Саҥа үөрэх дьылыгар туох күүтэр?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыа ахсааннаах күн хаалла. Үлэһиттэр да, оҕолор даҕаны сыыйа бэлэмнэнэн эрдэхтэрэ. Быйыл учууталлары, үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кэккэ уларыйыылар күүтэллэр. Олортон сүрүн өттүн билиһиннэрэбит.
Оскуолаларга төлөпүөн бобуллар
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа сиэп төлөпүөнүн үөрэнэр даҕаны соруктаах туһанар бобуллар. Ити туһунан аҕыйах хонуктааҕыта РФ Судаарыстыбаннай Дууматын үөрэҕириигэ кэмитиэтин бастакы бэрэссэдээтэлэ Яна Лантратова иһитиннэрдэ.
Былырыын ахсынньыга Судаарыстыбаннай Дуума оскуолаларга төлөпүөнү туһанары хааччахтыыр туһунан сокуону ылыммыта. Оҕо олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы үөскэтэр ыксаллаах түгэннэртэн ураты, оскуолаҕа уруок кэмигэр сиэп төлөпүөнүн туһанар сокуонунан бобуллар.
Ыйытык көрдөрбүтүнэн, төрөппүттэр баһыйар улахан аҥаардара, 80-тан тахса бырыһыаннара сиэп төлөпүөнэ оҕолору буортулуурун, харахтарын мөлтөтөрүн, уруоктан аралдьытарын ыйбыттара. Уруокка төлөпүөнү хааччахтааһын ол түмүгүнэн киирбитэ.
Оскуола пуормата
2024 сылтан Арассыыйаҕа оскуола пуормата ГОСТ ирдэбилинэн тигиллиэҕэ диэн эппиттэрэ хас да сыл буолла. Ол эрээри, маны урукку курдук барыларыгар биир пуорма буолуо диэн өйдүүр билиҥҥитэ эрдэ. Тас дойдуттан “аймахтарбыт” киллэрэр таҥастара-саптара хайдах курдук сыттааҕын, киһи этэ тыымматын бэйэҕит билэҕит. Бу улаатан эрэр оҕоҕо соччото суохтук дьайара чуолкай. Дьэ ол иһин оскуола пуормата ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттиэхтээх. Ол эбэтэр, матырыйаала, бэлэм тигиллибит таҥас биологическай уонна химическэй өттүнэн куттал суох буолуутугар сөп түбэһиэхтээх, салгыны киллэрэр, сииги тардар буолуохтаах. ГОСТка пуорма арааһа, көрүҥэ, өҥө эбэтэр дизайна ыйыллыбат, чуолаан куттала суоҕа суруллар, мөлтөх хаачыстыбалаах матырыйаалтан тигиллиэ суохтаах.
Саҥа ирдэбил чопчу балаҕан ыйын 1 күнүттэн тутуһуллуо диэн ыйыллыбат, оскуолалар туох да ыйыы-кэрдии биэрэ иликтэр. Сорох сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр сыл иккис аҥаарыгар бигэргэниэҕэ итиэннэ 2025 сыл ортотуттан олоххо киириэ диэн суруйаллар.
Үлэ уруога
Оҕону үлэ эрэ иитэр, аралдьытар, толкуйдатар кыахтааҕын өйдөөн, биһиги оҕо сааспытынааҕы үлэ уруогун саҥардан төнүннэрэн эрэллэр. Билигин даҕаны Саха сирин оскуолалара оччотооҕу иитиини тута сылдьаллара, кыргыттарга ас астаталлара, уолаттары уһанарга уһуйаллара хайҕабыллаах.
Саҥардыллыбыт бырагырааманан үөрэнээччилэр үлэ уруогар билиҥҥи астыыр, уһанар дьоҕурдарын өссө тупсаран, аныгы олоҕу кытта ситимнээн биэриэхтэрэ. Ол эбэтэр сатабылларын робототехниканы, көмпүүтэр графикатын, 3D-моделированиены кытта ситимниэхтэрэ. Ону таһынан, оҕолор автоматизированнай систиэмэни, сүөһүнү иитиини, оҕуруот аһын олордууну үөрэтиэхтэрэ.
Учууталлар көмүскэллээхтэр
Аныгы най барбыт оҕолор уруогу ыһалларын ааһан, учууталлары араастаан үөҕэр, оннооҕор илиилэринэн киирэр түгэннэрэ баарын дэҥ кэриэтэ социальнай ситимнэргэ тарҕанар видеолартан көрөбүт. Манна үксүгэр педагог, улахан киһи буруйдаах аатырааччы, уһугар тиийэн учуутал бэйэтин баҕатынан сайабылыанньа суруйан оскуолаттан барааччы. Саҥа үөрэх дьылыттан педагогтар оҕолору сэмэлииллэрэ, сөптөөх бэлиэтээһиннэри оҥороллоро (замечание) көҥүллэниэҕэ. Ону тэҥэ, саҥа сокуонунан педагогтар киһи быһыытынан ытыктанар, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн күһэйииттэн, үөҕүүттэн көмүскэллээх буолууларын быраабын ыйдылар.
Маныаха анаан “Үөрэх туһунан” сокуоҥҥа дьарык кэмигэр уонна үөрэх тэрилтэтигэр дьиссиппилиинэни тутуһууга оскуолалар ирдэбил олохтуур балаһыанньаны киллэрдилэр. Үөрэнээччи ити этиллибит быраабыланы тутуһуохтаах, учууталы убаастыахтаах.
Орто үөрэххэ ылыы
Орто үөрэххэ докумуону тутуу бэҕэһээҥҥинэн, атырдьах ыйын 15 күнүнэн, түмүктэннэ. Ый бүтүүтэ түмүк таһаарыахтара. Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, 2024 сыл олунньу 22 күнүнээҕи СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, орто анал үөрэххэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар 6712 миэстэ көрүллүбүт.
“Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, үөрэххэ туттарсааччылартан барыта 18 тыһ. тахса сайабылыанньа киирдэ.
Үлэ ырыынагар ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн, каадыры бэлэмнээһин тутулун таҥар соруктаах эрэгийиэҥҥэ түөрт саҥа исписээлинэс аһылынна: 09.02.08 интеллектуальнай интегрированнай систиэмэлэр, 15.02.18 роботизированнай оҥорон таһаарыыны тиэхиньиическэй өттүнэн туһаныы уонна хааччыйыы (салааларынан), 15.02.17 бырамыысыланнай тэрили таҥыы, тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыы, үлэлэтии уонна өрөмүөннээһин (салааларынан), 15.02.03 гидравлическай уонна пневматическай тэрили таҥыы, тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыы уонна өрөмүөннээһин (салааларынан).
Быйыл абитуриеннар информационнай технологиялар (биирдии миэстэҕэ 12 киһи), мэдиссиинэ (биир миэстэҕэ 10 киһи) уонна педагогика (биир миэстэҕэ 8 киһи) хайысхаларын ордук сэҥээрэллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ ырыынагар ирдэнэр кэскиллээх орто уонна үрдүк үөрэҕи ирдиир идэлэри, исписээлинэстэри, бэлэмнэнии хайысхаларын испииһэгиттэн үрдүк куонкурус «информационнай систиэмэ уонна бырагыраамалааһын», «эмчит дьыалата», «сиэстэрэ дьыалата», «оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин» уо.д.а. хайысхаларга бэлиэтэнэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан төлөбүргэ 2024 сылга үөрэххэ киирэр элбэх оҕолоох ыал оҕолоро хапсыахтарын сөп диэн хоруйдаатылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: