Салгыы
Санаабыт ырааһа, ырабыт сырдыга…

Санаабыт ырааһа, ырабыт сырдыга…

Ааптар:
18.02.2023, 09:00
Хаҥастан уҥа Иван Мигалкин, Вячеслав Хон, Егор Николаев (1969 с.). Хаартыска ааптар тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

     Сүрэҕим тэбэрин тухары хаһан да умнубат 1969 сылым. Оччотооҕу от ыйын өҥүрүк куйаас күнэ чаҕылыйан, сандаарыччы тыган, оҕотук дууһабытын сып-сылааһынан угуттаан, Бүлүү куората барахсан былыргы мас дьиэлэринэн, олор хайдах курдук чиҥник тутуллубуттара элбэҕинэн интэриэһиргэтэн көрсүбүтэ…

Ханан да хаамтахха, барыта кумах.  Хас хардыы аайытын – ааспыт үйэлэртэн сүтэн-оһон хаалбатах кумах ырыатын истэр курдуккун. Дууһаҕа, сүрэххэ ыллыыр кумах дорҕоонун долгуйа истэҕин…

Биһиги киэҥ-нэлэмэн  Сахабыт сирин  бары оройуоннарыттан 15-16 саастаах  оҕолор  Н.Г.Чернышевскай аатынан  Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа туттарсан киирээри кэлбиппит. Олох диэн тугун, абылаҥнаах таайыытын, кини эндирдэрин: түһүүтүн-тахсыытын ончу билбэт, ситэ-хото сыаналыыр кыаҕа суох олус да эдэркээн этибит.  Майгыбыт маҥнайгы хаардыы ырааһа, өйбүт-санаабыт кэрэҕэ эрэ тардыстар сырдыга, хатан хомус­туу, туой оҥоһуктуу уйана…

Педучилище дириэктэрэ М.Иванов - Багдарыын Сүлбэ. Хаартыска И.Мигалкин тиксэриитэ

Арай, үөрэххэ киирэн, учуутал буолар үтүө-мааны ыра­лаах этибит. Онтон түөрт  сыл үөрэнэммит, начаалынай кылаас­тарга учуутал идэтин ыламмыт, эмиэ араас оройуоннарынан үлэлии тарҕаспыппыт.

Ааспыт сылларбытын анааран көрдөххө

     Быйылгы 2023 сылга үөрэхпитин бүтэрбиппит 50 сылын туолар. Оччотооҕу эдэркээн оҕолор билигин истиҥник, иһирэхтик ааттанар эбээ, хос эбээ-эһээ дэттибит. Ааспыт сылларбытын анааран саныыбыт, туоххаһыйа суохтуубут…

1 “б” куурус салайааччытынан сытыары-сымнаҕас майгылаах, биһиэхэ барыбытыгар бэйэтин оҕолорун курдук сыһыаннаспыт Мария Ивановна Захарованы хаһан да, ханна да  сырыттарбыт өрүү истиҥ махтал тылларынан ахтабыт, саныыбыт. Кини кэргэнэ Роман Дмитриевич Попов киэҥ да билиилээҕэ, дуобатчыт бэрдэ этэ. Кинилэргэ дьиэлэригэр сылдьарбыт,  кэлин Бүлүүгэ командировкаҕа тиийдэхпинэ, хонорум, түүнү быһа  Роман Дмитриевичтыын  аан дойдуну анааран сэһэргэһэрбит.

Бииргэ үөрэммит кыргыттарым: комсорг Ирина Волкова (Сухонина), Климентина Винокурова (Михай­лова), Валентина Иудина (Попова), Альбина Прото­попова (Дмитриева), Мария Самсонова (Николаева), Евдокия Кривошапкина (Суслова), Елизавета Петрова (Боескорова), училищены бүтэрэн бараннар, мин төрөөбүт Уус Алдаммар  айым­ньылаахтык үлэлээбит Елизавета Кривошапкина (Аммосова), Галина Попова (Портнягина), Любовь Степанова (Аммосова), өрүү көрүдьүөһү саҕар майгылаах, курбуу курдук уһун уҥуохтаах Лилия Куприянова (Аммосова), уолаттартан биирдэстэрэ, тылга дьоҕурдаах Иван Иванов (Ньурба Өҥөлдьүтэ), эдэр сааһыгар судьуйалыы сылдьан бу олохтон суох буолбут Егор Николаев уо.д.а. өйбөр-санаабар өрүү бааллар…

1969-1973 сылларга миигин үөрэппит учууталларым киһи-хара буоларбар киэҥ билиини, дириҥ өйү-санааны ыларбар олук уурбуттара. Кинилэргэ махталым улахан.

Ломоносов аатынан МГУ психология факультетын ситиһиилээхтик бүтэрэн кэлээт,  психология биридимиэтин үөрэппит, психология науката уратытын, дириҥин өйдүүргэ ис сүрэҕиттэн уһуйбут, тас көрүҥнүүн киһини тардар,  мэлдьи ыраас, уурбут-туппут курдук бэйэтигэр аһара барсар таҥастаах Иван Пудович  Чабыев иҥэрбит билиитинэн суруйааччы идэтигэр тардыспытым.

Сахабыт сирин кэрэ айылҕата эппитигэр-хааммытыгар иҥэн сырыттаҕа. Маны сүрэхпитигэр, дууһабытыгар муусука уонна ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба биридимиэттэринэн арыйбыттара. Раиса Ивановна Бессараб фортепианоҕа үөрэппитэ, оттон  Валентина Даниловна Каратаева, Елена Дмитриевна  Олбутцева, Эдуард Васильевич Миронов ырыаҕа, Василий Еремеевич Протопопов ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба  үйэлэргэ хаалбыт улуу айымньыларын туһунан наһаа да интэриэһинэйдик кэпсиирэ, олортон сорохторо Москва мусуойдарыгар ууруллан, көрүүгэ-харайыыга туралларын  хараххар бу баардыы көрөн ыларгыныы быһааран кэпсии­рэ. Сэбиэскэй Сойуус улахан сурунаалларыгар бэчээттэммит репродукцияларын көрдөрө-көрдөрө, биһиэхэ, дэриэбинэлэр оҕолоругар, хаһан да умнубаппыт курдук кэпсээн умсугутара. “Саха сирин историята” биридимиэти училищебыт дириэктэрэ М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ  үөрэппитэ.  Онно аан бастаан истибитим ааспыт үйэ 20-с, 30-с  сыллардааҕы саха чулуу интэллигиэн­сийэтин туһунан: бырааттыы Ксенофонтовтары, Леонтьевы, Күлүмнүүрү, Дьааҥы Новго­родовтарын, Саха сиринээҕи Степной Дума туох сыаллаах-соруктаах тэриллибитин… Сүтэрбэппэр, атыттарга мээнэ көрдөрбөппөр мэктиэ тылбын ылан, оччолорго сэдэх кинигэлэри уларсан аахтарара.  Михаил Спиридонович миэхэ эрэнэрин төрүөтэ – аҕам бииргэ иитиллибитинэн убайа, биллиилээх устуорук, этнограф, уһулуччулаах кыраа­йы үөрэтээччи, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи уонна кэннинээҕи саха  чулуу интэлигиэнсийэтин  кытары сирэй билсибит Иван Дмитриевич  Новгородов этэ. Иван Дмитриевич 1899 сыллаах­ха төрөөбүтэ, оҕо сааһыгар төгүрүк тулаайах хаалан баран,  ийэтинэн чугас аймахтарыгар Мигалкиннарга иитиллибитэ.  Иркутскайынан, Москванан   үөрэммитэ. Кулаковскай айар үлэтин туһунан аан бастакынан суруйан, Иркутскайга бэчээттэппитэ.

Нуучча тылыгар уонна литературатыгар Тамара Серафимовна Каратаева, Розалия Унегиновна Унегинова, Нина Ильинична Егорова улуу Пушкин, Лермонтов, Некрасов  айымньыларын ураты салгыннаах тыынын иҥэрбиттэрэ.

Бары сөбүлүүр, таптыыр учууталбыт  Мария Ивановна Захарова,  Николай Петрович Жирков, Мария Васильевна Золотарева төрөөбүт тылбыт баайын,  литературабыт олоҥхоҕо хоһуйуллар Аал Луук мастыы тардар күүстээҕин  дьаныһан туран үөрэппиттэрэ.

Үлэ уруогун киэҥ-холку, сайаҕас майгылаах Николай Иннокентьевич Федоров  (маска уһаныы), Серафима Степановна Уткина (иистэнии)  ыыппыттара.   Эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларбытыгар физкультура учууталлара Прокопий Нифонтович Абрамов уонна кини кэргэнэ Мария Ивановна  элбэх сыраларын-сылбаларын биэрбиттэрэ.

Дьылҕабыт биир киһиттэн эмиэ тутулуктаах…

     Математиканы үөрэппит Татьяна Прокопьевна Аммосова мин олохпор, кэлин Литература институтун поэзия отделениетыгар Иван Гоголев курдук үөрэниибэр (Иван Михайлович Бүлүүтээҕи педучилищены 1949 сыллаах­ха бүтэрээт, литературнайга киирбитэ) өй-санаа өттүнэн көмөлөспүт киһинэн буолар.  Математиканы ыарыр­ҕатарбын билэ-билэ, бу уолтан бэйиэт тахсыа диэн, бары өттүнэн өйөөбүтэ, хонтуруолунай үлэлэргэ, эксээмэннэргэ дьоҕурдаахтарга сыһыаран олордоро.  Токур орто сыана миэхэ сыаналааҕа… баҕалааҕа.

Чороҥ соҕотох биридимиэт­тэн үөрэҕи ылбатах, атыҥҥа ураты дьоҕурдара арыллыбакка хаалбыттар бу олохпутугар баалларын билэбин.  Түһүүлээх-тахсыылаах олохпор Татьяна Прокопьевналыын көрсүбэтэҕим буоллар, ким-­туох буолуохпун билбэппин.  Кэлэн ааһар кылгас олохпутугар дьылҕабыт биир киһиттэн тутулуктааҕын Т.П.Аммосова үтүө холобуругар көрөбүн.  Мин  дьиэ кэргэммэр Татьяна Прокопьевна   өрүү истиҥ тылларынан ахтыллар, махтал үтүөтэ ананар.

Ааспыт сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээбиппит.  Түөрт сыл үөрэнэн бүтэрбит  Бүлүүтээҕи педучилищебыт  эмиэ 100 сыла туолуутун  бэлиэтээһин бы­­йылгы сылга көһөрүллүбүтэ.  Тыһыынчанан ахсааннаах эдэр исписэлиистэр оҕону иитии­гэ олохторун анаа­быттара. Кинилэр ортолоругар бииргэ үөрэммит оҕолорум баалларыттан өрүү киэн туттабын. Хайдахтаах курдук бэйэлэрин идэлэригэр бэриниилээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх преподавателларбытыгар  истиҥ­­ник махтанабыт. Оттон кууруһум оҕолоро майгылара ырааһынан, кэрэҕэ тардыстар сырдык дууһалара уйанынан, эйэҕэһинэн миигин өрүү сөхтөрөллөр. Кинилэр билигин амарах санаалаах эбээлэр, эһээ­лэр. Олоххо үтүө үөрүйэхтэрин   кэнчээри ыччаттарыгар ис сүрэхтэн тарҕата сылдьаллар. Кинилэр бары этэҥҥэ сылдьалларыгар, ыалдьыбаттарыгар-сүппэттэригэр Үтүө Алгыһым тиийиэхтин.

Иван МИГАЛКИН,

СӨ норуодунай бэйиэтэ, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Нам улуустарын Бочуоттаах гражданина, Сергей Есенин аатынан  Норуоттар икки ардыларынааҕы  литература бириэмийэтин  лауреата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: