Ааспыт нэдиэлэҕэ үөрэх дьылын түмүгүн таһаарар, кэлэр сылга саҥа соруктары туруорар, алта уонча тэрээһиннээх, 5 тыһ. тахса кыттааччылаах атырдьах ыйынааҕы үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕа буолан ааста.
Саҥа 2024-2025 үөрэх дьылынан үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр, үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕын иитинэн алта уонча тэрээһин ыытыллыбытын бэлиэтээтэ.
“Бастакытынан, быйыл кыһалҕалаах салааларга эмиэ стратегическай сиэссийэлэри ыыттыбыт. Бу стратегияларбыт докумуон эрэ курдук суруллан хаалбакка, хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр тиийиэхтээхтэр. Иккиһинэн, миэстэтигэр үлэлии сылдьар учууталлар, иитээччилэр, салайааччылар бэриллибит тиэмэҕэ кыра бөлөхтөрүнэн үлэлээтилэр. Инньэ гынан, элбэх кыһалҕалаах боппуруостары хабарга дьулустубут.
Бу Ил Дархан Айсен Николаев былырыын бигэргэппит “О развитии единой системы образования” ыйааҕынан, улуустарга бырайыактыыр офистар хайдах тэриллэн үлэлиэхтээхтэрин, ханнык көрдөрүүлэр ирдэнэллэрин, инникитин сайыҥҥы сынньалаҥы сайыннарыы, хайысхаларынан (профильнай) үөрэхтээһини салҕаан улуустарга миэстэтигэр үлэни тэрийэн ыытыы туһунан кэпсэттибит”, – диэн эттэ. Биллэн турар, манна үөрэх, иитии барыта киирэр.
Биэс-алта сыллааҕыта биир учуонайы кытта үөрэх хаачыстыбатын тула кэпсэтиибитигэр: “Өскөтүн биһиги үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиэхпитин баҕарар буоллахпытына, сыананы, ситиһиини үрдүк көрдөрүүнэн эрэ ылыа суохтаахпыт. Төттөрүтүн, кылааска хас мөлтөх оҕо баарын уонна чопчу ол оҕолор сыл бүтүүтэ төһө ситиһиилэммиттэринэн, билиилэрэ төһө эбиллибитинэн көрүөхтээхпит. Оччотугар эрэ үөрэх хаачыстыбатын чахчы үрдэтэр кыахтаахпыт”, – диэн этэн аһарбытын умнубаппын. Билигин хайдаҕый? Учууталлар үөрэҕэр үчүгэй, ситиһиилээх аҕыйах оҕо тула өрө мөхсөллөр, олимпиадаҕа кытыннараары “былдьаһаллар”. Орто көрдөрүүлээх кылаас улахан аҥаара уонна суумкаларыгар өрүү “икки” сыананы хааланан барар оҕолор умнууга хаалаллар. Быйылгы атырдьах ыйынааҕы мунньахха болҕомтону бу доҕолоҥнуур хайысхаларга уурбуттара хайҕабыллаах.
Үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕын чэрчитинэн педагог вакансиятын дьаарбаҥкатын ыыттылар. Үөрэх тэрилтэлэригэр сыллата 700-чэ вакансия тахсар. Сыл аайы хантан кэлэн оҥойо турарый диэн, баҕар, ким эрэ ыйытыан сөп. Сыллата учуутал, иитээччи биэнсийэҕэ тахсара, төрүү барара, атын сиргэ көһөрө, уурайара ахсааннаах буолуо дуо. Ол да иһин бу даҕаны сырыыга дьаарбаҥкаҕа өрөспүүбүлүкэ улуустарын улахан аҥаардара бааллар. Сорох улуустар 40-50 вакансиялары тэлгэтэн олороллор. Мунньахтыы кэлбит салайааччылар таарыйа үөрэҕи саҥа бүтэрэр, учууталлыан баҕарар дьону ыҥыраллар. Оннооҕор Дьокуускай куораттар бааллар. Бу вакансияны хайдах толоруохха сөбүй?
Чахчы чулуулар, кыахтаахтар эрэ учуутал идэтигэр үөрэнэ киириэхтээхтэр. Оччотугар эрэ үөрэх хаачыстыбата үрдүүр чинчилээх. Аны хамнаһа намыһах, кыһалҕалаах учуутал сарсыҥҥы уруогар бэлэмнэниэн оннугар, хантан эбии дохуот киллэринэн оҕолорбун аһатабын, дьиэлиибин-уоттуубун диэн толкуйдаах утуйара чахчы. Эһиилигэр үрдүк хамнаһы батыһан эдэр учуутал сайабылыанньа да суруйан кэбиһиэн сөп. Онон хамнастан эмиэ тутулуктаах.
Маны барытын учуоттаан, аҕыйах сылтан бэттэх киирбит учууталлары өйүүр араас миэрэлэр бааллара төһүү буолар. Министиэристибэ анал бырайыактары олоххо киллэрэрин, харчынан эбии төлөбүрү көрөрүн таһынан, таһаҕастарын, айаннарын төлөбүрүн кытта уйунар. Итиэннэ улуустар бэйэлэрэ араас бырагыраамалары олоххо киллэрэллэр. Сорох улуустар биирдии мөлүйүөн солкуобайга тиийэ биэрэллэр, босхо олордоллор, дьиэтин төлөбүрүн уйуналлар. Ол да буоллар, дьаарбаҥкаҕа үлэ көрдөөччүтүнээҕэр, үлэ биэрээччитэ элбэх.
“Өрөспүүбүлүкэ, улуустар педагогунан хааччыйыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Ол гынан баран, сорох дьиссиппилиинэлэргэ араас төрүөтүнэн учуутал тиийбэтэ баар. Мин санаабар, саҥа ньымалары киллэрэн үлэлиирбит ирдэнэр быһыылаах. Холобур, үс сылтан бэттэх сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, үһүс-төрдүс куурустан устудьуоннар учууталынан үлэлиэхтэрин сөп. Сорох дириэктэрдэр ХИФУну кытта номнуо кэпсэтэн олороллор, эдэр дьону ыҥыран ылан үлэлэтэллэр. Оскуола бэйэтин каадырын бэлэмнээн таһаарар, устудьуон – үөрэнэр уонна хамнастанар. Бу курдук үлэлии тиийбит устудьуоннар үгүстэрэ салгыы үлэлии хаалаллар эбит. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениета былырыын 22 устудьуону кытта сөбүлэҥ түһэрсибит, салгыы үлэлии хаалар баҕалаахтар эбит”, – диэн миниистир чорботон бэлиэтиир.
Аны эксээмэҥҥэ (ОГЭ, ЕГЭ) эргиллэн кэлиэххэ. Былырыын биир кэлим эксээмэни 27 оҕо 100 баалга туттарбыт эбит буоллаҕына, быйыл эмиэ көрдөрүү ити курдук. Ол эрээри, былырыын 5, быйыл 8 биридимиэккэ 100 баалы ылбыттар. Аны мантан алта оҕо – Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, икки оҕо – Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэнээччилэрэ. Хас даҕаны сыл тохтоон баран быйыл физикаҕа 100 баал баар. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 8 биридимиэккэ орто баал үрдээбит. “Быйыл улуустары кытта мунньахпытыгар, кэпсэтиибитигэр аҥаардас үрдүк эрэ баал туһугар үлэлэспэккэ, хас биирдии оҕо эксээмэҥҥэ алын баалы ыларын туһугар диэн кыһаллабыт. Оччотугар эрэ оҕо аттестат ылар, орто үөрэххэ туттарсар кыахтаах. Хомойуох иһин, тохсус кылаас кэнниттэн соччото суох көрдөрүүлэр эмиэ бааллар. Бу боппуруоска үлэлэһиҥ диэн сорудах туруордубут”, – диэн миниистир этэр.
Аны аҕыс биридимиэккэ орто баал үрдээһинин учууталлары сэргэ “Стремление” дистанционнай технологияны туһанан үөрэтэр киин көмөтүнэн ситиһиллибитин ыйаллар. Тустаах киин былырыын ахсынньыга тэриллэн, оҕолору талан ылан тэйиччиттэн үөрэҕи тэрийбит. Учууталлар куоракка олорон тэйиччиттэн эксээмэҥҥэ бэлэмнээбиттэр. Миниистир бу ньыманы биир кэлим эксээмэҥҥэ эрэ буолбакка, орто кылаас үөрэнээччилэригэр эмиэ киллэрэр толкуйдаахтарын иһитиннэрдэ. “Сорох учууталлара тиийбэт оскуолалар чаастарын ол “сетевой” учууталларга биэриэхтэрин сөп. Оччотугар оскуола бу киини кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, оҕолорун үөрэттэрэр кыахтаах. Оскуола учуутал тиийбэт кыһалҕатын да сабар уонна оҕолор инники күөҥҥэ сылдьар, үрдүк таһымнаах учууталларга үөрэнэн ситиһиилэнэллэр.
Быйыл бу ситиминэн хас да улуустан барыта 520 оҕо физика, химия, информатика, математика (уустугурдуллубут), биология биридимиэттэригэр биир кэлим эксээмэни туттарда. Биллэн турар, аҕыйах кыайан туттарбатах оҕо баар. Үгүстэр «боруогу» аастылар. Инньэ гынан, 8 биридимиэккэ көрдөрүүбүт тубуста. Быйыл тустаах киин үлэтин номнуо күһүҥҥүттэн саҕалыыр былааннаах” диэн бэлиэтииллэр. Ону таһынан, көс оскуолаларга эмиэ киллэрэр туһунан толкуйдууллар эбит.
Аны быйылгыттан үөрэх эйгэтигэр туох саҥа уларыйыы, сүүрээн киирэрин көрүөххэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ киэҥник суруллубут үлэ уруогун, үөрэнээччи оскуолаҕа кэтэр пуорматын, “Основы безопасности и защиты Родины” биридимиэт туһунан хатылыы барбаппыт.
Бастакытынан, быйылгы сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Манан сибээстээн уонна уопсайынан дьиэ кэргэн оруолун өрө тутар соруктаах “Семьеведение” диэн уруогу таһынан куурус киирэн эрэр. Куурус 34 чаастан турар. Бүгүҥҥү үөрэнээччилэр инникитин ыал буолар, олоҕу түстүүр дьон. Судургутук быһаардахха, оҕолорго бөҕө туруктаах, иллээх дьиэ кэргэн, ыал буолуу, элбэх оҕолонуу туһунан эрдэттэн билиһиннэрэр, өйдөтөр соруктаах куурус. Федеральнай бырагыраама эрээри, эрэгийиэннээҕи уратыны учуоттаан киллэрэн биэриэхтэрэ.
Иккиһинэн, дойду 31 эрэгийиэнин 5-7 кылаас үөрэнээччилэригэр эһиилгиттэн “Төрөөбүт кыраай устуоруйата” уруогу киллэрээри, күн бүгүн Г.Г.Решетников салайааччылаах хамаанда кинигэ оҥоруутугар үлэлэһэ сылдьар. Үбүлээһинэ номнуо көрүллүбүт, эспэртиисэни ааһа сылдьар диэн өйдөөтүм.
Үсүһүнэн, быйыл былаан быһыытынан 13 оскуола уонна 4 уһуйаан, 4 успуорт саалата үлэҕэ киириэхтээх. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларын үөрэнэр куорпуһа, балаҕан ыйын 2 күнүгэр Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтин олохтоохторо уон сыл устата күүппүт-кэтэспит оскуолалара үлэҕэ киириэхтээх.
Ити курдук, үөрэҕи уонна иитиини тэҥҥэ дьүөрэлээн, оҕону олоххо бэлэмниир соруктаах үлэни ыыталлар.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…