“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Аҕа дойдуну араҥаччылыы,
Ийэ сири көмүскүү баарта
Алаһа дьиэ аҕа баһылыга,
Бэйэтин көҥүл иэһин толоро.
Түүн этэ.. . Эмискэ этиҥ эппитэ…
Соһуччу бэбиэскэ кэлээтин кытта
Аҕыйах сөкүүндэнэн бэлэм буолаат,
Утуйа сытар оҕолорун сыллаата.
Кэргэнэ атаарта кыайыыны баҕаран,
Норуота харыстаан харысхал биэрэн,
Көмүскэс санаалаах Күн Айыы дьонноро,
Күүс-көмө буоланнар өйөөбүттэрэ.
Барбыттар бука бары дьоруойдар,
Ньиргийэн ааһар охсуһуу уотуттан,
Сэрииттэн тыыннаах хааллыннар кинилэр,
Эйэлээх олоҕу уһансыбыттар.
Хорсун-хоодуот саллаат тоҥ күөнүнэн көрсүһүө,
Хомпоруун хотойдуу хорсуннук охсуһуо,
Кырдьык иһин охсуһан кыайыа-хотуо,
Кыһыл былааҕы хоточчу өрө тутуо.
Ыам ыйын 13 - 19 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ түмэллэр нэдиэлэлэрэ саҕаланна. Бу түмэллэр аан дойдутааҕы күннэрин…
Горнай улууһугар Атамай ыччата дойдуларын сайыннарарга сүҥкэн кылааттарын киллэрсэллэр. Олохтоох дьаһалта үлэһитэ Айсен Егорович Павлов…
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэн –…
Бүгүн күн-дьыл хайдаҕый? Ханна ардыыр, тыалырар? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа туох диирий? Түүн арҕаа, киин улуустар…
Өлүөхүмэҕэ балаһыанньа билигин даҕаны уустугун уу түһэ илигэ туоһулуур. Билигин нэһилиэнньэҕэ бастакы ирдэнэр малы, ону…
Ил Дархан Айсен Николаев VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар ыытыллыахтаах эбийиэктэрин кэрийэн…