Санаа: Атаҕастаммыт автономия
Бүгүн балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ. ХХ үйэ 90-с сылларын саҥата Саха Өрөспүүбүлүкэтин летопиһыгар саха норуотун дьылҕатын быһаарар уларыйыы-тэлэрийии кэмин быһыытынан киирбитэ. Арассыыйа судаарыстыбаннаһын историческай тутулун уларыта тутууга уонна дьон-сэргэ тус уонна уопсастыбаннас олоҕор дьоһун уларыйыылар киирбит кэмнэрэ. Арассыыйа үтүөлээх юриһа, быраап дуоктара, профессор, Александр Невскай уордьанын кавалера, М.К. Аммосов аатынан бириэмийэ лауреата, 1990 с. ССРС народнай дьокутаата, ону тэҥэ Ил Түмэн I ыҥырыытын дьокутаата Макар Яковлев ол кэмнээҕи быһыы-майгы, Саха сирин саҥа тутулун тутарга хайдах үлэ барбытын туһунан хаһыакка суруйбут матырыйаалын бүгүн күҥҥэ суолталааҕынан хос таһаарабыт.
Хас биирдии омук, кини кыратыттан да, улаханыттан да, баайыттан-дуолуттан да тутулуга суох, бэйэтин судаарыстыбаннаһын тутулун, сувереннай дойду буолуутун бэйэтэ быһаарыныахтаах. Ол курдук, аан дойдуга араас аҕыйах ахсааннаах омуктар бэйэлэрэ буруо таһаарынан олорор холобурдара үгүс. Ол туһунан В.И. Ленин «Омуктар бэйэлэрин бэйэлэрэ быһаарыныылара» диэн сүҥкэн суолталаах үлэтигэр киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэр гына дакаастаан турар.
ССКП КК Пленумугар союзнай өрөспүүбүлүкэлэр уонна автономнай өрөспүүбүлүкэлэр бырааптарын улаатыннарар туһунан бэрт элбэх этиилэр оҥоһуллубуттара. Бу кырдьык, истэргэ, саныырга үөрүүлээх суол этэ. Мин тус бэйэм эмиэ да үөрүөх, эмиэ да сэргиэ суох курдукпун. Тоҕо диэтэххэ, биһиги омук быһыытынан суверенитеппытын, ол аата бэйэбитин бэйэбит бас билинэр, тутулуга суох дойду буоларбытын күүс да, ахсаан да өттүнэн баһыйар улахан омук бэйэтэ хайдах саныырынан бэрсэр дуу, эбэтэр сомсон ылар дуу курдук дьаһайан олорбута.
Калмыкия улахан талааннаах поэта Давид Кугультинов дьэ ол иһин хас сийиэс ахсын автономнай өрөспүүбүлүкэлэр ааттарыттан туруулаһан туран бастакы, иккис, үһүс суолталаах диэн омук суох буолуохтаах, омук кыратыттан тутулуга суох тэҥ бырааптаах буолуохтаах диэтэ.
«Автономнай өрөспүүбүлүкэ» диэн олох табыллыбатах тыллар уонна өйдөбүллэр дьүөрэлэһэн хаалбыттар. Ити И.В. Сталин 20-с-30-с сылларга олохтообут бэлиитикэтэ буолар. «Автономия» диэн туспа салаллар территория, оттон «өрөспүүбүлүкэ» диэн сувереннай дойду буолар. Онон Саха сирин Конституциятын бырайыагар «Саха Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэтэ» диэн ааттыырга саамай сөптөөх буолуо дии саныыбын. Өскө Саха АССР народнай дьокутааттара куоластаан Конституцияҕа итинник киллэрэр буоллахтарына, ССРС Конституциятыгар ону бобор пуун баарын көрө иликпин. Манна эбэн эттэххэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ хайаан да икки палааталаах буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи быыбар сокуонун быһыытынан Саха сирин хоту олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэр сылларга наар аҕыйыы турар кутталланыыһылар. Ол курдук, Депутатскай, Нерюнгри, Алдан эрэгийиэннэригэр Саха сирин саамай элбэх ахсааннаах нэһилиэнньэтэ олорор, итилэргэ олохтоох омуктар суохтарын кэриэтэ. Олохтоох омуктар дьокутааттара наар тыа оройуоннарыттан эрэ талыллаллар.
Буолан ааспыт сийиэстэр кэннилэриттэн мин элбэх санааҕа киирдим. Кэтээн көрүүбүнэн автономнай өрөспүүбүлүкэлэр бырааптара кэҥиэҕинээҕэр кыарыах курдук буолла. Сокуоннар үгүс бырайыактарыгар соруйан оҥорбут курдук автономнай өрөспүүбүлүкэлэри умнан иһэллэр.
Онно сүрүн матыыптара, академик таб. Кудрявцев быһаарарынан, автономнай өрөспүүбүлүкэлэр сувереннай дойду буолбатахтар үһү. Үрдүкү салайар уорганнарга итинник догматическай өйдөбүл иҥэн хаалбыта сүрдээх. 70 сыл анараа өттүгэр олохтоммут автономия хаһан да уларыйыа суохтааҕын курдук өйдөбүл баар. Сэбиэскэй былаас сылларыгар автономнай өрөспүүбүлүкэлэр хайдах курдук улааттылар уонна күүһүрдүлэр! Холобур, Татарскай АССР экэниэмикэтин да, дьонун ахсаанын да өттүнэн сорох союзнай өрөспүүбүлүкэлэртан лаппа улахан. Планета биир өйдөөх киһитэ А. Сахаров Татария, Башкирия, Саха сирэ, Чувашия союзнай өрөспүүбүлүкэ буолуохтаахтар диэн «Огонек» сурунаалга интервью биэрбитин өйдүүбүн.
Сийиэскэ маннык түбэлтэлэр буолбуттарын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. ССРС Конституционнай надзорун кэмитиэтин туһунан сокуон бырайыагар автономнай тэриллиилэртэн биир да бэрэстэбиитэл суох эбит. Ону Саха АССР народнай дьокутааттара, ордук В.П. Ларионов, К.Е. Иванов, П.Д. Осипов уо.д.а көҕүлээһиннэринэн, атын автономнай өрөспүүбүлүкэлэри холбуу тардан, автономнай тэриллиилэртэн 4 дьокутааты киллэрэргэ диэн улахан туруорсуу кэнниттэн киллэртэрэн тураллар. Ол кэнниттэн өтөр буолбакка, үһүс сийиэскэ ону уларыта охсон кэбистилэр. Бэрэсидьиэн федерация сэбиэтэ диэн уорганыгар эмиэ союзнай өрөспүүбүлүкэлэр дуоһунастаахтара эрэ киириэхтээхтэр диэн эттэ. Ону, хата, сийиэскэ кэпсэтии бүппүтүн кэннэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэр мустан, дьокутаат С.Н. Хаджиевы тыл этитэн, куоластааһыҥҥа кыайан тахсан, икки бэрэстэбиитэли автономнай өрөспүүбүлүкэлэртэн киллэттэрдибит.
Мин коллегаларым – Саха сириттэн дьокутааттар сүрдээх авторитеттаахтар. Автономнай өрөспүүбүлүкэлэр бэрэстэбиитэллэрэ наар биһиги дьокутааттарбыт тула мусталлар, сүбэлэһэллэр. Онно чорботон В.П. Ларионов, К.Е. Иванов, П.Д. Осипов үлэлэрин бэлиэтиэх этим.
Регламент быһыытынан сийиэскэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэр дьокутааттара тыл этэр бырааптара суох. Союзнай өрөспүүбүлүкэттэн үс киһи этэр бырааптаах. Иккис сийиэскэ буруйу оҥорууну утары охсуһуу боппуруоһугар тыл этэргэ 127 киһи суруттарбыта. Мин эриһэн-эриһэн, 27-с киһи буолбутум. Онтон С.С. Алексеевы, А.М. Сухаревы илии баттатан илдьэн А.И. Лукьяновтыын тус бэйэм кэпсэтэн 14-с киһи буолбутум. Сарсыныгар кэпсэтиини сабан кэбиһэн кыһыылаахтык тыл эппэккэ хаалбытым. Ити курдук, тыл этэр даҕаны олус уустук.
Үһүс сийиэскэ, эһиги бэйэҕит көрбүккүт буолуо, тылы наар, союзнай өрөспүүбүлүкэлэр үрдүк дуоһунастаах дьонноругар биэрбиттэрэ. Арассыыйаттан таб. Воротников тыл этэн баран автономнай өрөспүүбүлүкэлэр тустарынан биир да тылы быктарбата.
Ханнык баҕарар омук байэтэ территориялаах, бас билэр сирдээх буолуохтаах. Бас билии туһунан Сокуон быһыытынан сир уонна сир баайа, уу норуоттар достояннелара дэнэр. Ити хайдах эрэ уопсай патриотическай өйдөбүлү биэрэр. Оттон гражданскай-быраап өттүнэн ылан көрдөххө туһаныы, бас билии, тус бэйэ билэринэн дьаһайыы диэн өйдөбүллэргэ эппиэттээбэт. Бу үлүгэрдээх баай сирдээх-уоттаах Саха сирэ бэйэтин сирин-уотун бас билбэт курдук буолан хаалар. Казахстан компартиятын Киин Кэмитиэтин сэкэритээрэ таб. Назарбаев үһүс сийиэскэ сир уонна сир баайа өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолуохтаах диэн эппитин өйүүбүн. Ол эрээри союзнай өрөспүүбүлүкэлэр автономнай өрөспүүбүлүкэлэр баайдара буолуохтаах диэни умналлар, наар бэйэлэригэр тардыналлар.
Билигин Саха сирин үгүс олохтоохторун Саха сирэ союзнай өрөспүүбүлүкэ буолар кыахтаах дуу, суох дуу диэн боппуруос олус эрийэр. Мин биир кылааска үөрэммит үөлээннээҕим, ССРС народнай дьокутаата П.Д. Осипов Саха сирэ союзнай өрөспүүбүлүкэ буоларын урут утарар этэ.
Үһүс сийиэскэ кэлэн билбитим эн саамай сөпкө этэр, туруорсар эбиккин диэн турда киһим. Кини Үрдүкү Сэбиэккэ бэрт элбэх боппуруоска мөккүһэн, ырытыы кэнниттэн итинник санааҕа кэлбит буолуохтаах. ССРС народнай дьокутаата А.С. Борисов бэрт интэриэһинэй, туспа өйдөөх-санаалаах киһи буолааччы. Кини эмиэ Саха сирэ союзнай өрөспүүбүлүкэ буолуохтаах диэн өйгө-санааҕа кэлбит. Атын даҕаны дьокутааттар эмиэ итинник санааны тутуһаллар. Ю.Н. Прокопьев маҥнай «экэнэмиичэскэй самостоятельноһы» ситиһиэххэ наада диир. Саха сирин юристара уонна экэнэмиистэрэ мустан аан бастаан автономнай өрөспүүбүлүкэттэн союзнай өрөспүүбүлүкэҕэ тахсыы киритиэрийдэрин, кэнсиэпсийэтин оҥороргут буоллар, итинник этиини олус өйүөм этэ диэбитэ. Онон бу боппуруоска сүрүннээн олохтоохтук үлэлиир наадата көстөр.
Саха сирин экэнэмиичэскэй өттүнэн ылан көрөр буоллахха, сүрдээх кыахтаах өрөспүүбүлүкэ. Экэнэмиис П. Алексеев үлэтин быһыытынан сыл ахсын аҥардас алмаастан 14 миллиард солкуобайдаах барыс киирэр диир. Сорох учуонайдар ааҕан таһаарыыларынан, ити өссө 80 миллиартан тахса буолар эбит. Ас-үөл, тутуу, энергия өттүнэн бэйэбитин хааччынабыт дуо диэн боппуруоска эмиэ сөптөөх быһаарыылар бааллар. В. B. Ядрихинскай, В.Г. Алексеев үлэлэрин быһыытынан ити өртүнэн бэйэбит улахан ис потенциалбытын кыайан ситэ туһаммакка олорор эбиппит.
Аны биһиги ахсааммыт өттүнэн боппуруоһу ылан көрүөҕүҥ. Итиниэхэ ханнык этиилэр баалларый? Тюменьскай уобаластан ССРС народнай дьокутаата таб. Матюха Бүтүн Арассыыйа аатыттан ылыннарыылаах этиини оҥорбутун өйдүүбүн. Кини улуу нуучча норуота билиҥҥитин курдук төрөөн-ууһаан иһэр буоллаҕына, аны аҕыйах үйэнэн эстиэ диэн эттэ. Дьэ сүрдээх буолбат дуо? Академик В.П. Казначеев айылҕаны аһаҕастын куорҕаллааһын түмүгэр хотугу сир дьоно аҕыйах көлүөнэнэн эстиэхтэрин сөп диэтэ. Кини туох баар оҥорон таһаарыыны, үлэни былааны толоруунан буолбакка, киһи доруобуйатын туругунан сыаналыахха наада диэн олус итэҕэтиилээхтик быһаарар. Нобелевскай бириэмийэ лауреата, аан дойдуга биллэр вирусолог Карлстон Гайдушев өскө сахалар «Бүлүүтээҕи энцефалиты» кыайбатаххытына, үһүс көлүөнэнэн эстэр кутталга киириэххитин сөп диэн этэн турар. Итини барытын биһиги кулгаахпыт таһынан аһаран иһэбит.
Биһиги бырамыысыланнай кииннэр улааталларыттан үөрэбит. Ол гынан баран саха нэһилиэнньэтин ахсаана улааппат ээ, бырамыысыланнай оройуоннарга түмүллэллэр. Оттон тыа сиригэр олохтоох нэһилиэнньэ быстар дьадаҥы олоххо олорор. Хотугу сирдэргэ олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун туһунан этэ да барыллыбат. Мин соторутааҕыта кэккэлэһэ олорор «Тумаччыны» уонна Депутатскайы тэҥнээн көрөн баран тылбыттан маттым ээ.
Сокуон быһыытынан элбэх оҕолоох ийэлэр, Дьоруой ийэлэр тустарынан өйдөбүллэр аҕыйах ахсааннаах омуктарга эбэтэр улахан омуктарга биирдиҥилэр. Онон бэриллэр чэпчэтиилэр да, биэнсийэлэр да эмиэ биир тэҥнэр.
Билигин тугу барытын дифференцированнайдык сыаналаныллыахтаах. Онон аҕыйах ахсааннаах омуктар элбэх оҕолоох ийэлэригэр, Дьоруой ийэлэригэр, соҕотох ийэлэригэр Сойуус, Арассыыйа уонна Саха АССР Бырабыыталыстыбатын иһинэн элбэх чэпчэтиилэр көрүллүөхтээхтэр. Ол курдук, аһынан-таҥаһынан хааччыллыыга, дьааһылаҕа уонна уһуйааҥҥа, кыбартыыраҕа тиийэ элбэх оҕолонорго интэриэстээх буолар туһуттан элбэх экэнэмиичэскэй төһүүлэр үлэлиэхтээхтэр.
Омук ахсаан өттүнэн сайдыытын кытта тэҥҥэ эт-хаан, өй өттүнэн сайдыахтаах. Сайдыылаах дойдуларга арыгыны иһэр киһи ахсаана аҕыйаан иһэр. Оттон биһиги Сахабыт сирин экэниэмикэтин сайдыытын арыгынан өйүүбүт.
Улуу нуучча омуга биһигини бэрт элбэххэ, үчүгэйгэ үөрэттэ. Ол эрээри саха омук бэйэтэ эмиэ айылҕаттан бэриллибит ордуктардаах дии саныыбын. Ол курдук, саха төрүт тылыгар-өһүгэр биир быдьар тыл суох ээ. Дьэ ити биһиги үрдүк култууралаахпыт туоһута буолар. Ону умнарбыт сатаммат. Урут сахалар, атын даҕаны аҕыйax ахсааннаах омуктар күлүүс диэни түһээн да көрбөт этилэр. Булчут киһи быстаран кэлиэ диэн үүтээни аһаҕас хаалларан, ас бэлэмнээн барар буолаллара. Саха киһитэ сиргэ сырыттаҕына оту-маһы көннөрө, имэрийэ-томоруйа, алгыы сылдьар үгэстээх. Ол курдук, кини айылҕаҕа чугас, айылҕаны таптыыр омук. Итинник үгэстэрбитин сөргүтэн салгыы сайыннарыахтаахпыт. Итинник төрүттээх, сиэрдээх-майгылаах омук хайдах сувереннай дойду буолбат буолуой!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: