Санкт-Петербурга Семен Новгородов аатынан искибиэргэ өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолла
Санкт-Петербурга Саха сирин күннэрин иитинэн умнуллубат бэлиэ тэрээһиннэр буоллулар.
Саха суругун-бичигин төрүттээбит лингвист-учуонай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, бастакы алпаабыты оҥорбут, Петроградтааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрбит Семен Андреевич Новгородов аатынан искибиэргэ өйдөбүнньүк мэҥэ тааһы ууруу умнуллубат тэрээһинигэр дьон-сэргэ тоҕуоруста.
РФ бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов бу Санкт-Петербург-Ленинград уонна Саха сирин историяларыгар суолталаах күн буоларын бэлиэтээтэ.
«Семен Андреевич Арассыыйа судаарыстыбатыгар сибээс өссө бөҕө, чиҥ буоларыгар элбэҕи оҥорбута. Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар, Санкт-Петербург салалтата саха норуотун чулуу бэрэстэбиитэлин туһунан үйэтитиигэ быһаарыныыта улахан үөрүүлээх. Тиһиктээх үлэ ыытыллар буолан, сибээс өссө бөҕөргүүр», — диэн этэр Андрей Сандаминович.
«Саха сирин уопсастыбаннаһын баҕа санаатыгар хардаран, Санкт-Петербург Бырабыыталыстыбатын уонна биһиги губернаторбыт быһаарыыларынан, искибиэргэ Семен Новгородов аата иҥэриллибитэ. Биһиги оройуоммут сыала, бу сири тупсарыы. Маныаха Чурапчы оройуона үлэҕэ кыттыһарыгар эрэнэбин», — диир Санкт-Петербург Выборгтааҕы оройуонун дьаһалтатын баһылыга Виктор Полунин.
Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан Санкт-Петербург Бырабыыталыстыбатыгар уонна Выборг оройуонун салалтатыгар Семен Новгородов төрөөбүтэ 130, САССР 100 сылларыгар олус үчүгэй бэлэхтэрин иһин махтанна.
Санкт-Петербург Выборг оройуона уонна лингвист-учуонай Семен Новгородов төрөөбүт дойдута Чурапчы улууһа, бары эйгэҕэ хардарыта сибээһи ыкса тутан бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.
Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Андрей Сорокин (СИА) хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: