Салгыы
“Санаабар, биһиги харыйабыт саамай мааны, кэрэ буолара”

“Санаабар, биһиги харыйабыт саамай мааны, кэрэ буолара”

04.01.2025, 11:30
Бөлөххө киир:

Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин, кинилэргэ туох умнуллубаты аҕалбытын ахтан-санаан ылаллар уонна  үүммүт торумнаан көрөллөр.

Ыйытыылар:

– Урукку Моҕой сылларыттан тугу ордук өйдөөн хаалбыккыный?

– Оҕо саас уонна билиҥҥи саас Саҥа дьылларын уратылара?

– Саҥа дьыл бырааһынньыгар оҕо буолан ылартан төһө үөрэҕин?

– Маскарааттааччыгын  дуо?

– Гороскоптарга, билгэлэргэ төһө итэҕэйэҕин?

– Моҕойу хайдах кыыл дии саныыгын?

– Кэлэр  сылтан тугу күүтэҕин?

Айталина Констан­тиновна Никифорова-Шадрина, “Далбар Хотун” сурунаал эрэ­дээк­тэрэ, суруналыыс, суруйааччы:

– Моҕой сылыгар төрөөбүт киһи ураты тугу эрэ күүппүтүм буолуо эрээри, бу диэн чопчу өйдөөбөппүн.

– Оҕо сылдьан, этэргэ дылы, ис искиттэн кычыгыланан туран, Саҥа дьыл үүнэрин кэтэһэҕин. Туох эрэ алып кэлиэн курдук саныыгын. Дьоллоох да кэмнэр этэ! Аҥаардас бары мустан харыйабытын симиирбитин санаа­тахха, ураты иһирэх, сылаас иэйии кууһар. Тапталлаах ийэм Валентина (Мария) Андреевна Багдасаева эдэр да этэ. Кини өрөбүлүгэр сарсыардаттан елка оонньуурдара уурулла сылдьар дьикти холбукатын хостуура (оччолорго дыргыл сыттаах тыыннаах елканы туруорааччы). Ону дьэ, бары саба түһэн симээччибит. Санаабар,  биһиги харыйабыт саамай мааны, кэрэ буолара. Ийэбит хоп-хойуу лабаа­лаах  елканы ойууртан бэйэтэ кэрдэн аҕалара. Ол туһунан кэпсээн суруйан турабын. Ийэм хорсун санаатын өрүү сөҕөбүн.

– Саҥа дьыл саҕана, кырдьык, оҕо буолан ылабын. Оҕо сааспар курдук, дьиэбин киэргэтэрбин наһаа сөбүлүүбүн. Оҕо сааспыттан хаалбыт елка оонньуурдарын астынан, сэрэнэн хостоон бараммын, елкабар ыйаан үөрэбин. Мин санаабар,  оҕолорбор анаан киэргэтэбин да, арааһа, ол ордук бэйэбэр наада эбитэ дуу.

– Оҕо сылдьан сыл аайы араас мааскаланарым. Ийэбит арааһы бары тигэрэ. Оҕолорум кыраларыгар мааскалары атыылаһан кэтэрдэрим.

– Урут итэҕэйэр этим. Билигин – суох.

– Моҕой мээнэ ыһылла-тоҕулла, саҥара-иҥэрэ сылдьыбат, олоххо буолары, дьону курдат сэрэйэн билэр, ол иһин алҕаһы таһаар­бат, ааҕан-суоттаан, иннин-кэннин көрүнэн сылдьар, мындыр. Моҕой бэлиэлээхтэргэ ити хаачыстыба баар буолуохтаах.

– Байыаннай дьайыы, атын дойдуларга буола турар сэриилэр тохтуохтарын баҕарабын. Киһи аймах  эйэлээхтик, айылҕа сокуонунан, хаамыытынан олоруон баҕарабын. Байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт дьоммут этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр. Дойдубут экэниэмикэтин туругар түһүү барбатын, ас-таҥас сыаната үрдүү турара тохтоотун, дойдубут бэлиитикэтэ социаль­най хайысхаланан,  норуотун интэриэ­һигэр туһуланнын. Дьон бэйэ-бэйэҕэ харысхаллаахтык сыһыаннаһан, киһилии майгыны өрө тутан, оҕо-уруу тэнитэн, күннээҕи олохтон үөрэн, кыраттан дьоллонон олоруон баҕарабын. Оттон тус бэйэм олохпор саҥа сүүрээн, саҥа тыын киирэрин күүтэбин.

+1
17
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -30°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: