Хаартыска: Sportyakutia.ru саайтан.
Турцияҕа эр дьон уонна дьахталлар ортолоругар 64-дуобакка Европа чөмпүйэнээтэ буола турар.
Чөмпүйэнээт үс бырагырааманан ыытыллар: классическай, түргэн уонна чаҕылҕанныы. Континенальнай чөмпүйэнээккэ Арассыыйа састаабыгар киирэн хас да спортсмеммыт кытта сылдьар: Колесов Гаврил, Гуляев Николай, Егоров Айсен, Апросимова Сандаара, Федорова Тунаара, Сергеева Нарыйаана, Большакова Алена, Никанорова Юлия, Колодезникова Альбина.
Бэҕэһээ, муус устар 17 күнүгэр, классическай бырагыраама түмүктэммитэ. Апросимова Сандаара классическай бырагыраамаҕа 64-дуобакка Европа чөмпүйүөнүнэн буолла. Инньэ гынан, Сандаара сахалартан бастакынан Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ буолла!
Эрдэтээҥи түһүмэххэ Сандаара эрэллээхтик 1 миэстэни ылбыта. Финальнай чааһыгар олимпийскай систиэмэнэн оонньообуттара. Сандаара финал чиэппэригэр Турцияттан сылдьар аан дойдутааҕы гроссмейстеры Дарья Федоровиһы, финал аҥарыгар Беларусь аан дойдутааҕы маастарын Мария Таранинаны, финалга Арассыыйа гроссмейстерын Жанна Саршаеваны кыайталаата.
Сандаара Апросимова 18 саастаах, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физкультураҕа уонна спорка институтун 1 кууруһун устудьуона. Спортсменка оҕо эрдэҕиттэн тириэньэр Иван Павлов салалтатынан дуобакка оонньуура. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Саха сирин, Арассыыйа, Европа, аан дойду араас чемпионаттарыгар кыттан кыайара, былырыын дьахталлар ортолоругар дойду, Европа, аан дойду чөмпүйүөнүнэн буолбута. Быйыл кини континеҥҥа саамай күүстээхтэрэ буоларын өссө төгүл бигэргэттэ.
Эр дьон ортотугар классическай дуобакка Европа чөмпүйүөнүнэн Санкт-Петербург эдэр дуобатчыта Роман Щукин буолла.
Бүгүн Турцияҕа түргэн бырагыраама чөмпүйэнээтэ буолар, сарсын чаҕылҕанныы бырагырааманан киирсиэхтэрэ, диэн иһитиннэрэр Sportyakutia.ru.
Баһылайаптар оҕолоро улаатан, бары киэҥ сиринэн тэлэһийэн, дойдуларыгар да кэлбэт-барбат буоллулар. Икки этээстээх дьиэлэрэ, бэл,…
Бүгүн Саха сиригэр Ийэ күнэ. Орто дойдуга кыыс оҕо буолан айыллан кэлэн, кэргэн тахсан уоллаах…
Тыа сиригэр кэлиҥҥи сылларга араас социальнай суолталаах тутууну тэҥэ устуоруйаны үйэтитэр араас пааматынньыктар, искибиэрдэр тутуллаллар.…
Светлана Свинобоева – элбэх оҕолоох ийэ, бэйэ дьыалатын сайыннарар урбаанньыт. Кини аныгы үйэ дьахталларыттан уратыта…
Дьокуускай, Нерюнгри уонна Мииринэй куораттарга хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдиир пууннар РФ Оборуона министиэристибэтин кытта…
Саха сиригэр Ийэ күнүн көрсө Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин "Угуйаан" култуура киинигэр күн күбэй ийэлэрбитигэр,…