Санкт-Петербург исписэлиистэрэ Саха сирин эмчиттэрин үөрэтиэхтэрэ

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Арассыыйа Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин  Оҕо травматологиятыгар уонна ортопедиятыгар Турнер аатынан НМИЦ сүрүн исписэлиистэрин кытары көрүстүлэр.

Дэлэгээссийэ састаабыгар м.н.д, бэрэпиэссэр, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, НМИЦ дириэктэрэ Сергей Валентинович Виссарионов салайааччылаах травматолог-ортопедтар бөлөхтөрө баар.

Дэлэгээссийэ кэлиитин сүрүн соруга – Саха сирин мэдиссиинэтин исписэлиистэригэр оҕо травматологиятыгар уонна ортопедиятыгар маастар-кылааһы, үөрэх кууруһун ыытыы.

«Биһиги кэнники 5 сылга өрөспүүбүлүкэ 1500 тахса оҕотугар сүбэ-ама биэрдибит уонна 450-тан тахса оҕону эпэрээссийэлээтибит. Эпэрээссийэлэр улахан аҥаардара мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүгэр сыһыаннаахтар. Биһиги билигин ортопедия ыарыылаах уонна эчэйиилээх ыарыһахтары быһаарыы уонна эмтээһин ньыматын боппуруостарыгар аналлаах үөрэх тэрээһиннэрин ыытаары улахан бөлөҕүнэн кэллибит. Эһиги эрэгийиэҥҥит исписэлиистэрэ бу кууруска ылбыт билиилэрэ сотору кэминэн быраактыкаҕа туттуллуоҕар эрэнэбит”, — диэтэ Сергей Виссарионов.

Биһиги оҕо травматологиятын уонна ортопедиятын сүрүн НМИЦ улуустарга мобильнай биригээдэлэр көһө сылдьар үлэлэригэр анаммыт бырайыагы өйүүргэ бэлэмнэриттэн олус үөрдүбүт. Бииргэ үлэлээһиммит туһалаах уонна түмүктээх буоларыгар эрэллээхпин”, — диэтэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура

Михаил Лукачевскай «Бастыҥ продюсер» аатын ылла

Режиссер Михаил Лукачевскай Казань куоракка буолбут "Союз" эрэгийиэннээҕи киинэ бэстибээлигэр "Бастыҥ продюсер" аатын ылла. Бу…

10 минут ago
  • Сонуннар

«Архиграф» бырайыак мастарыскыайа «Эйгэ-2024» бириэмийэ партнера

«Архиграф» бырайыактыыр мастарыскыай хаачыстыбалаах, эрэллээх аныгылыы уонна табыгастаах олорор дьиэлэри оҥорор диэн Саха сирин архитектураҕа…

26 минут ago
  • Бэрээдэк

ВИДЕО: Дьокуускайга сылаас тохтобул аанын оҕолор алдьаппыттара билиннэ

Дьокуускай Гагаринскай уокуругар баар сылаас тохтобуллартан биирдэстэрин кимнээх урусхаллаабыттарын полиция быһаарда. Бу туһунан Уопсастыбаннай сирдэр…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары тутардылар

Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ»

Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

2 часа ago