Санита Ай уонна Эрхан «Талааннаах ыал» кыайыылаахтарынан буоллулар

Share

Ахсынньы 3 күнүгэр Москваҕа оҕо музыкальнай тыйаатырыгар «Аҕа дойду көмүскэлин ыала» бириэмийэ чэрчитинэн дьоруойдар байыастарын дьиэ кэргэттэрин үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

«Талааннаах ыал» номинация кыайыылааҕынан Санита Ай уонна Эрхан Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ буоллулар.

«Биһиги улахан дойдубутуттан баара-суоҕа 10 ыал талылынна, кинилэр ортолоругар биһиги — Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ. Олус үөрдүбүт, баччааҥҥа диэри итэҕэйбэккэ сылдьабыт… Эстрада тыйаатырыгар, мэлдьи биһигини өйүүр дириэктэргэ Татьяна Чаранскаяҕа улахан махталбытын биллэрэбит. Бу кыайыыны Аҕа дойду көмүскээччилэрин дьиэ кэргэттэригэр аныыбыт. Биһиги уолаттарбыт, бырааттарбыт, ыал аҕалара доруобай, этэҥҥэ эргиллэн төннөллөрүгэр баҕарабыт», — диэтэ Санита Ай.

Куонкуруска дойду үрдүнэн байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин дьиэ кэргэттэрэ бары кэриэтэ кытыннылар. Бириэмийэни 10 номинациянан туттардылар. Кинилэр ортолоругар «Военная династия», «Спасая жизни», «Наследники Великой Победы», ону кытта «Семейная история о любви» номинациялар.

Санатан эттэххэ, бириэмийэни «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда тэрийбитэ. «Наша семья – наша Победа» бырайыак чэрчитинэн тэлэбиидэнньэнэн уонна эрэгийиэннээҕи СМИ-нэн алта ый устата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ таптал холобурунан буолар, олоххо көхтөөх уратылаах дьон-сэргэ туһунан кэпсээбиттэрэ.

What’s your Reaction?
+1
23
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

19 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

1 час ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

13 часов ago