Учуутал күнүн иитинэн СӨ үөрэҕин туйгуна, С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учууталларын куонкуруһун лауреата Сардаана Гоголеваны кытта кэпсэттибит.
– Сардаана Николаевна, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска ким сүбэтинэн, хайдах кытынныҥ?
– Куонкурус аан бастакытын ыытылынна. Быйылгы 2022 сыл Култуура нэһилиэстибэтин сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” Бүтүн Арассыыйатааҕы I куонкуруһу ыыттылар. Балаһыанньата ыам ыйыгар биллэриллэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх бэс ыйыгар буолбута. Дьокуускайга баар этим гынан баран, ХИФУга маҕыстыратыыраҕа саха, бүрээт тылларын тэҥнээн үөрэтэр диссертациябын түмүктүүр түбүгэр сылдьарым, онон кыттартан аккаастаммытым.
Ааспытын кэннэ көрдөхпүнэ, куонкуруска кыттыым барыта сап саҕаттан саҕыллан, саас-сааһынан тиһиллэн испит эбит. Саха АССР 100 сылынан үөрэх үлэһиттэригэр аналлаах куонкуруһу биллэрбиттэрэ. Онно кыттарбар, кулун тутарга букатын 300-500 сирэйдээх паапканы тиспиппит (ньымаларбыт, оҕо, учуутал ситиһиилэрэ, учуутал билимҥэ-педагогикаҕа, төрөппүтү, уопсастыбаннаһы кытта үлэтэ…). Ол паапкам улуустааҕы сүүмэрдээһини ааһан, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийбит. Хамыыһыйа ону көрөн баран, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттарыҥ ирдэнэр диэтэ. Медиа-визитка эҥин наада эбит, онтум баар буолан биэрдэ, икки сыллааҕыта “Үрүҥ көмүс пеликан” куонкуруска кыттарбар уһулан бэлэмнээбитим.
Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр бэһиэ буолан кыттыбыппыт. Түмүгэр кыайыылаах тахсан, балаҕан ыйын ортотугар Арассыыйатааҕы түһүмэххэ баран кэллим. Олус сэргэхтик ааста. Кыттааччы анкетата сүүрбэттэн тахса ыйытыылаах. Холобур, “почему вам нравится работать в школе?”, “три вещи, о которых вы хотите сообщить как учитель-педагог”, “какими личностными, профессиональными качествами должен обладать учитель родного языка и литературы?”…
Куонкурус балаһыанньатынан, Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ 30 киһи кыттыа диэн этэ. Ол эрээри, РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ үп-харчы көрөн, түһэр сир бэлэмнээн, эрэгийиэҥҥэ кыайбыттары барыларын ыҥырбыттара. Ставрополь кыраайыгар, уопсайа, 69 эрэгийиэнтэн, куораттан кыайыылаах учууталлар тиийбиппит. Наһаа да үчүгэй медиа-визиткалары көрдүбүт, киэҥ даҕаны далааһыннаах, араас да эйгэлээх дойдуга олорор эбиппит… Улаханнык маанылаан көрүстүлэр. Хас биирдии кыттааччыга биирдии волонтеру сыһыарбыттара. Биһиэхэ Ставрополь педагогикаҕа университетын устудьуоннара – аҕыйах сылынан бэйэлэрэ учуутал идэтин баһылаары сылдьар эдэр дьон көмөлөстүлэр.
Куонкурус финала үс түмүһэҕинэн барда. Атын куонкурустары уруоктан саҕалыыр эбит буоллахтарына, бу сырыыга төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутала туох баай уопуттааҕын көрөн баран атын түһүмэххэ киллэрэллэрэ эмиэ туһугар сэргэх. Учуутал мэтиэдикэҕэ холбукатын арыйан, ньымаларын, кистэлэҥин, туох саҥаны айбытын, тобулбутун кэпсиир. Кууруска барытын быһааран биэрбиттэрэ. Төһө даҕаны сыыппара эйгэтэ сайдыбытын иһин, уруок 20-30 % эрэ сыыппараттан туруохтаах диэн ыйбыттара, презентацияҕытын араастаан кырааскалаан ойуу киинэ (мультик) курдук оҥорумаҥ диэбиттэрэ.
С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназията 2006 сылтан олоҥхо педагогикатыгар олоҕуран бырайыактары үлэлэтэр. Сиэри-майгыны тутуһан, билиҥҥи олоххо сөп түбэһэр ситиһиилээх киһини иитиигэ бырайыактаахпыт. “Суолталааҕы кэпсэтии” федеральнай бырайыакка эһиги тиэмэҕит бары өттүнэн сөп түбэһэр эбит диэн экспиэртэр улаханнык сэҥээрдилэр, үрдүктүк сыаналаатылар. Оччолорго бырайыагы оҥорбут ааптардарынан дириэктэри билим чааһыгар солбуйааччы А.И.Захарова, учууталым, миигин үөрэххэ ыыппыт киһим, саха тылын учуутала Ф.Н.Болдовская, нуучча тылын учуутала А.Н.Осипова буолаллар.
Бу бырайыак соругун толордо, хас даҕаны хос бырайыактардаах. 2008 сылтан эмиэ олоҥхо философиятыгар олоҕурбут “Күн өркөн” диэн билим-чинчийэр эспэдииссийэ-лааҕыр чэрчитинэн Чурапчы улууһун 17 нэһилиэгэр, 5 учаастагар барытыгар сылдьан, уопсайа, 97 ытык дьону кытта көрсөн матырыйаал хомуйдубут. Холобур, киэн туттар М.У.Данилова-Бакаа Маайа, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Кини аахпат да, суруйбат даҕаны этэ эрээри, биһигиннээҕэр чаҕылхайдык ыллыыра-туойара, чабырҕахтыыра. “Мин бэйэм”, үлэ туһунан, уо.д.а. чабырҕахтарын устан хаалбыппыт, билигин сыаналаах матырыйаал буолан хараллан сыталлар. Лааҕыр үлэтинэн 2 мэтэдиическэй босуобуйаны, “Фольклор и краеведение” диэн кинигэни таһаарбыппыт. Бастакы түһүмэххэ маны кэпсээбиппин сэргээн, норуот ырыатын, чабырҕаҕы улаханнык сэҥээрэн иһиттилэр, бэрт элбэх ыйытыыны биэрдилэр. Ставрополь университетын бэрэпиэссэрэ А.А.Фокин фольклору интэриэһиргиир эбит, сахалыы кинигэбин портитуралаах миэхэ ыытаар диэн көрдөспүтэ. Түмүгэр хаартыскаҕа түһэрбитигэр: “Это не вы с нами фотографируетесь, а мы с вами”, — диэн эппитэ.
“Мэтэдиичэскэй мастарыскыай”, уруогу ыытыы түһүмэхтэрин кэнниттэн 17 учуутал кэлэр түһүмэххэ тахсыбыта. Бу педагогтартан “Кылаас чааһа” түһүмэх түмүгүнэн 6 учуутал хаалбыта, кинилэр “Маастар-кылааһы” биэрбиттэрэ. Ол түмүгүнэн, Яна Бекоева (Хотугу Осетия), Екатерина Агеева (Рязань), Рамазан Газимагомедов (Дагестан) кыайыылааҕынан таҕыстылар. (Эрэдээксийэттэн: куонкурус лауреата Сардаана Гоголева ыытар кылаас чааһын ыйыллыбыт сигэнэн киирэн 1 ч. 10 мүн. көрүөххүтүн сөп).
– Чахчы үрдүк таһымнаахтык ааспыт эбит. Учууталлаабытыҥ төһө ыраатта? Тоҕо чопчу бу идэни талбыккыный?
– Оччотооҕу Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев ыйааҕынан Чурапчы улууһугар 1995 с. гимназия тэриллибитэ. Биһиги үөрэнэ киирэрбитигэр саха тылын учууталынан Ф.Н.Болдовская ыҥырыллан кэлбитэ. Фекла Николаевналыын алтыһыыбыт ити курдук саҕаламмыта. Саха тылын олимпиадатыгар, бастакы “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбыппыт. Оччолорго кэмпириэнсийэ Билим академиятын дьиэтигэр буолара. Биир түгэни ахтан ааһыам этэ. 8-с кылааска үөрэнэр сылбар бырайыакпын көмүскээн баран, элбэх оҕо быыһыгар 2 ватманынан холбуу тутан оҥоһуллубут истиэндэбин сүтэрэн көрдүү сылдьан, дьоммуттан хаалан, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар мунан, Космофизика институтугар тиийэн турардаахпын. Оҕо дыбарыаһыгар наҕараадаҕа тиийиэхтээхпин, хата, биир үлэһит сирдээн илдьибитэ. Билими сэҥээрэн, 7-с кылаастан ылсан үлэлээбитим. Фекла Николаевна салайыытынан хаар туһунан чинчийии оҥорбуппут. Олимпиадаларга кыайан, ол түмүгүнэн 9-с кылаас кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэххэ ыҥырбыттара. Саха тылыттан тэйбэккэ, салгыы учууталым М.Д.Ноговицына салайыытынан олимпиадаларга кыттан өрөспүүбүлүкэҕэ бастыырым. Дириэктэрбит И.И.Шамаев идэтинэн төһө да математика учуутала буоллар, учуутал туох эрэ төрүөтүнэн хойутуур, кэлбэт түгэнигэр кылааска киирэн кэлэн саха норуотун, саха омугун, саха суруйааччыларын туһунан элбэҕи ыйытара, кэпсэтэрэ. Миигиттэн Болот Боотур “Уһуктуу” арамаанын аахпытыҥ дуо, диэн ыйытан турардаах. Оччолорго үөрэх бырагырааматыгар киирэ илигэ. “Суох” — диэн хоруйдаабыппар туох да диэн саҥарбатаҕа эрээри, хайдах баччааҥҥа диэри аахпакка сылдьаҕын диэбиттии көрбүтүттэн бэркиһээн, сайын дойдубар тиийэн булан аахпытым.
Аны оскуоланы бүтэрээри сылдьан анкетаҕа биэс оҕо омук тылыгар туттарсыахпытын баҕарабыт диэн суруйбуппут. Англия тылын учуутала Р.Ю.Скрыбыкин билбэт даҕаны оҕоҕо чиҥ билиини иҥэрэрэ, омук тылын бакылтыатыгар туттарсар тестэри 9-10 баалга толорорбут. Мин университекка омук тылыгар киирэргэ бастакы эксээмэммин 9 баалга суруйбутум. Иван Иванович тоҕо эрэ ала-чуо миигин ыҥыран ылан үс чааһы быһа кэпсэппитэ. Ол түмүгэр омук тылынан бүтэн хаалбакка, саха тылыгар киириэм диэн тылбын биэрэн тахсыбытым. Саха тылыгар киирэн хааллым. Университекка педагогика билимин дуоктара Е.М.Поликарпова салайыытынан быраактыкаҕа сылдьан элбэҕи иҥэринэн, учуутал идэтигэр сыыйа сыстан барбытым. Миигин ити ааттаабыт сүбэдэйдэрим (наставник) саха тылын идэтигэр сыһыарбыттара.
– Эн санааҕар, учуутал идэтигэр саамай суолталааҕа тугуй?
– Уопсайынан эттэххэ, учуутал, оҕо сөптөөх суолу булунарыгар көмөлөһүөхтээх. Биһиги оҕоҕо билиини эрэ иҥэрбэккэ, олоххо тирэхтээх буоларыгар сүбэлээн-амалаан, аҕа табаарыс быһыытынан төрөппүтү да кытта кэпсэтэн, талар суолун тэҥҥэ тобулуохтаахпыт. “Найди себе дело по душе и тебе не придется работать ни дня в своей жизни” диэн Конфуций этэн кэбиспит бэргэн этиитэ баар. Билиҥҥи төрөппүт оҕо баҕатын сороҕор ылыммат: “Тоҕо мин оҕом асчыт буолуохтааҕый?”, “Тоҕо мин оҕом тыҥырах оҥоруохтааҕый?” – диир. Оҕо асчыт да идэтин таллаҕына, олус үчүгэй асчыт буоллаҕына, бэйэтин суолун булунар. Оскуола кэнниттэн хайаан даҕаны үрдүк үөрэххэ киирбэккэ, ортоҕо да туттарыстын, үлэһит даҕаны буоллун. Саамай сүрүнэ “бу миэхэ чугас, сүрэҕим, өйүм ылынар эбит” диэн быһаарынарыгар сирдиэхтээхпит.
– Учуутал быһыытынан үөрэх аныгы систиэмэтин туох дии саныыгын, бэйэтин аналын төһө толорор?
– Учууталлар ити боппуруоһу бэйэбит икки ардыбытыгар элбэхтик ырытабыт. Мин санаабар, Биир кэлим эксээмэн оҕону хааччахтыыр. Оҕолор хас даҕаны барыйааны оҥорон бэлэм буолуохтарын наада, үөрүйэх ирдэнэр. Холобур, физикаҕа кылгас кэм иһигэр иккис барыйааны суоттуурга, элбэх барыйааны оҥорон көрбүт эрэ оҕоҕо үрдүк таһымҥа кыаллар. Баҕар, итини атын көрүҥүнэн киллэриэххэ сөп эбитэ дуу, диэн толкуйдуубут.
Быйыл саха тылын чааһа аҕыйаата, биһиги 4 чаастаах олоробут. Бу кэпсэтэн кэллим, Өлүөхүмэҕэ нэдиэлэҕэ 1 чаас эрэ көрүллүбүт. Биһиги хамнас аччыыр эҥин диэн туруорсубаппыт. Билиҥҥи курдук глобализация, төрөппүт даҕаны иллэҥэ суох кэмигэр оҕоҕо болҕомто уурбакка хааллахха, төрүт өйтөн-санааттан тэйии кэлин олоххо охсуута улахан буолуон сөп. Оҕо ис айылгытын арыйарын, сахалыы өйүн-санаатын уһугуннарарын, толкуйун тобуларын туһугар саха тылын, литэрэтиирэтин чааһа аҕыйыа суохтаах диэн туруорсабыт. Ол санаабытын ситэрэн, Олоҥхо күнүн көрсө сийиэс тэрийэн эрэбит.
Иитиигэ, оҕону төрүт дьарыкка сыһыарыыга ордук болҕомто ууруоҕуҥ дэһэбит. Ону куорат оскуолатыгар хайдах киллэриэххэ сөбүй? Холобур, тыа оскуолатыгар өйдөнөр, оҕону күһүн муҥхаҕа, саас куйуурга, балаҕаҥҥа тахсан иискэ, ас астыырга уһуйуохха сөп. Оттон куорат оскуолатыгар ити толору кыаллымыан сөп. Оҕону олоххо бэлэмнээх буоларыгар, эйгэни тэрийиигэ көмөлөһүөхпүтүн сөп.
Сүөһүнү иитии сыллата аччаан иһэр. Мантан тэйбит оҕо “титиик”, “ыам”, “кыдамаһыт”, “кэбиһии”, “саһаан” диэн тыллары билэрэ саарбах. Аныгы кэм сиэринэн түмэл нөҥүө үөрэтиэххэ сөп диибит гынан баран, оҕо илиитинэн тутан-хабан, ону олоххо чахчы туһанан көрөрө быдан тиийимтиэ.
Саха тылын хоһугар сэргэ, чороон, Аал Луук Мас, үс мас бүтэй күрүө, ситии баар буолан эрэрэ үчүгэй. Кэбиниэти тупсарыыны өссө күүһүрдэр ордук этэ. Биһиэхэ кыах биэрдэллэр тугу баҕарар айыах-тутуох этибит.
— Саха тылын учууталын быһыытынан, саха тылын билиҥҥи туругун хайдах сыаналыыгын?
— Билигин саха тылын туругун сыаналыыр, тэҥнии тутар кыахтаахпын дии саныыбын. Куонкуруска калмык, чуваш, бүрээт, татаар тылларын учууталларын кытта элбэхтэ кэпсэттибит, ырыттыбыт. Кинилэргэ тэҥнээтэххэ, биһиги тылбыт үрдүк таһымҥа турар эбит, ортоку кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин тылларынан саҥараллар. Билигин уһуйааҥҥа баран эрэр оҕолор кутталы үөскэтэллэр, нууччалыы тылламмыттар элбэхтэр. Саха тылын учууталлара итиннэ үлэлэһиэхтэрэ дии саныыбын. Билигин даҕаны биирдиилээн нууччалыы саҥалаах оҕолор кэлэллэр. Ол эрээри, хааннарыгар баар өйдөрө-санаалара сыыйа уһуктар. Биһиги тылбыт, култуурабыт күүһүгэр итэҕэйэбин, хаһан эрэ, ханан эрэ син биир өтөн тахсар.
— Билигин оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор төрөөбүт тылларын билиилэрин таһыма хайдаҕый? Биһиги “бырабыыталыстыба”, “кэллиэс” диэн суруйарбытын төһө ылыналлар?
— Бэһис кылааска кэлбит оҕоҕо “дьыктаан”, “лиэксикэ”, “синтэксис”, “морполуогуйа” диэн суруйтардахха маҥнай соһуйан баран ылынар, үөрэнэр, саҥарар. Сорох бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ “ушой” (үчүгэй), “боло” (буолуо) диэн суруйаллар. Сыыйа-баайа көннөрөбүт. “Кэллиэс” диэн эмиэ ол курдук. Ол иһин оҕону “губка” кэриэтэ иҥэринэр диэн этэллэр. Ол тылы элбэхтэ истэрэ, ааҕара ирдэнэр.
Биһиэхэ былырыын сүрүн үлэһити үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэр учуутал кэлэн солбуйа сылдьыбыта. Биһиги “президент” эҥин диэн саҥара үөрэннэхпит. Кэлиҥҥи көлүөнэ үөрэх бырагырааматынан “бэрэсидьиэн”, “бырабыыталыстыба”, “дыраама” диэн үөрэнэр. Киниэхэ көннөрү кэпсэтиигэ даҕаны ол курдук сахатытан саҥарар үөрүйэх үөскээбит. Кини билигин улахан куонкуруһу ааһан, Дьокуускайга Саха гимназиятыгар үлэлии сылдьар. Куорат оҕолоро кини курдук сахалыы ыраастык саҥарыахтара, саха тылын баһылыахтара диэн эрэнэбин, учууталтан улахан тутулуктаах.
– Оҕо төрөөбүт тылга билиитин көҕүлүүр туох ньымалар баалларый?
– Кэлин аныгы төрөппүттэр “мин – сахабын” диэн санаалара уһуктан, оҕолоругар сахалыы ааты иҥэрэллэр, сахалыы саҥарда сатыыллар. Олох атыннык көрөр төрөппүттэр эмиэ бааллар. Мин санаабар, тылга уһуйуу сүрүн ньымата – остуоруйа. Оҕо нууччалыы остуоруйаны сэҥээрбит да түгэнигэр, төрөппүт салгыытын сахалыы тылбаастаан кэпсиирэ ордук. Остуоруйа кэнниттэн сыыйа олоҥхоҕо киирэр ирдэнэр эрээри, уустук. Ол гынан баран, олоҥхону сэҥээрбит оҕо өйдүүн-санаалыын чаҕылхай, ураты буолар. Олоҥхоһут киһи олоҕу букатын киэҥник, атыннык ылынар. Билигин олоҥхону истэр кыах эмиэ баар.
Чувашия, Бурятия, Калмыкия, Тува, Хакасия, Алтай өрөспүүбүлүкэлэрэ элбэхтик алтыстыбыт, кэпсэттибит. Бары биир кыһалҕалаахпыт – тылбытын тыыннаах хаалларыы. Кэпсэтэн көрдөххө, бары тус бырагыраамалаах үлэлии олоробут. Чуваштарга суох эбит, кинилэр төрөөбүт тылларыгар, литэрэтиирэлэригэр нэдиэлэҕэ биирдии эрэ чаас көрүллэр үһү. Учууталлара улаханнык хараастар, тылбыт туруга, балаһыанньата ыарахан диир. Тыл тыыннаах хаалыыта дьиэ кэргэнтэн улахан тутулуктаах. Онон төрөппүт, учуутал бары турунан туран ылыстахпытына, туох барыта кыаллар, тылбыт салгыы сайдар кыахтаах.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…