Санкт-Петербурга “Арассыыйа уонна Африка” саммита саҕаланна

Share

Бүгүҥҥүттэн Санкт-Петербург куоракка “Арассыыйа уонна Африка” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы иккис саммит үлэтин саҕалаата. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, бу көрсүһүү Арассыыйа Африка дойдуларын кытары үлэлэһиитигэр биир сүрүн далаһа буолар.

“Арассыыйа уонна Африка” бастакы саммита 2019 сыллаахха Сочига ыытыллыбыта. Манна дойдулар икки ардыларыгар үлэлэһиигэ декларация ылыныллыбыта. Ол чэрчитинэн экэниэмикэҕэ, култуураҕа, наукаҕа бырамыысыланнаска, энергетикаҕа, о.д.а. эйгэлэргэ араас өрүттээх үлэлэр бараллар. Үлэлэри ыытыыга форум уонна дойдулар бырабыыталыстыбаларын таһымнарыгар хамыыһыйалар тэриллибиттэрэ.

От ыйын 26 күнүгэр Владимир Путин Эфиопия уонна Египет салайааччыларын кытары көрсүбүтэ. Бүгүн экэниэмикэҕэ уонна гуманитарнай боппуруостарга анаммыт форум ыытыллыаҕа. От ыйын 28 күнүгэр саммит сүрүн пленарнай мунньаҕа буолуоҕа. Быйылгы мунньахха дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга, судаарыстыбалар икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны олохтооһуҥҥа, экэниэмикэлэри хардарыта сайыннарыыга болҕомтолорун уурдулар.

Саммикка Африка 54 дойдутуттан 49 дойду кыттыаҕа. Ол иһигэр 17 судаарыстыба салайааччылара бэйэлэринэн кыттыахтара. Ону таһынан биэс дойду вице-премьерэ, түөрт дойду бырабыыталыстыбаларын салайааччылара кытта сылдьаллар.

Бу көрсүһүүгэ биир сүрүн миэстэни үрдүк үөрэх кыһаларын кэпсэтиилэрэ ылыаҕа. Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, билигин Арассыыйаҕа Африка дойдуларыттан 35 тыһыынчаттан тахса устудьуон Арассыыйа үрдүк үөрэхтэригэр үөрэнэ сылдьар. Ити иһигэр алта тыһыынчаттан тахса устудьуон Арассыыйа анал истипиэндьийэтин ылар. Саммикка Саха сириттэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет дэлэгээссийэтэ кытта сылдьар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

6 часов ago