Салгыы
Сардаана Гурьева: «Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуо!»

Сардаана Гурьева: «Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуо!»

Ааптар:
17.11.2022, 13:57
Бөлөххө киир:

Билигин үгүс арҕаа дойдулар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Улуу Кыайыыбыт түмүгүн, устуоруйа кырдьыгын туора сото сатыыллар. Историктарбыт, уопсастыбанньыктар, бэтэрээннэр былааһы кытта биир ситимнээх үлэлэрин түмүгэр былырыын Алдан куоратыгар, быйыл бу күннэргэ Дьокуускай куоракка «Килбиэннээх үлэ куоратын» албан аата иҥэриллиитэ – кырдьыгы сымыйа хаһан да баһыйбатын биир үтүө холобура буолла. Бу икки куораппытыгар сотору кэминэн Үлэ Албан аатын стелата туруоруллуо.

Бу туһунан СӨ Киһи быраабыгар боломуочунайа Сардаана Гурьева санаатын үллэһиннэ:

— Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан Дьокуускай куорат «Килбиэннээх үлэ куоратын» бочуоттаах аатын ылла. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр биир дойдулаахтарбыт тыылга үлэлээн, Кыайыыга киллэрбит улахан кылааттара үрдүктүк сыаналанна. Биһиги бука бары Улуу Кыайыыга сыаналаммат сүҥкэн кылаатын киллэрбит киин куораппытынан, Ийэ дойдубутунан, албан ааттаах устуоруйабытынан, үйэлэргэ ааттара өлбөөдүйбэт дьоруойдарбытынан киэн туттабыт.
Күн бүгүн Саха сириттэн ыҥырыллан барбыт дьоммут анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттан, Донецкай уонна Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ, Херсонскай уонна Запорожскай уобаластарга хас да сыл устатыгар ытыалааһын, буомбалааһын, кыһарыйыы, атарахсытыы усулуобуйатыгар олорор дьон кэскиллэрин бэйэлэрэ салайынар, эйэлээх олоххо олорор, төрөөбүт тылынан кэпсэтэр кыахтаныыларын, киһи уонна омук быһыытынан бырааптарын көмүскээһини туруулаһа, көмөлөһө сылдьаллар. Бу эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа олохтоохторо сырдык кэскиллээх нус-хас олоххо олорууларын хааччыйыыга туһуламмыт судургута суох быһаарыылары ылынар. Инники кирбиигэ да, тыылга да биһиги күүспүтүн түмэммит, хайаан да уопсай кыайыыга тиийиэхпит дии саныыбын.
Саха сирин бары олохтоохторо, биһиги, ол Улуу сэриигэ Кыайыыны аҕалсыбыт ытык дьоннорбут курдук, күн бүгүн Аҕа дойдубутугар суоһуур кутталтан көмүскүүр киирсиилэргэ кыттабыт, төрөөбүт дойдубутугар үлэлээн-хамсаан, кыайыыны чугаһатабыт. Биһиги кинилэр дьыалаларын салгыыбыт. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуо!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: