Санаторийга босхо путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Share

Сынньалаҥ киһиэхэ барытыгар – оҕолорго, улахан дьоҥҥо уонна кырдьаҕастарга тэҥинэн наадалаах.

Нэһилиэнньэ араас араҥатыттан чэпчэтиинэн туһанааччылар сыл аайы санаторийга-курортка путевканы босхо туһанар бырааптаахтар. Ону хайдах ылылларый?

Босхо сынньалаҥ көрүллэр: ⠀

-Инбэлииттээх дьоҥҥо;

-Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл үлэһиттэригэр;

-Байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр, өлбүт буоллахтарына – дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр;
“Блокадалаах Ленинград олохтооҕор” уонна “Төгүрүктэммит Севастополь олохтооҕо” бэлиэлэринэн  наҕараадаламмыттарга;
-Чернобыллааҕы атомнай электростанцияҕа саахалга эмсэҕэлээбиттэргэ.


Социальный пуонда нөҥүө путевканы хайдах ылыахха:

⠀- Докумуоннаргытын хомуйан,  “Судаарыстыба өҥөтө” порталга,  социальнай пуонда отделениетыгар эбэтэр Элбэх хайысхалаах кииҥҥэ (МФЦ) сайабылыанньаҕын ыыт — эйигин уочаракка туруоруохтара;
-путевка биэрэллэрэ бигэргэннэҕинэ, бырааска тиийэн санаторий-курорт каартатын толортор;

-ол кэнниттэн сынньана барыахтаах сиргэр билиэккин  ылыаххын сөп.

Социальнай пуонда чэпчэтии көрүҥүттэн көрөн, билиэт сыанатын толору эбэтэр сорҕотун толуйар.

Бохсо путевканы Мэдиссиинэ булгуччулаах страховкатын полиһынан ылыахха эмиэ сөп (ыараханнык ыалдьыбыт эбэтэр эпэрээссийэлэммит, доруобуйаҕын чөлүгэр түһэрэргэ наадыйар буоллаххына). Онуоха терапевт-быраастан санаторийга эмтэнэ бараргын бигэргэтэр суругу ылыахтааххын уонна быраас хамыыһыйатын ааһыахтааххын, түмүк быһаарыыны күүтүөхтээххин.

Сынньана барарга направлениены уочаратынан биэрэллэр. Ханнык эмэ ыарыыта сытыырхайбыт киһиэхэ путевканы үтүөрүөр диэри биэрбэттэр.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
3
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

7 часов ago