Санкт-Петербурдааҕы Антропология уонна этнография музейын сахалыы хомустара

Share

2023 сыллаахха Хомус түмэлэ тэрийэн ыыппыт Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр Санкт-Петербург Кунсткамератын старшай хранителэ, устуоруйа билимин хандьыдаата Владимир Антониевич Кисель кыттыбыта. Кини Кунсткамераҕа хараллан сытар саха хомустарын туһунан олус интэриэһинэй дакылааты иһитиннэрбитэ.

Санкт-Петербурга 1714 сыллаахха Кунсткамера аһыллыаҕыттан, Сибиир норуоттарын олохторун-дьаһахтарын, үгэстэрин көрдөрөр кэллиэксийэ мунньуллан барбыта. Кунсткамераҕа мунньуллубут урукку маллар билигин Антропология уонна этнография музейын (АЭМ) бас билиитигэр бэриллибиттэрэ. АЭМ кэллиэксийэтин пуондатын сүрүн малларынан Саха сириттэн хомуйуллубут 30 000 тахса мал-сал  норуот олоҕун-дьаһаҕын толору кэриэтэ көрдөрөллөр. Ол эрээри, саха муусукатын үстүрүмүөннэрэ олус аҕыйахтар. Холобур, саха хомуһун кэллиэксийэтигэр уонча эрэ хомус баар.

Биллэрин курдук, хомус – бу былыргы муусука үстүрүмүөннэриттэн биирдэстэрэ буолар. Анал үөрэхтээхтэр этэллэринэн, хомус щипковай идиофон көрүҥэр киирэр, ол эбэтэр, үнүстүрүмүөн тыаһа салгын хамсыырыттан тахсар буолбакка, бэйэтэ илигириириттэн үөскүүр тыастаах үстүрүмүөннэргэ киирсэр.

Аан дойду үрдүнэн хомус араас көрүҥэ баар. Саамай элбэхтик Евразияҕа көстөр (Ближнэй Востогу киллэрбэккэ туран). Хомус саха култууратыгар, итэҕэлигэр, ойууннааһыҥҥа туттуллар сүрүн тэрил быһыытынан биллэр. Саха хомуһун арааһа элбэх эрээри, АЭМ-гар тимиртэн таптайыллыбыт хомустар хараллан сыталлар. Кинилэр бары дуҕалыы быһыылаахтар, тыллаахтар. Хомустар уһуннук-киэҥник туттулла сылдьыбыт буолан, эргэлэр, аалыллыбыттар.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейын хаартыската. Р.К. Маак.

Кунсткамераҕа саамай бастакы хомус 1891 сыллаахха туттарыллыбыт. Бу хомуһу Императорскай Нуучча Географическай уопсастыбата (ИРГО) туттарбыт. Хомус саха-тоҥус кэллиэксийэтигэр киирэр. Маллары естественнэй билим хандьыдаата Рихард Карлович Маак (1825-1886) Бүлүү уокуругун устун сылдьыбыт эспэдииссийэтиттэн (1853-1855) аҕалан туттарбыт (1-кы хаартыска). Маак  эспэдииссийэ чинчийиитин туһунан 3 туомнаах кинигэтин биир туомун Бүлүү этнографиятыгар анаабыт уонна 1887 сыллаахха бэчээттэтэн таһаартарбыт. Р.К. Маак Географическай уопсастыбата туруорсуутунан, Сибэтиэй Владимир 4-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыт.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейын хаартыската. Р.К. Маак туттарбыт хомуһа.

Р.К. Маак туттарбыт хомуһун араамата лотуунтан, тыла тимиртэн охсуллубуттар. Тиэрбэһэ төгүрүк быһыылаах, ии эҥэрдэрин аайы 2-лии уһуктаах чорбохтор уонна тиэрбэс төрдүгэр элиэ кутуругунуу (трапециялыы) быһыылаах тумустаах*.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейын хаартыската. И.В. Шкловскай.

Маак кэнниттэн, сыл буолан баран, Исаак Владимирович Шкловскай (1864-1935) өссө биир хомуһу туттарбыт. Кини 1886-1892 сылларга норуот хамсааһыныгар кыттан**, Орто Халымаҕа сыылкаҕа утаарыллыбыт. Шкловскай кэлин биллиилээх этнограф, Дионео диэн хос аатынан бэчээттэнэр суруйааччы буолбут. 1889 сыллаахха, Шкловскай Орто Халымаҕа олорор кэмигэр, В.Г. Богораз сыылкаҕа тиийбит. Богораз кэлин этнографияны чинчийэр Петроградскай-Ленинградскай оскуоланы тэрийбит. Шкловскай Богораһы кытта билсиһиитэ олохтоох норуоттар үгэстэрин чинчийэргэ уонна кэллиэксийэ хомуйарга тирэх буолбут буолуон сөп.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейын хаартыската. И.В. Шкловскай туттарбыт хомуһа.

И.В. Шкловскай туттарбыт хомуһа (2-с хаартыска) бүтүннүү ыстаалтан тапталлан оҥоһуллубут. Тиэрбэһэ төгүрүк быһыылаах.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. М.Я. Кожевников.

1910 сыллаахха байыаннай картограф уонна геодезист идэлээх Кожевников Михаил Яковлевичтан (1870-1942) АЭМ-га үс хомус киирбит (3-с, 4-с, 5-с хаартыскалар).  Хомустар, арааһа, Нуучча Географическай уопсастыбата тэрийэн ыыппыт Хатангатааҕы эспэдииссийэтин*** кэмигэр хомуллубут буолуохтарын сөп. М.Я. Кожевников бу чинчийиитин иһин Нуучча Географическай уопсастыбатын кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Кожевников өлбүтүн кэннэ, Лаптевтар муораларын биир кыра хомотугар, бөһүөлэгэр уонна чочумаас хайатыгар кини аатын иҥэрбиттэр.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. М.Я. Кожевников туттарбыт хомустара.

М.Я. Кожевников туттарбыт хомустарын быһыылара-таһаалара биирдиҥилэр, тиэрбэстэрэ төгүрүктэр, кээмэйдэринэн эрэ араастаһаллар. Хомустар хаппаҕа суох мас хаалаахтар. Икки бастакы хаа алын өттүгэр тирии быаны баайарга аналлаах чороҕордоохтор. Биир хаа чороҕоругар тирии быа баайыллыбыт, иккис хаа чороҕоро киэргэл быһыытынан оҥоһуллубутугар сөп. Бу хаа кэтэх өттүгэр киһи төбөтө быһаҕынан кыһан ойууламмыт, сурааһыннар тардыллыбыттар, «О» (?), «Н», «С», «К» буукубалар кыһыллыбыттар (6-с хаартыска).

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. Хомус ойуулаах хаата.

1912 сыллаахха АЭМ-га Заболоцкая Наталья Евгеньевнаттан биир хомус киирбит (7-с хаартыска). Н.Е. Заболоцкая кимин-тугун туһунан суруйуу суоҕун кэриэтэ. Хомус докумуонугар суруллубутунан, кини Санкт-Петербурдааҕы Стебутовскай дьахталлар үрдүкү тыа хаһаайыстыбаларын кууруһун истээччитин быһыытынан бэлиэммит. Тыа хаһаайыстыбатын кууруһун бастакы дириэктэрин, сир оҥоһуутун бөдөҥ исписэлииһин И.А. Стебута аата 1922 сыллаахха иҥэриллибит. Куурус кэлин Петроградтааҕы тыа хаһаайыстыбатын үнүстүүтүн кууруһун кытта силлиспит. Архыып докумуона этэринэн, куурус истээччитинэн «Наталья Евсеевна Заболоцкая сырытта» диэн бэлиэтэммит. Онон, хомус докумуонугар туттарааччы аата алҕас суруллубут буолуон сөп.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. Н.Е. Заболоцкая туттарбыт хомуһа.

Бу хомус бүтүннүү тимиртэн тапталлан оҥоһуллубут, хаппаҕа суох мас хааҕа угуллубут. Хомус элэйбититтэн сылыктаатахха, балачча уһуннук туттулла сылдьыбытыгар сөптөөх. Хаата саҥатык көрүҥнээх, Кунсткамераҕа туттарыах эрэ иннинэ  оҥоһуллубут буолуон сөп курдук.

1920-тан-1930-с сыллар саҥаларыгар диэри киэҥ далааһыннаах эспэдииссийэлэр тэриллэн ыытыллыбыттарын түмүгэр түмэллэргэ араас элбэх маллар туттарыллыбыттар. Билим литэрэтиирэтигэр бу кэрчик «чинчийэр ыарыы кэмэ» диэн сөптөөхтүк ааттаммыт (Степанова, 2016, 226 с.). Саха АССР-ы чинчийэн үөрэтэр хамыыһыйа (КЯР)**** АЭМ-гар 3 хомуһу туттарбыт. КЯР 1925-тан 1930 сылга дылы үлэлээбит.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. П.А. Дрягин.

Павел Амфилохиевич Дрягин салайааччылаах Ленскэй ихтиологическай этэрээтэ 2 хомуһу туттарбыт. П.А. Дрягин кэлин биология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, РСФСР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ буолбут, «Ленин», «Бочуот знага» уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Ихтиологияҕа киллэрбит үтүөтүн учуоттаан, күүччэҕэ (куунса, сыбаакка) (арктический голец Дрягина), үрүҥ балыкка (малоротая корюшка Дрягина)  кини аата иҥэриллибит. Ленскэй этэрээт туттарбыт бастакы хомуһун тиэрбэһэ төгүрүк быһыылаах (8-с хаартыска).

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. П.А. Дрягин салайбыт Ленскэй этэрээтэ туттарбыт бастакы хомуһа.

П.А. Дрягин туттарбыт иккис хомуһун тиэрбэһэ ньолбоҕордуҥу быһыылаах буолан, башкирдар, татаардар кубызтарыгар уонна алтаайдар комустарыгар атылыы (9-с хаартыска).

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. П.А. Дрягин салайбыт Ленскэй этэрээтэ туттарбыт иккис хомуһа.

Үөһээ Дьааҥы этнографическай этэрээтин салайааччыта, этнограф уонна лингвист идэлээх Дмитрий Дмитриевич Травин (1889-1942) хаппаҕа суох мас хаалаах хомуһу (10-с хаартыска) туттарбыт. Бу эспэдииссийэҕэ кини бииргэ төрөөбүт убайын, кэлин биллиилээх ойууһут буолбут Николайы кытта бииргэ үлэлээбиттэр. Хомус тиэрбэһэ төгүрүк быһыылаах. Хаатын аҥаарыгар диэри лабархай симиллибит. Арааһа, хомуһу харыстыыр аналлаах буолуон сөп. Хомуһу өссө бөҕөтүк туттарарга анаан, хаатыгар кыһыл дьүһүннээх таҥас кырадаһына баайыллыбыт.

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. Д.Д. Травин.
Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. Д.Д. Травин салайбыт Үөһээ Дьааҥы этэрээтин хомуһа.

Антропология уонна этнография музейыгар хараллан сытар хомустар манан бүтэллэр. Ол эрээри, өссө биир хомуһу саха хомустарын бөлөҕөр киллэрэр сөптөөх. 2004 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай үнүбэрсиэт этнографияҕа хаапыдыратын уһуйааччылара уонна устудьуоннара биир хомуһу  туттарбыттар (11-с хаартыска).

Хаартыска: Антропология уонна этнография музейа. СПбГУ Этнография хаапыдырата уһуйааччылара уонна устудьуоннара туттарбыт хомустара.

Бу хомус тимиртэн оҥоһуллубут, хаппаҕа суох мас хаалаах. Хомуһу хантан аҕалбыттара, булбуттара биллибэт эрээри, быһыыта-таһаата сахатыҥы буоларынан, Саха сириттэн аҕалыллыбыт диэн сабаҕаланар.

Түмүктээн эттэххэ, Антропология уонна этнография музейын хомустара балачча былыргылар, XIX үйэ бүтүүтэ — XX үйэ бастакы аҥаарыгар оҥоһуллубуттар. Бу хомустары сэбиэскэй уонна Арассыыйа билимин биллэр-көстөр ааттаах-суоллаах учуонайдара хомуйбуттар.

Хос быһаарыы:

* И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан этэринэн, маннык хомуһу «ынах хомус» диэн ааттыыллар.

** XIX үйэ ортотугар Арассыыйа араас интэлигиэннэрин ортотугар норуокка чугас буолуу идиэйэтин тутуспут түмсүү.

*** Хатангатааҕы эспэдииссийэ 1904-1909 сылларга Турухан Ессей күөлүттэн Анаабыр өрүһүгэр диэри чинчийбит.

**** КЯР — Комиссия по изучению Якутской АССР. Саха АССР Бырабыыталыстыбата ССРС Наукатын Акадьыамыйатыттан көрдөһүүтүнэн, Саха АССР-ы  чинчийэн үөрэтэр хамыыһыйа 1924 с. муус устар 4 күнүгэр тэриллибит. Хамыыһыйа 1931 с. сабыллыбыт.

 Кия Павловна АММОСОВА, Хомус түмэлин билимҥэ уонна сырдатар үлэҕэ мэтэдииһин көҥүл тылбааһа.

Хаартыскалар: К.П. Аммосова тиксэриитэ. 

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ «Аһаҕас аан күнүн» ыыталлар

Бу күннэргэ Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа Аллайыаха улууһунааҕы 1 №-дээх баһаарынай чааһыгар уонна Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕолорго аналлаах «Ытык күөл кистэлэҥэ» аудиокинигэ таҕыста

В.Г. Белинскэй аатынан краеведческай бибилэтиэкэҕэ эко-фэнтези талааннаах ааптара Анастасия Дарбасова-Данилова «Ытык күөл кистэлэҥэ» («Тайна священного…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕолорго «ЗИМАFEST» тэрээһин ыытыллыа

 Сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр, «Саҥа дьыл Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, аан бастаан «ЗИМАFEST» тэрээһин…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тымныы полюһун Чысхаана Москваҕа Елена Малышева биэриитигэр кыттыыны ылла

Бу күннэргэ Тымныы  хаһаайына Чысхаан Тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн айанаан, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа тиийэн Пиэрибэй…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сахалыы  сайаҕастык саҥаны иһиттэхтэринэ, сүргэлэрэ көтөҕүллэр, харахтара сырдыыр

Бүлүү дэлэгээссийэтин кытта байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмө илдьиһэн иһэн, бириэмэ көстүбүччэ, Москваҕа Саха…

42 минуты ago
  • Сонуннар

Сылыбыр Мааппа уонна киһи билбэт кистэлэҥнэрэ

Бүлүүчээҥҥэ биирдэ сылдьыбыт киһи кэрэ айылҕатыгар, үтүө-мааны дьонугар абылатан тиийэн кэлэ турар эбит. Бу манна…

44 минуты ago