Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэх комплексын үлэҕэ киллэрэр туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Маннык соругу кини бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, тутааччыларга туруорда.
Бу 550 оҕо үөрэнэригэр анаммыт, 150 миэстэлээх интэринээттээх уонна 200 оҕо сылдьарыгар уһуйааннаах комплекс РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырагыраама иитинэн Сэргэлээх уулуссатыгар (шоссетыгар) тутуллар. 2025 сылтан бырайыагы «Ыччат уонна оҕолор» уонна «Каадырдар» диэн национальнай бырайыактар салгыыллар.
Эбийиэк СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна «ПроШкола» ХЭУо икки ардыларыгар концессионнай сөбүлэһиилэринэн тутуллар. Бэдэрээччитинэн «Главстрой» олохтоох тутуу хампаанньата (манна «Арктик Капитал» ХЭУо киирэр) буолар.
«Үөрэтэр кластерга оҕолору сайыннарарга уонна чөлгө түһэрэргэ, чэбдигирдэргэ анаммыт сөптөөх усулуобуйа тэриллиэҕэ. Кластеры балаҕан ыйын 1 күнүгэр үлэҕэ киллэрэри былаанныыбыт. Эспиэрдэр сыаналыылларынан, бу Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа тиийэ ураты суолталаах эбийиэгинэн буолар«, — диэн этэр Айсен Николаев.
Билигин эбийиэк иһигэр үлэ бара турар, истиэнэтин, муостатын, уотун-күөһүн оҥороллор. Барыта 130 киһи үлэлии сылдьар.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев 2021 сыллаахха маннык комплексы тутуу наадатын туһунан этэн турар. Онно Ил Дархан Сэргэлээх шоссетыгар 34 №-дээх эргэ коррекционнай оскуола оннугар икки тус-туспа оскуоланы — орто оскуоланы уонна саҥа коррекционнайы тутар туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын быһаарыытын утарбыт төрөппүттэри өйөөбүтэ.
Иһитинэриигэ этиллэринэн, манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор сүрүн үөрэхтэрин таһынан, эбии дьарыктанар, үөрэнэр кыахтаналлар. Ол курдук, иистэнэ, уһана, туойунан ону-маны оҥоро, баттах кырыйа, хаартыскаҕа түһэрэ үөрэниэхтэрэ, үүнээйини бүөбэйдиир, көрөр-харайар буолуохтара. Маннык эбийиэк Арассыыйаҕа билиҥҥитэ соҕотох.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА
«Тута» диэн позывнойдаах Андрей Григорьев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылла.…
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сиригэр, сут-кураан, хоргуйуу-өлүү сатыылаабыт, ыар олох, ыар кыһалҕа ыга…
Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, "Тымныы полюһа -- Өймөкөөн" диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ…
Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан…
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Судаарыстыбаннас күнүгэр Арктика уонна ускуустуба киинин үлэҕэ киллэрии туһунан сорудаҕы СӨ…
Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар "Шаман" диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ.…