнниттэн соччото суох көрдөрүүлэр эмиэ бааллар. Бу боппуруоска үлэлэһиҥ диэн сорудах туруордубут”, – диэн миниистир этэр.

Аны аҕыс биридимиэккэ орто баал үрдээһинин учууталлары сэргэ “Стремление” дистанционнай технологияны туһанан үөрэтэр киин көмөтүнэн ситиһиллибитин ыйаллар. Тустаах киин былырыын ахсынньыга тэриллэн, оҕолору талан ылан тэ­­йиччиттэн үөрэҕи тэрийбит. Учууталлар куоракка олорон тэйиччиттэн эксээмэҥҥэ бэлэмнээбиттэр. Миниистир бу ньыманы биир кэлим эксээмэҥ­ҥэ эрэ буолбакка, орто кылаас үөрэнээччилэригэр эмиэ киллэрэр толкуйдаахтарын иһитиннэрдэ. “Сорох учууталлара тиийбэт оскуолалар чаастарын ол “сетевой” учууталларга биэриэхтэрин сөп. Оччотугар оскуола бу киини кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, оҕолорун үөрэттэрэр кыахтаах. Оскуола учуутал тиийбэт кыһалҕатын да сабар уонна оҕолор инники күөҥҥэ сылдьар, үрдүк таһымнаах учууталларга үөрэнэн ситиһиилэ­нэллэр.

Быйыл бу ситиминэн хас да улуустан барыта 520 оҕо физика, химия, информатика, математика (уустугурдуллубут), биология биридимиэттэригэр биир кэлим эксээмэни туттарда. Биллэн турар, аҕы­йах кыайан туттарбатах оҕо баар. Үгүстэр «боруогу» аастылар. Инньэ гынан, 8 биридимиэккэ көрдөрүүбүт тубуста. Быйыл тустаах киин үлэтин номнуо күһүҥҥүттэн саҕалыыр былаан­наах” диэн бэлиэтииллэр. Ону таһынан, көс оскуолаларга эмиэ киллэрэр туһунан толкуйдууллар эбит.

Саҥа үөрэх дьыла

Аны быйылгыттан үөрэх эйгэтигэр туох саҥа уларыйыы, сүүрээн киирэрин көрүөххэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ киэҥник суруллубут үлэ уруогун, үөрэнээччи оскуолаҕа кэтэр пуорматын, “Основы безопасности и защиты Родины” биридимиэт туһунан хатылыы барбаппыт.

Бастакытынан, быйылгы сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Манан сибээстээн уонна уопсайынан дьиэ кэргэн оруолун өрө тутар сорук­таах “Семьеведение” диэн уруо­гу таһынан куурус киирэн эрэр. Куурус 34 чаастан турар. Бүгүҥҥү үөрэнээччилэр инникитин ыал буолар, олоҕу түстүүр дьон. Судургутук быһаар­дахха, оҕолорго бөҕө туруктаах, иллээх дьиэ кэргэн, ыал буолуу, элбэх оҕолонуу туһунан эрдэттэн билиһиннэрэр, өйдөтөр соруктаах куурус. Федеральнай бырагыраама эрээри, эрэгийиэннээҕи уратыны учуоттаан киллэрэн биэ­риэхтэрэ.

Иккиһинэн, дойду 31 эрэгийиэнин 5-7 кылаас үөрэнээччилэригэр эһиилгиттэн “Төрөөбүт кыраай устуору­йата” уруогу киллэрээри, күн бүгүн Г.Г.Решетников  сала­йааччылаах хамаанда кинигэ оҥоруутугар үлэлэһэ сылдьар. Үбүлээһинэ номнуо көрүллүбүт, эспэртиисэни ааһа сылдьар диэн өйдөөтүм.

Үсүһүнэн, быйыл бы­­лаан быһыытынан 13 оскуо­ла уонна 4 уһуйаан, 4 ус­­пуорт саалата үлэҕэ киириэх­тээх. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларын үөрэнэр куорпуһа, балаҕан ыйын 2 күнүгэр Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтин олохтоохторо уон сыл устата күүппүт-кэтэспит оскуолалара үлэҕэ киириэхтээх.

Ити курдук, үөрэҕи уонна иитиини тэҥҥэ дьүөрэлээн, оҕону олоххо бэлэмниир соруктаах үлэни ыыталлар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: