Салгыы
Санаайа сырдык эйгэтэ

Санаайа сырдык эйгэтэ

07.12.2022, 09:55
Бөлөххө киир:

Өксөкүлээх  Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ХИФУ бэрэпиэссэрэ Галина Попова-Санаайа  «Эпос Олонхо в  культуре саха» диэн монографиятын кинигэтин сүрэхтээтибит.

Санаайаны  билбэт саха суох. Кини ыччаты иитэрин-такайарын таһынан, сахалыы толкуйу тарҕатааччы,  араадьыйа суруналыыһа, бары түмсүүлээх түһүлгэлэрбитин тыыннааччы, кэскиллээх толкуйдарбытын хамсатааччы, өйбүтүн-санаабытын сайыннарааччы сэдэх дьоммутуттан биирдэстэрэ. Мин кинини анал миссияны төрөөбүт омугун туһугар толороору орто дойдуга кэлбит киһинэн ааҕабын.


Галина Семеновна ийэлии сылаас эйгэтин иитигэр сылдьан иитиллэн, сайдан, олоҥхо эҥсэр толкуйун иҥэриммит, сахалыы саҥарбыт, сахалыы тыыммыт бүтүн сүһүөх ыччат дьон олох киин түһүлгэтигэр тахсан иһэрин көрө-билэ сылдьабыт. Идэлэрин ылан культуролог, уһуйааччы, бөлөһүөк, суруналыыс, суруйааччы, толорооччу, олоҥхоһут, оһуокайдьыт буолбут оҕолор бэйэлэрэ эмиэ туспа, киһи кинилэргэ тардыһар, холобур оҥостор эйгэтин тэринэллэр. Санаайа сырдык эйгэтэ ол курдук кэҥээтэр кэҥиир.
Галина Семеновна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олоҥхоһут, сахалыы дорҕоонноохтук саҥарар эдэр дьон баар буолалларын, дьарыктарын бырахпакка сайыннаран иһэллэрин туһугар хас эмит ньымалары «Олоҥхо» ассоциацияны кытта бииргэ үлэлэһэн, саха олоҕор киллэрдэ. Дьэ, бу түһүлгэлэр түмүктэрэ улуу айымньыбыт туругун туругурдар, кэскилин кэҥэтэр.
Монография өбүгэ өйүн-санаатын, айар толкуйун бүгүҥҥү олохпутугар эркээйи оҥостор билиини биэрэр, Киһитийии тыыныгар барыбытын иитэр-үөрэтэр аналлаах буолуохтаах диэн сэрэйэбин.

Санаайаны бу үлэтэ тахсыбытынан биир идэлээхтэрэ, үөрэппит оҕолоро, билим уонна култуура үлэһиттэрэ, суруналыыстар, уопсастыбанньыктар эҕэрдэлээтибит.

Наталья МИХАЛЕВА-САЙА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: