Сардаана Гурьева: «Ааспыт сыл барыбытын сомоҕолоото»
«Билигин биһиги иннибитигэр турар уопсай сорукпут – дойдубут кимтэн да тутулуга суох буолуутун уонна киниэхэ хантан да куттал суоһабат буолуутун туруулаһыы, төрүт үгэстэрбитин чөл хаалларыы, бука бары дойдубутугар бэриниилээх буолуубутун бөҕөргөтүү. 2022 сыл биһигини өстөөҕү утары охсуһууга сомоҕолоото, ордук күүстээх, түмсүүлээх буоллубут”, — диэн бу тула СӨ Киһи быраабыгар боломуочунайа Сардаана Гурьева ааҕааччыларбытыгар тус санаатын үллэһиннэ, туох үлэ бара турарын сырдатта.
— Биһиги дойдубутугар 2022 сыл олунньу 24 күнүгэр байыаннай эпэрээссийэ биллэриллибитэ. РФ Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин НАТО уодаһыннаах былаанын урутаан, Арассыыйаҕа арҕааҥҥы дойдулартан суоһуур дьайыылартан быыһыыр быһаарыныыны ылбыта. Күн бүгүн биһиги ытык иэстэрин толоро сылдьар буойуттарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр күүстээх көмө, өйөбүл оҥорон, бигэ тыыл буолан, бүтүн Саха сирин үрдүнэн дьон-сэргэ кытта олороро улахан эрэли саҕар.
Ааспыт сылтан ыла биһиги тэрилтэ өттүттэн буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр тус аадырыстаах босхо юридическай көмөнү оҥорууга үлэ барар. Ол курдук, Дьокуускай куоракка 40 итинник дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөстүбүт. Үүммүт сылга улуустары хабан үлэлиир былааннаахпыт. СӨ Киһи быраабыгар боломуочунайыгар саллааттар кэргэннэрэ, төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ уонна үлэ биэрээччилэр араас ыйытыылаах кэлэ тураллар. Оннук барыта 600 кэриҥэ боппуруоһунан үлэ ыытылынна.
Холобура: киһи быраабын көмүскүүр уоргаҥҥа биир улуус баһылыга байыаннай ыҥырыыттан босхолонор төрүөттээх эрээри, алҕас бэбиэскэ туппут түөрт киһини быстах ыҥырыынан байыаннай эпэрээссийэҕэ барыыттан босхолуур боппуруоһу суһаллык быһаарыыга көмө көрдөөбүтэ. Бу дьон байыаннай эпэрээссийэ бара турар сиригэр бэлиэр тиийэн сулууспалыы сылдьаллара. Байыаннай чаас салалтата кинилэри босхолуур туһунан быһаарыыта баарын үрдүнэ, докумуоннарын толорор байыаннайдар өттүлэриттэн бытаарыы тахсан, 2022 сыл сэтинньититтэн ыла боппуруос быһаарыллыбакка турбут этэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит киһи быраабын көмүскүүр уорганыттан байыаннай чаас хамандыырын аатыгар сурук ыытыллан, кылгас кэм иһигэр ити түөрт киһиттэн биирдэстэрэ дойдутугар дьиэтигэр эргиллэн кэлиитэ ситиһиллибитэ. Атын үс киһи сулууспаттан босхолонуутун боппуруоһа тус хонтуруолбутугар сылдьар.
Өрөспүүбүлүкэ киһи быраабын көмүскүүр уорганын тэрээһининэн «Мы — патриоты» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыытылла турар. Бу бырайыагы олоххо киллэриибитигэр дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитиигэ сүрүн болҕомтобутун уурабыт. Ол курдук араас тэрээһиннэр чэрчилэринэн нэһилиэнньэ ортотугар төрөөбүт дойдуну таптыырга, төрүт сиргэ тапталы, ытыктабылы иитиигэ туһуламмыт үлэ барар. Аахсыйаҕа оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар, төрөппүттэр, устудьуоннар, араас уопсастыбаннай түмсүүлэр, артыыстар, урбаанньыттар, социальнай дьиэлэр уо.д.а. кытталлар. Манна Аллараа Халыма, Алдан, Таатта, Кэбээйи, Дьааҥы, Нерюнгри, Аллайыаха, Усуйаана, Өлөөн, Чурапчы, Муома, Уус Алдан, Хаҥалас, Горнай, Уус Маайа, Ньурба, Томпо, Сунтаар, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Амма, Өймөкөөн, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлүөхүмэ, Мииринэй улуустарыттан уонна Дьокуускайтан барыта 34 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: