Сардаана Дьячковская: “Дьылҕа Хаан уонна… кинигэ биһигини холбообута”

Share

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтээтибит. Онон бүгүн айанньыт, орнитолог, фотограф, элбэх оҕолоох аҕа Иван Дьячковскай-Кыталык Уйбаан дьиэ кэргэнин туһунан аан бастакынан таһаарабыт. Кини кэргэнэ Сардаана Владиславовнаны кытта атах тэпсэн олорон, итии чэй иһэ-иһэ кэпсэттибит.

Хаартыска: Дьячковскайдар дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Сүүрбэччэ сыллааҕыта Кыталык Уйбаантан интервью ылан турардаахпын, ол “Эдэр саас” хаһыакка бэчээттэммитэ. Ол саҕана кини үлэтин үгэнэ, хотунан-соҕуруунан айан­наан, хас улуус, нэһи­лиэк аайы дьону кытта көрсөн, сороҕор сарсыарда тыҥ хатыар диэри умсугутуулаахтык кэп­сиирэ. Былыр, арай, олоҥхоһуттары итинник умсугуйан, утуйалларын-аһыылларын да умнан истэллэрэ буолуо дии саныыгын. Билигин үгүс дьон ону ахтар-саныыр. Оттон билигин Кыталык Уйбаан, кини иллээх дьиэ кэргэнэ тугунан тыынан олорор, оҕолоро ким-туох дьон буоллулар?

Кэпсэтэр кэммитигэр Иван Ионович, куолутунан, улуус­ка дьону, оҕолору көрсө барбыт этэ, онон таба туппатаҕым. Кини туһунан олоҕун аргыһа, эрэллээх доҕоро, тапталлаах кэргэнэ кэпсиирин истиэҕиҥ.

“Маннык айдарыылаах дьон бэйэлэрин алаастарыгар баппат, киэҥ ыырдаах, далааһыннаах буолаллар. Ол иһин олох утарсыбаппын. Өйдүүр, өйүүр ойох түбэһэн, отуттан тахса сыл иллээхтик олорон кэллэхпит”
Кинигэ хайдах суруллубутай

– Сардаана Владис­лавовна, эһиги хайдах билсибиккитин сырдата түс эрэ…

–  Мин саха салаатыгар 1-кы кууруска үөрэнэрим. Кини онно устудьуоннары кытта көрсө, кэпсэтэ кэлбитэ. Ол кэнниттэн анал тэтэрээккэ баҕа санааны суруйуу буолбута. Туундара туһунан уутугар-хаарыгар киирэн кэпсии турдаҕына, мин ол тэтэрээккэ тоҕо эрэ туундара туһунан дьүһүйэн, ойуулаан суруйдум, илии баттаатым.

Аҕыйах хонон баран, арай, тиийэн кэллэ, паараттан ыҥыр­таран таһаарда. Кини ол саҕана нууччалыы тылынан кинигэ суруйбут эбит. “Кинигэбин сахалыы тылбаастыаҥ дуо?” –  диир. “Тыый, мин ону сатыыр үһүбүн дуо, идэлээх суруйаач­чыларга тылбаастат”, –  диэтим. “Ээ, аһара уустаан-ураннаан, уларытан кэбиһэллэр. Ол ааттаах-суоллаах суруйааччылары кытта этиһэ олоруом дуо? Наһаа үчүгэйдик суруйар оҕо баар эбит диэммин, тылбаастата кэллим”, – диир.

Дьэ, онон тылбааска ылыстым, сотору буолаат: “Тылбаастыыр куһаҕан эбит, бэйэҥ тылгынан кэпсээ, мин суруйуом”, –  диэн буолла. Ити курдук, кинигэ биһигини холбообута диэххэ сөп. 1993 сыллаахха ыал буолбуппут, былырыын “чөмчүүк сыбаайбабытын” бэлиэтээбиппит.

Эдэр сылдьан

Ол курдук, “Кустугу ситтэрбиэн” автобиографичес­кай сэһэнин бастакы кинигэтин иккиэн суруйбуппут. Кини нууччалыы үөрэммит буолан, сахалыы сатаан суруйбат этэ. Онон тылынан кэпсиир, ону сурунан иһэбин, онтон ааҕан иһитиннэрэбин. Истэн баран, эбэр-сабар, көннөрөр.

Аммаҕа олордохпутуна, биирдэ биллэр суруналыыс Уйбаан Уһунуускай кэлбитэ, түүнү быһа кэпсэппиттэрэ. Ол кэнниттэн “Эдэр саас” хаһыакка 1995-97 сылларга “Кустугу ситтэрбиэн” сэһэнэ нүөмэр ахсын бэчээттэнэн барбыта. Иккис кинигэтиттэн сорох кэпсээнэ “Орто дойду сонуннара” хаһыакка бэчээттэммитэ. Кинигэ 2008 сыллаахха “Бичиккэ” тахсыбыта. Билигин «ЛитРес» сыһыарыыга электроннай көрүҥэ эмиэ баар.

“Сүрүннээн кинигэ тутула, оҕо уобараһа уларыйбатах. Сценарийы суруйалларыгар итинник уларытабыт диэн эрдэттэн көҥүллэппиттэрэ. Онон Иван Ионович эрдэттэн билэр, бэлэм этэ. Киинэни көрөн баран, наһаа үчүгэйдик ылыммыта”
Хаартыска: Дьячковскайдар дьиэтээҕи архыыптарыттан.
“Киинэни наһаа үчүгэйдик ылынна”

– Дьэ, онтон бэйэтин олоҕун дьүһүйбүт айымньытынан уһуллубут “Кыталыктаах кырдалым” киинэни Иван Ионович хайдах ылынна?

–  Бастакы кинигэтэ 27 кэпсээннээх, 205 илиистээх. Ол онтон киинэтигэр 13 илииһэ эрэ, бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан оскуолаҕа киириэр диэри олоҕун кэрчик кэмэ киирбит. Иккис кинигэтэ суруллан баран, ситэриллэ, түмүктэнэ илик.

Киинэ буоларын быһыытынан, кинигэттэн кыра уларытыылардаах. Кинилэр бииргэ төрөөбүттэр – 7 уол, ону киинэҕэ 4 уол буолбут. Режиссер кыракый оҕолор сатаан оонньооботтор диэн, оннук уларыппыттар. Аҕалара сылгыһыт буолбатах, тимир ууһа. Кинигэҕэ ити кэрчик кэмҥэ холкуос бэрэссэдээтэлин уобараһа суох, ону киинэҕэ күүркэтии, утарыта турсуу баар буолуохтаах диэн, киллэрэн биэрбиттэр. Айымньы киинэ буолан тахсарыгар элбэхтик уларытыллар эбит. Ол эрэн, сүрүннээн кинигэ тутула, оҕо уобараһа уларыйбатах.

Сценарийы суруйалларыгар итинник уларытабыт диэн эрдэттэн эппиттэрэ, көҥүллэппиттэрэ. Онон Иван Ионович эрдэттэн билэр, бэлэм этэ. Киинэни көрөн баран, наһаа үчүгэйдик ылыммыта. Оҕолор наһаа үчүгэйдик оонньообуттарыттан астыммыта, “хамаанда олус түмсүүлээхтик үлэлээбит буолан, маннык үтүө түмүктээх эбит” диэбитэ.

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр устар бөлөх Аммаҕа, Покровкаҕа тахсан, көмөлөспүт дьоҥҥо-сэргэҕэ махтанан, босхо сеанс көрдөрбүттэрэ. Ону Уйбаан олус сөбүлээбитэ. “Наһаа үчүгэй уолаттар, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах буоланнар, дьон-сэргэ кинилэргэ эмиэ көмөлөһөр эбит”, –  диэбитэ.

Артыыстар наһаа үчүгэйдик оонньоотулар. Режиссер Михаил Лукачевскай айымньы сүрүн санаатын таба көрөн, ис хоһоонун үчүгэйдик арый­да. Сүрүн дьоруойдар – оҕолор оонньообуттарыттан наһаа үөрэбин. Урут оҕолорго, дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах киинэ суох курдук этэ. Саамай үчүгэйэ, оҕолор төрөөбүт тылларынан сайа саҥаран, оонньоон, атын оҕолорго холобур буоллулар. Уопсайынан, саха тылынан айымньылар суруллаллара, киинэлэр уһуллаллара сахалыы эйгэни кэҥэтэр. Бу киинэ онно бэйэтин кылаатын киллэрдэ.

Киинэни усталларыгар айылҕалара наһаа көмөлөспүт, баҕарбыт күннэрэ-дьыллара туран биэрбит. Уста сырыттахтарына, үөһэнэн 11 кыталык көтөн ааспыт эбит. Ити үтүө бэлиэ этэ.

Нууччалыы дубляж уһулунна диэтилэр, онон Арассыыйа киинэ тыйаатырдарыгар көрдөрөргө бэлэмнэнэллэр. Онно да үчүгэйдик ылыныахтара дии саныыбын. Баҕар, үп-харчы көстөн, иккис киинэтин да уһуллахтарына, үөрүөх эрэ этибит.

Үөһээ Бүлүүгэ лиссиэй оҕолорунаан көрсүһүү.
“Кини олоҕун тэҥҥэ үллэстэбин”

– Кыталык Уйбаан диэн биир халыыпка хаайтарбат ураты олохтоох киһи буоллаҕа. Кини кэргэнэ, олоҕун аргыһа буолар хайдаҕый? Куруук дьиэтигэр суох буолар, ону мээнэ дьахтар тулуйбата буолуо ээ…

–  Кэргэним айанныырын, кинигэ суруйарын, оҕолору иитиигэ, дьиэҕэ-уокка үлэ да буоллун – тэбис-тэҥҥэ үл­­лэстэн оҥоробут. Хайдах эрэ оннук буолуохтааҕын курдук ылынабын. Ол иһин уустук буол­батах. Өйдөспөт буолуу суох.

Барыма-кэлимэ диэн биирдэ да эппэтэҕим, күнүүлээн-хайаан айдаарбатаҕым, бопсубатаҕым. Кини олоҕо, анала оннук буоллаҕа дии, ону тэҥҥэ үллэстэбин, ылынабын, киниэхэ бүк эрэнэбин. Биир ыйдаах уолбутун биһиккэ, 1 саастаах кыыспытын үрүсээккэ уктубут да, айаҥҥа баран хаалар этибит. Оҕоҕо анал үрү­сээк тикпиппит. Онон оҕолор кыра эрдэхтэриттэн айаҥҥа, айылҕаҕа сылдьа үөрүйэхтэр.

Аллайыаха туундарата. Уйбаан оҕолордуун эспэдииссийэҕэ

Улуустарга дьону кытта аата-ахса суох көрсүһүүлэригэр эмиэ тэҥҥэ сылдьыһар, көмөлөһөр этим. Саха сирин барытын кэрийбитэ, сылдьыбатах улууһа суох. Амма гимназиятыгар, Дьокуускай 3-с №-дээх оскуолатыгар үлэлии сылдьан, “Саһарҕа хоптото” диэн эдэр орнитологтар кулууптарын үлэлэппитэ. Онно кыталык төрүүр-ууһуур сиригэр, туундараҕа оҕолору эспэдииссийэҕэ илдьэрбит.

Уйбаан айылҕаттан, өбүгэлэриттэн бэриллибит күүстээх эниэргийэлээх. Ол эниэргийэтин таһаарыан, дьоҥҥо тиэрдиэн наада. Дьиэҕэ олордо да, тэһийбэт, тыына хаайтарар, онтун таһаарыан наада. Кини бэйэтин ис туругун истэр киһи буолан, ол баҕатын, ис күүһүн хам баттаабат, хааччахтаммат. Олоҥхоһут хааннаах буолан, кэпсээн бара турдаҕына, туспа турукка киирэн, аһыырын-утуйарын да умнан, түүннэри-күнүстэри кэпсиэн сөп. Дьон да ол кини туругар киирэн хаалаллар, дьэ, оннук умсугутар, абылыыр күүстэнэр.

Киниэхэ айылҕа бэйэтэ көмөлөһөр, суола аһыллан биэрэр, куруук үчүгэй дьон көрсөллөр. Ойуурга, туундараҕа сылдьан, хаһан да муммат. Билиҥҥэ диэри миэхэ таабырын, ис иминэн суолун, уйаа­ра-кэйээрэ суох туундараҕа кыталыктар ханан баалларын хайдах буларын…

Атын куораттарга, дойдуларга бардахха, билсэр дьоно, учуонайдар, орнитологтар олус элбэхтэр, наар үөрэ көрсөллөр, көмөлөһөллөр. Бары мустан, түүннэри кэпсээннээх “Уйбаан дьоро киэһэтин” тэрийээччилэр.

Аллайыахаҕа эспэдииссийэ.

Маннык айдарыылаах дьон бэйэлэрин алаастарыгар баппат, киэҥ ыырдаах, далааһыннаах буолаллар. Ол иһин олох утарсыбаппын. Өйдүүр, өйүүр ойох түбэһэн, отуттан тахса сыл иллээхтик олорон кэллэхпит.

Уопсайынан, Дьылҕа Хаан диэн баар быһыылаах. Киниэхэ ойох, оҕолорун ийэлэрэ буоларга, олоҕун дьыалатын ситэрсэргэ ананан төрөөбүппүн быһыылаах (күлэр). Оҕолор төрүүр дьылҕалара да тардар буоллаҕа.

Манна даҕатан эттэххэ

“Кустугу ситтэрбиэн” кинигэҕэ суруйарынан, Ваня аҕатынан эһээтэ ойуун эбит. Уол кыра сылдьан, ыттары, куоскалары санаатын күүһүнэн утутан кэбиһэр дьоҕурдааҕын билэн, аҕата улаханнык кыыһырбыт, “эһээтин батан, ойуун буолаа­ры гыммыт, бэйэтин, чугас дьонун олохторун алдьатыа” диэн таһыйбыт. Онтон ыла уол дьээбэлэнэрин бырахпыт.

Аны ийэтинэн эһээтин убайа – олоҥхоһут Тимофей Захаров-Чээбий. Ийэтинэн эбээтин быраа­та – суру­йааччы Күннүк Уурастыырап. Онон тыл илбиһэ, имэҥэ да хаанынан бэриллибит буолуохтаах.

Иитии ньымалара
Дьячковскайдар дьиэ кэргэн

– Оҕолоргутун иитэргэ туох ураты ньымалар­дааххытый?

–  Ити эппитим курдук, кыра эрдэхтэриттэн айылҕаҕа бииргэ илдьэ сылдьарбыт. Айан оҕо ыырын, эйгэтин кэҥэтэр, са­­йыннарар, тулуурдаах буоларга үөрэтэр. Бастаан төрөөбүт дойдутуттан саҕалаан, бэйэтэ хааман-сиимэн, этинэн-хаанынан билиэхтээх. Онтон арыый улаап­пытын кэннэ, Арассыыйа куораттарынан сырытыннаран, былаан, маршрут оҥостон, араас түмэллэри, дыбарыастары, устуоруйа түгэннэрэ буолбут кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрдөрөн, сайыннараҕын. Бу кэнниттэн тас дойдуларга таһаарыахха сөп. Өйүн-төйүн тута илик кыра оҕону тута омук сиригэр таһаарар наадата суох дии саныыбын. Оҕолорбут төрөөбүт дойдуларын билэр буолан, патриоттар, сахалыы тылларын, уратыларын өрө туталлар.

Ханна да буоллар, талларабын: ханнык түмэлгэ баралларын, хайа суолу талалларын, о.д.а. Бэл, сарсыарда аайы хас да аһы буһарабын, сөбүлүүллэрин талан сиэтиннэр диэн. Тоҕо диэтэр, оҕо кыра эрдэҕиттэн “хаһан баҕарар талар кыах баар, барытыгар бэйэм эрэ быһаарабын” диэн өйдөөн улаа­тыахтаах. Ханнык үөрэххэ барарын, спорт ханнык ха­­йысхатын таларын оҕо бэйэтэ быһаарынар. Хаһан да ороо­һооччубут суох, барытын бэйэ­лэрэ талаллар. Биир эрэ хайыс­ханан ииттэххэ, бэйэлэрин баҕаларын билбэт, туруорсубат, иннилэрин соломмот буолуо этилэр.

Кыра эрдэхтэринэ, “Ньургун Боотур” олоҥхону холбуурум, саха тылын илгэтин истэ үөрэнэн, иҥэринниннэр диэн. Киэһэ аайы остуоруйа кэп­сиирим, кинигэни дорҕоон­ноохтук ааҕарбыт, таабырыннары таайсарбыт. Аҕалара кинилэр тустарынан остуору­йаны айара, киэһэ аайы сэри­йээл курдук истэллэрэ, бэйэлэрэ салгыытын айан кэпсииллэрэ.

Саха тыйаатырыгар премьераны көтүппэппит. Дьиэҕэ кэлэн баран, хайаан да ырытыһабыт. Бу дьиэ кэргэни түмэр дьарык дии саныыбын, киһини сайыннарар эрэ буолбатах, биир эйгэҕэ киллэрэн, түмэр, биир тыынныыр.

Саамай сүрүнэ, сахалыы саҥаралларын, суруйалларын, үгэстэри билэллэрин ирдиибит. Дьону кытта сатаан алтыһар, киһи быһыытынан сиэрдээх, киэҥ толкуйдаах, сахалыы са­­йаҕас, холку майгылаах, сыалларын ситиһэр, дьулуурдаах буолалларыгар туһаайан ииппиппит.

Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа киириэхтэриттэн, кылаас олоҕор кыттыһан барарбыт. Сири-уоту көрдөрө, пуойаһынан айанныыры билиһиннэрэ кылаа­һынан Алдаҥҥа, Нерюнгригэ илдьэ бара сылдьыбыппыт. Алын сүһүөх кылаас оҕолорун хас да хонуктаах эспэдиисси­йэҕэ илдьэн, балааккаҕа хоннорон, күнү быһа хаамтаран, айылҕаҕа сырытыннарарбыт.

Леня академик С.Королев музей-дьиэтигэр.
Лилия Москва5а космонавтика музейыгар.
Леня ёЭкспериментаниумё музейга.
Убайын Ваняны көрсө Москваҕа тиийбитэ.
Убайа Леня устудьуоннуур кэмигэр балта көрсө тиийбит.
“Оҕолорбут төрдүөн физиктэр”

– Оҕолор билигин тугунан дьарыктаналлар?

–  Икки уол, икки кыыс оҕолоохпут, биир сиэннээхпит. Кэргэним физик буолан, оҕолор төрдүөн физиктэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэммиттэрэ. Бу лиссиэйгэ биир ыалтан түөрт оҕо үөрэммитэ өссө суох быһыылаах.

Улахан кыыс Роза гражданскай авиация идэтин баһы­лаан, ол хайысханан үлэлээбитэ. Кыыһын кытта Таилааҥҥа сынньана бара сылдьан, хамсык хааччаҕар түбэһэн, хаайтаран хаалбыттара. Ыксаллаах түгэҥҥэ уолуйбакка, олохтоох үөрэх салалтатыгар үлэ көрдүү тиийбит. Эксээмэн туттаран, тургутууну ааһан, Бангкок королевскай гимназия­тыгар английскай тыл учууталынан үлэлээбитэ. Олорор хос биэрбиттэрэ, оҕотун уһуйааҥҥа ылбыттара. Онтон IT-хампаанньаҕа үлэлии киирбитэ.

Бу сылдьан, куруук үлэ­лии-үлэлии үөрэнэр, онон хас да үөрэҕи бүтэрбитэ. Билигин Дубайга риэлторскай ааҕыныс­тыбаҕа үлэлиир, Франция университетыгар айылҕа харыстабылын эйгэтигэр юрист идэтигэр үөрэнэ сылдьар.

Хаартыска: Дьячковскайдар дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Оҕолорум Арассыыйа норуодунай учуутала Виктор Филиппович Потаповка, уолаттар Лидия Петровна Шамаеваҕа үөрэммит дьоллоохтор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй учууталларын олус сөбүлүүбүн, ытыктыыбын. Оҕолорго наһаа үчүгэй сыһыаннаахтар, хам баттаабаттар, сахалыы холку эйгэлээхтэр. Онон оҕолорбут репетитор өҥөтүнэн туһаммакка, бүддьүөт миэстэтигэр бэйэлэрэ туттарсан киирбиттэрэ.

Ваня Бауман аатынан Москватааҕы тиэхиньиичэскэй университет (МГТУ) “энергомашиностроение” факультетын бүтэрэн, РНА Сибиирдээҕи салаатын Хоту дойду физическэй-тиэхиньиичэскэй кыһалҕаларын институтугар сүрүннүүр инженеринэн үлэлии сылдьар. Билигин аспирантураҕа үөрэнэр.

Леня Москватааҕы физичес­кэй-тиэхиньиичэскэй институт (МФТИ) квантовай физика уонна  электроника факультетыгар 3-с кууруска үөрэнэр. Кыра кыыс Лиля лиссиэйгэ 8-с физмат-кылааска үөрэнэр.

Төһө да физика-тиэхиньикэ хайысхалаах буоллаллар, тылга эмиэ дьоҕурдаахтар, аҕаларын батан, элбэх эйгэҕэ дэгиттэр сыһыаннаахтар.

“Идэбин тосту уларыттым”

– Сүүрбэччэ сыл учуутал­лаан баран, билигин мэдиссии­нэ эйгэтигэр көһөн, мас­сааһынан, илбийиинэн дьарык­танан эрэбин. Урут оҕолорбун массаастыырым, миэхэ интэриэһинэй этэ. Онтон Су-Джок ньыматыгар, тайскай эм­­тиир уонна кытай туочуканан массаа­һыгар үөрэммитим. Билигин бу арҕааҥҥы уонна илиҥҥи ньымалары дьүөрэлээн, киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр кэлим массааһы оҥоробун. Дьон истиһэн кэлэ турар.

Бастаан дьиэ кэргэммэр, оскуола оҕолоругар эрэ сырабын, күүспүн-күдэхпин биэрэ сылдьыбыт буоллахпына, ­улааппыттарын кэннэ, бэйэбэр туспа суол, атын эйгэ аһыллан барбыта. Дьон доруобуйата көнөрүгэр көмөлөһөн, туһалааҕы оҥорорбуттан астынаб

What’s your Reaction?
+1
116
+1
2
+1
2
+1
2
+1
1
+1
8
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

44 минуты ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Боксер Василий Егоров спортивнай карьератын кыайыынан түмүктээтэ

Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…

2 часа ago