Санита Ай: «Дойдубутун көмүскүү сылдьар уолбутунан киэн туттабыт»
Саха эстрадатын ырыаһыттара Санита Ай уонна Эрхаан улахан уоллара байыаннай эпэрээссийэҕэ Украинаҕа сылдьар.
Төрөппүттэр дойдуга бэриниилээх, эр санаалаах уолу иитэн таһаарбыттарынан киэн тутталлар.
Айтал – ыал улахан оҕото. Сааһа 23. Оҕо сааһыттан байыаннай буолуон баҕарар эбит. Кини кыра сааһыттан төрөөбүт дойдуну көмүскүүр күн тирээтэҕинэ көмүскүөм диэн эппит тылын билигин толоро сылдьар. Ийэтэ Софья Николаева-Санита Ай этэринэн, Айтал байыаннай суһал эпэрээссийэҕэ номнуо иккиһин барбыт.
— Биһиги уолбут байыаннай буолуон баҕарар этэ. Бу сыл тохсунньутугар кини Беларусь Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэнэ барбыта. Байыаннай суһал эпэрээссийэ саҕаламмытыгар уһуннук толкуйдуу барбакка, тута Украинаҕа айаннаабыта. Ийэ быһыытынан долгуйабын, ол эрээри уолбут быһаарыныытын убаастыыбыт.
Ырыаһыт Санита Ай бу уустук кэмҥэ түмсүүлээх уонна дойдуну көмүскүү барбыт дьоммутугар өйөбүл буоларга ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: