Санаторийга босхо путевканы хайдах ылыахха сөбүй?
Сынньалаҥ хас биирдиибитигэр ирдэнэр – оҕолорго, орто саастаах дьоҥҥо, кырдьаҕастарга. Ыарыһахтарга уонна сорох категория гражданнарыгар судаарыстыба кэккэ чэпчэтиини оҥорор. Холобур, сыл аайы санаторнай-курортнай сынньаныыга босхо путевка көрүллэр. Ким, хайдах маннык путевканы ылыан сөбүй?
Босхо путевка бу бөлөх дьоҥҥо көрүллэр:
— Инбэлииттэргэ;
— Сэрии кыттыылаахтарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр;
— Бойобуой дьайыы кыттыылаахтарыгар, суох буолар түгэннэригэр – дьиэ кэргэттэригэр;
— «Жителю блокадного Ленинграда» уонна «Житель осаждённого Севастополя» бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга;
— ЧАЭС саахалыгар эмсэҕэлээбит дьоҥҥо:
Путевканы Социальнай пуонда нөҥүө хайдах ылыахха сөбүй?
Докумуоннары хомуйан баран “Госуслуги” портал нөҥүө сайабылыанньа түһэрэҕит, уочаракка тураҕыт. Путевка ылыыта биһирэннэҕинэ, эмтиир бырааскытыттан санаторнай-курортнай карта ылаҕыт. Ол кэнниттэн билиэт атыылаһаҕыт – Социальнай пуонда кэнники билиэт сыанатын толору эбэтэр сороҕун уйунар (көрүллэр чэпчэтии көрүҥүттэн тутулуктаах).
⠀
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: