Сардаана Гурьева: «Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр «Мы – патриоты» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны ыытыахпыт”

Сардаана Гурьева: «Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр «Мы – патриоты» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны ыытыахпыт”

Ааптар:
12.07.2023, 13:27
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

СӨ Киһи быраабыгар Боломуочунайа Сардаана Гурьева байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр «Мы – патриоты» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны көҕүлээччи быһыытынан аахсыйа чэрчитинэн байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туох көмө, өйөбүл оҥоһулла турарын туһунан от ыйын 11 күнүгэр ыыппыт брифинигэр кэпсээтэ.

— Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан ыла СӨ Киһи быраабыгар Боломуочунайыгар киирбит сайабылыанньаларынан барыта 1000 киһи быраабы көмүскүүр көмөнү ылла. Быйылгы сылга бу аахсыйа сүрүн сыала — байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл буолуу. Ол курдук буойуттары кытта ыкса сибээһи тутабыт, дьиэ кэргэттэригэр сылдьан, көрсөн, кэпсэтэн, туох көмө наадатынан көмөлөһө сылдьабыт. Билиҥҥи уустук кэмнэргэ киһиэхэ кыра да болҕомто санааны күүһүрдэр, ол буойуттарбыт кырдьаҕас төрөппүттэригэр ордук наадалаах.
Сотору от ыйын 13 күнүгэр «Аморе” банкеттыыр саалаҕа байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр аналлаах саха эстрадатын сулустара кыттыылаах дьоро киэһэ ыытыллаары турар. Оттон от ыйын 18 күнүгэр «Энергетик» оҕо чэбдигирдэр лааҕырыгар спортивнай куоталаһыылаах тэрээһин ыытыллыа. Оҕо лааҕырдарыгар баран маннык тэрээһиннэри ыытыы кэккэ улуустарыгар буолуохтара.
«Мы — патриоты» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйабытын СӨ ИДьМ кытта күүспүтүн холбоон ыытабыт. Онуоха быраабы харыстыыр уорганнар, өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһа, муниципальнай тэриллиилэр, урбаан бэрэстэбиитэллэрэ өйүүллэр уонна кытталлар. Маны таһынан бу үлэҕэ «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаата уонна «Дойдум» уопсастыбаннай холбоһук кыттыһыахтара.
«Мы – патриоты» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа Ил Дархан бигэргэппит Саха сирин оҕолорун уонна ыччаттарын патриотическай иитиигэ туһуламмыт өрөспүүбүлүкэ тэрээһиннэрин кэлим былааныгар киллэриллибитэ. Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин быраабын араҥаччылааһыҥҥа, оҕону, ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ биһиги дириҥ эппиэтинэспитин өйдүүбүт, ол туһугар үлэбит салҕанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: