«Сантаев кэлбит, киинэҕэ устар, хаартыскаҕа түһэрэр үһү…»
РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС тэлэбидьиэнньэтин уонна араадьыйатын туйгуна, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах кинематографиһа, Арассыыйа суруналыыстарын, кинематографистарын сойуустарын чилиэнэ, Ем. Ярославскай аатынан суруналыыстар өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лаураета Николай Маркович Сантаев олунньу 1 күнүгэр 85 сааһын туолла.
Бу кэрэ-бэлиэ күнүнэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр уонна Ем.Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах мусуойугар кини олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар быыстапкалар аһылыннылар.
Николай Сантаевка аналлаах быыстапкаҕа кини үлэтин, олоҕун сырдатар кинигэлэр, хаһыат ыстатыйалара, хаартыскалар, тутта сылдьыбыт камерата, маллара-саллара уо.д.а. туруорулуннулар.
Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар буолбут быыстапка аһыллыытыгар СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрин солбуйааччы Василий Борисов:
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ устуоруйа түгэннэрин дьон өйүгэр-санаатыгар хаалларарга күүскэ үлэлэһэр. Билигин бибилэтиэкэбитигэр Николай Маркович хас да киинэтэ хараллан сытар. Онон быыстапка манна аһыллыбыта олус үчүгэй, тоҕо диэтэххэ, култуура тэрилтэлэриттэн саамай дьон сылдьар сиринэн бибилэтиэкэ буолар», — диэтэ.
Николай Маркович үйэ аҥаара саха тэлэбидиэнньэтигэр уонна кинематографиятыгар үлэлээбитэ. Кинини «Саха» НКиХ генеральнай дириэктэрин маҥнайгы солбуйааччы Ирина Ефимова эҕэрдэлээтэ.
Биир дойдулаахтарын Сунтаар улууһун дьонун-сэргэтин ааттарыттан СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччы, СӨ архыыбын дьыалатын туйгуна, РФ бочуоттаах архивиһа Наталья Степанова:
«Николай Маркович – Сунтаар Бордоҥун олохтоохторо оччоттон баччаҕа диэри киэн туттар киһилэрэ. Оҕо сылдьан «Сантаев кэлбит, киинэҕэ устар, хаартыскаҕа түһэрэр үһү…» диэн элбэхтик истэрим. Онон Бордоҥҥо кини түһэрбит хаартыскалара ыал аайы бааллар. Кини төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин үлэһит, кыайыгас-хотугас дьонун, ахтылҕаннаах сирин-дойдутун хамсыыр хартыынаҕа устан үйэтиппит, саха киинэтин баай пуондатын хаҥаппыт олус улахан кылааты киллэрбит киһи буолар. Эдэр сааһыттан сэдэх идэни баһылаан, ис сүрэҕиттэн дьаныһан туран үлэлээн кэллэ, киинэ ускуустубатын уонна устуоруйатын сайдыытыгар, кэнчээри ыччаты духуобунай уонна патриотическай иитиигэ кылаатын киллэрэн, үлэһит быһыытынан уһулуччу биллибитэ, Сойуус үрдүнэн улахан наҕараадалары ылбыта. СӨ Национальнай архыыбыгар Николай Маркович 1989, 1973 сыллардааҕы хаартыскалара, илиинэн суруйбут суруктара хараллан сыталлар», — диэн эҕэрдэлээтэ.
-Урукку өттүгэр Саха Сирин соҕуруу дойду оператордара кэлэн усталлара. Кинилэр, этэргэ дылы, иһиттэн билбэт буолан, олох-дьаһах тас көстүүтүн эрэ дьүһүйэллэрэ. Оттон бу Николай Маркович курдук бэйэбит уолаттарбыт оператор буолуохтарыттан ыла ураты култууралаах, сиэрдээх-майгылаах, толкуйдаах, кыһалҕалаах, санаалаах-оноолоох норуот буоларбытын ырылхайдык көрдөрбүттэрэ. Николай Сантаев уһулар доруойун ис дьиҥин толору арыйар талааннаах. “Сахамиэбэл” тэрилтэни төрүттээбит В.Г. Павлов туһунан наһаа да үчүгэй киинэни устубута. Кырдьыга да, Владимир Гаврилович муҥурун булларбатах сүдү киһи буоллаҕа дии. Ол көҥүл тыынын, модун санаатын бэркэ да тиэрдибит. Ити улахан ускуустуба. Николай Маркович бэйэтэ эмиэ көҥүл уонна дохсун киһи. Ону биир маннык түгэн да кэпсиир: устудьуоннуу сылдьан, сайын каникулугар дуогабарынан альбом оҥорбут. Бэйэтигэр бириинчик киһи кыһаллыбыт аҕай. Ол эрээри баара-суоҕа 50 солкуобайы төлөөбүттэригэр өһүргэнэн, төттөрү биэрбит. Ол кини бэйэтин исписэлиис быһыытынан сыаналыырын, үлэтин суолталыырын туоһулуур, — диэн судьуйанан үлэлээбит биир дойдулааҕа, Ил Дархан сүбэһитэ Игорь Игнатьевич Николаев истиҥ-иһирэх ахтыыны оҥордо.
СӨ норуоттарын аудивизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин дириэктэрэ Степан Иванович Москвитин:
-Биһиги кииммитигэр уопсайа 46 тыһыынча докумуон харалла сытар. Ол барыта судаарыстыба сыаналаах баайа буолар. Онон итини барытын сыыппара киэбигэр көһөрөр сорук турар. Николай Маркович матырыйаалларын биһиэхэ 1998 сылтан биэрэр. Киниэхэ анаан 9-с нүөмэрдээх, 181 диэн учуоттаах туспа пуонда оҥоһуллубута. Ааҕан көрбүттэрэ, ол архыыптан сылга 50-тан тахса киһи Н.М. Сантаев устууларын, суруйууларын туһанар эбит, — диэн идэлээх оператор үлэтин-хамнаһын, кылаатын үрдүк сыаналаата.
Ем.Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах мусуойугар буолбут быыстапка аһыллыытынан үбүлээри уонна быыстапка кыттыылаахтарын СӨ норуоттарын аудивизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинин дириэктэрэ Степан Москвитин, мусуой пуондаларын сүрүн харыстааччы Евдокия Колодезникова, СӨ кинематографистарын бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Полина Лепчикова, киинэ уонна тэлэбидиэнньэ бэтэрээннэрэ, Николай Сантаев аймахтара, чугас дьоно эҕэрдэлээтилэр.
Быыстапкалар Национальнай бибилэтиэкэҕэ — олунньу 12, Ем.Ярославскай аатынан мусуойга олунньу 11 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ.
(Национальнай бибилэтиэкэ уонна Ем.Ярославскай аатынан мусуой матырыйаалларынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: