Сангаар бөһүөлэгэр сыбаайаҕа турар оҕо былаһаакката тутулунна
Кэбээйи улууһун Сангаар бөһүөлэгэр эргэ сыбаайалаах хонуу турбут сиригэр саҥа оҕо былаһаакката баар буолла диэн Ил Дархан иһинэн Архитектура уонна куорат тутуутун управлениета иһитиннэрдэ.
Бу “База 14” архитектурнай бюро бырайыагынан тутуллубут иккис эбийиэк буолар. Сыбаайаҕа турар бастакы былаһаакка 2022 с. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр тупсарыллыбыта.
Сангаар бөһүөлэгэр баар былаһаакка “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак “Куоракка табыгастаах эйгэни үөскэтии” федеральнай бырайыагын чэрчитинэн тутулунна.
2024 с. Саха сиригэр барыта 24 уопсастыбаннай былаһаакка “Куоракка табыгастаах эйгэни үөскэтии” бырайыагынан тупсарыллыбыта.
Ил Дархан иһинэн Архитектура уонна куорат тутуутун управлениета бэлиэтээбитинэн, 2025 сылга өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна сэлиэнньэлэригэр 25 сир тупсарыллара былааннанар. Олортон биэһэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка киирэр эрэгийиэннэр икки ардыларыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы тупсарыы бастыҥ бырайыактарын куонкуруһун 3-с түһүмэҕин кыайыылаахтара буолаллар. Бу Томмот кытылын үрдэ, Өлүөхүмэтээҕи “На рубеже веков” искибиэр, Аллараа Бэстээххэ Киин паарка (1 уочарата), Хаандыгаҕа кытыл үрдэ уонна Амма сэлиэнньэтигэр баар мини-паарка, диэн иһитиннэрэр ИЛ Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: