Санкт-Петербург исписэлиистэрэ Саха сирин эмчиттэрин үөрэтиэхтэрэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Арассыыйа Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин Оҕо травматологиятыгар уонна ортопедиятыгар Турнер аатынан НМИЦ сүрүн исписэлиистэрин кытары көрүстүлэр.
Дэлэгээссийэ састаабыгар м.н.д, бэрэпиэссэр, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, НМИЦ дириэктэрэ Сергей Валентинович Виссарионов салайааччылаах травматолог-ортопедтар бөлөхтөрө баар.
Дэлэгээссийэ кэлиитин сүрүн соруга – Саха сирин мэдиссиинэтин исписэлиистэригэр оҕо травматологиятыгар уонна ортопедиятыгар маастар-кылааһы, үөрэх кууруһун ыытыы.
«Биһиги кэнники 5 сылга өрөспүүбүлүкэ 1500 тахса оҕотугар сүбэ-ама биэрдибит уонна 450-тан тахса оҕону эпэрээссийэлээтибит. Эпэрээссийэлэр улахан аҥаардара мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүгэр сыһыаннаахтар. Биһиги билигин ортопедия ыарыылаах уонна эчэйиилээх ыарыһахтары быһаарыы уонна эмтээһин ньыматын боппуруостарыгар аналлаах үөрэх тэрээһиннэрин ыытаары улахан бөлөҕүнэн кэллибит. Эһиги эрэгийиэҥҥит исписэлиистэрэ бу кууруска ылбыт билиилэрэ сотору кэминэн быраактыкаҕа туттуллуоҕар эрэнэбит”, — диэтэ Сергей Виссарионов.
“Биһиги оҕо травматологиятын уонна ортопедиятын сүрүн НМИЦ улуустарга мобильнай биригээдэлэр көһө сылдьар үлэлэригэр анаммыт бырайыагы өйүүргэ бэлэмнэриттэн олус үөрдүбүт. Бииргэ үлэлээһиммит туһалаах уонна түмүктээх буоларыгар эрэллээхпин”, — диэтэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: