Саҥаны саҕалыыр — хаһан да хойут буолбат
Үгүстэр арыгылааһын уонна табахтааһын содулун чөл олоҕунан эбэтэр успуордунан көннөрүөххэ, толуйуохха сөп дии саныыллар. Ол эрээри, ити санаа төһө оруннааҕый?
Атыннык эттэххэ, куһаҕан дьаллыктары уонна успуордунан дьарыктаныыны дьүөрэлиэххэ сөп дии саныыллар. Дьиҥэр, хайдаҕый? Бу ыйытыыларга биһиэхэ Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын мэдиссиинискэй психолога Светлана Андросова хоруйдаата.
Арыгы киһи этигэр-хааныгар хайдах дьайарый?
Испиирдээх утахтар сүрэх-тымыр систиэмэтигэр ноҕуруусканы биллэ улаатыннараллар -– бэл, сынньалаҥ кэмигэр сүрэх тэбиитэ мүнүүтэҕэ 100-120 тиийэ түргэтиир. Онон, ханнык баҕарар эбии ноҕурууска сүрэх былчыҥа туһаттан тахсарыгар, уопсайынан организм кэмин иннинэ эрдэ «эргэрэригэр» тириэрдэр. Арыгыны сиэрэ суох иһэр киһи сүрэҕэ сыыйа-баайа ноҕуруусканы тулуйбат буолан барар уонна сүрэх ыарыыта сайдыан сөп. Манна өссө организмы барытын сүһүрдэр арыгы токсичнай дьайыытын эбэн кэбиһиҥ.
Табах содула
Табах буруота тыынар уорганнар тиһигин быспакка сүһүрэллэригэр, тымыр кыарыырыгар, бронхикка, сөтөлгө уонна тыҥа функциялара мөлтүүллэригэр тириэрдэр. Ол аата киһи маннык турукка успуордунан дьарыктанарыгар кислород наадалаах кээмэйин ылбат.
Ону таһынан, табах буруотугар былчыҥнарга сөптөөх кислород тиийэрин мэһэйдиир угаардаах гаас баар. Кислород тиийбэтиттэн былчыҥнар толору күүстэринэн үлэлиир кыахтара суох, түргэнник сылайаллар уонна мөлтүүллэр. Успуордунан дьарыктанарга сүрэх түргэнник үлэлиир эрэһиимэ тымыр былчыҥнара эрдэ туһаттан тахсалларыгар эбэтэр өлөрүгэр «көмөлөһөр».
Успуорт арыгыга баттатыыттан тоҕо быыһаабатый?
Успуорт арыгыга баттатыыттан (похмелье) көмөлөһөр диэн санаа баар. Биир өттүнэн ыллахха, бу этии эмиэ да сөптөөх курдук -– эти-сиини актыыбынайдык ноҕуруускалааһын биэсэстибэлэр атастаһыыларын түргэтэтэр уонна организмтан токсиннар түргэнник тахсалларыгар көмөлөһөр. Онтон атын өттүнэн ылан көрдөххө, үлэ маннык көрүҥэ бэйэтэ да арыгыттан сүһүрүүнү утары охсуһарга хаалбыт күүһүнэн үлэлии сатыыр сүрэххэ уонна тымырдарга эбии ноҕуруусканан буолар. Онон, арыгы элбэхтик иһиллибит биэчэрин кэнниттэн эрчиллэр олус кутталлаах. Маннык түгэҥҥэ успуордунан дьарыктанарга бэлэмэ суох киһиэхэ сүрэх таарымтата киириэн сөп. Онон, арыгыга баттатыы кэнниттэн сүүрэ барар олус кутталлаах. Онон, арыгылааһынтан сүһүрүү содулларын успуорт көмөтүнэн суох оҥоро сатыах кэриэтэ, олох да испэтэх быдан ордук.
Куһаҕан дьаллыктартан босхолонорго успуорт хайдах көмөлөһөрүй?
Оттон успуордунан дьарыктаныы куһаҕан дьаллыктары утары охсуһарга олус туһалыыр. Бастатан туран, эти-сиини ноҕуруускалааһын, хамсаныы куһаҕан дьаллыкка тардыһыыттан киһини аралдьыталлар уонна үөрүү дьиҥнээх гормоннара оҥоһуллалларын суотугар настарыанньаны көтөҕөллөр. Хамсаныы-имсэнии токсичнай биэсэстибэлэртэн эмсэҕэлээбит организмы сыыйа-баайа чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөр.
Туохтан саҕалыахха?
Бастатан туран, организм уопсай туругун быһаартарарга мэдиссиинискэй чинчийиини ааһыахха. Иккиһинэн, успуорт ноҕурууската төһө буолуохтааҕын терапевт-быраастан ыйыталаһыахха. Үсүһүнэн, эти-сиини ноҕуруускалыыр успуорт көрүҥүн талыахха, онуоха идэлээх тириэнэри булар өссө туһалаах.
Хайаан да бырааска сылдьан эрэ баран саҕалыыргытыгар сүбэлиибин -– куһаҕан дьаллыктар эн организмҥар туох содулу аҕала охсубуттарын билбэккин.
Эт-сиин ханнык ноҕуруускатын талыахха?
Арыый чэпчэки көрүҥтэн -– хаамыыттан, сүүрүүттэн, харбааһынтан саҕалыыр ордук. Организмы үлэ саҥа көрүҥэр үөрэтэр курдук, эмтиир физкультураттан саҕалыыр ордук. Саҥаны саҕалыыр -– хаһан да хойут буолбат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: