Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Санкт-Петербургтан Дьокуускайга көтөн испит сөмөлүөккэ биир пассажир илиигэ тутуллар суумкатыгар угулла сылдьар пауэрбаан умайда.
Быһылаан кэмигэр дьахтар уокка салатан ылла.
Быһылаан “Якутия” авиахампаанньа сөмөлүөтүгэр таҕыста. Пауэрбааҥҥа кылгас замыкание буолбутуттан сылтаан салоҥҥа буруо тахсыбыт уонна көбүөр сабыы ууллубут. Тэрили биир пассажир илиигэ тутуллар суумкатыгар укта сылдьыбыт.
“Улахан содуллаах дьыала тахсыбатын туһуттан сөптөөх дьаһаллары ыла охсубуппут. Сөмөлүөт штатнай эрэһииминэн көтөн испитин курдук көппүтэ, Дьокуускай аэропуордугар этэҥҥэ түстүбүт”, — диэн биллэрдэ “Якутия” авиахампаанньа.
Быһылаан түмүгэр биир пассажир эмсэҕэлээбит. Дьахтар уокка сиэппит. Аэропорт медпууна киниэхэ суһал көмө биригээдэтин ыҥырбыттар.
“Сарсыарда 5 чааска уокка сиэппит дьахтар көмөҕө наадыйбыта. Бастааҥы көрүү уонна мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллубутун кэннэ ыарыһаҕы дьиэттэн сылдьан эмтэниигэ ыыттыбыт. Туруга этэҥҥэ”, — диэн ЯСИА-ҕа иһитиннэрдэ СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ.
Тырааныспар борокуратуурата ЯСИА-ҕа эппитинэн, умайыы тахсыбыт төрүөтүнэн сөмөлүөккэ бэрэбиэркэ ыытыллар.
Соторутааҕыта Саха сириттэн 200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Ол…
Бүгүн Тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна Эколог күнүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук,…
Быйыл Ил Дархан "Үлэ киһитэ" бириэмийэтин 50 киһи ылары ситистэ. Сунтаар Элгээйититтэн үлэ киһитэ Раиса…
Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн, Саха сиригэр мэдиссиинэ бөдөҥ эбийиэктэрэ тэтимнээхтик…
Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын федеральнай эриэйтинигэр Саха сирэ быйыл Арассыыйаҕа 72-с миэстэттэн 24-с миэстэҕэ тахсыбыт.…
Бэс ыйын 5 күнэ - Аан дойдутааҕы айылҕа харыстабылын күнэ. ХНТ Генеральнай Ассамблеята бу күн…