Сангаарга 63 кыбартыыралаах таас дьиэ үлэҕэ киирдэ
Сэтинньи 29 күнүгэр Кэбээйи улууһун киинигэр Сангаар бөһүөлэгин дьонугар-сэргэтигэр үөрүүлээх күн тосхойдо.
Ол курдук “Олорор сир уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагырааманан Сангаар бөһүөлэгин Киров уулуссатын 1А нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 63 кыбартыыралаах таас дьиэ аанын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Олохтоох алгысчыт Семен Евсеев алҕаабытын кэннэ, Кэбээйи улууһун дьаһалтатын аатыттан баһылык солбуйааччыта Александр Сивцев, Сангаар бөһүөлэгин баһылыга Николай Попов тыл эттилэр. “СахастройГрупп” ХЭТ прорабыгар Максим Макаровка, Александр Сидоровка, Николай Сидоровка, Олег Кургановка бочуотунай грамота уонна бэлэх туттардылар. Салгыы Максим Макаров улахан күлүүһү Сангаар бөһүөлэгин баһылыгар туттарда. “СахастройГрупп” генеральнай дириэктэрин Иван Федулов аатыттан байыаннай дьайыыга сылдьар саллаат ийэтигэр Людмила Прокопьевна Муксуноваҕа киирэ түһүүгэ ууруллар ыскаабы биэрдэ.
Долгутуулаах быһыыга-майгыга Николай Попов дьиэ хаһаайыттарыгар күлүүстэрин туттартаата. Саҥа дьиэ хаһаайыттарын аатыттан Любовь Анатольевна Захарова тыл эттэ.
Дьиэҕэ киирэргэ кыһыл лиэнтэни Александр Сивцев, Николай Попов, Максим Макаров, оттук уонна уунан хааччыйар бэдэрээтчит Николай Антонов, саҥа дьиэ олохтоохторун аатыттан Любовь Захарова кырыйдылар.
Иван Софронов-Сандал
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: