Парижка Олимпийскай оонньуулар марафоннарыгар кыттыбыт Сардаана Трофимова төрөөбүт дойдутугар көтөн кэллэ.
Аатырбыт спортсменка СИА-ҕа сүрүн күрэхтэһиитин түмүгүн үлээстэн туран, успуортан уурайбатын бэлиэтээтэ.
“Өр сылларга дьарыктаммыт үлэбэр туочука туруордум. Бу кэм устата туруоруммут сорукпун ситистим уонна онтон үөрэбин. Биир Олимпиадаҕа уон икки сыл устата бэлэмнэммиппин кэмсиммэппин. Дьарыгым уонна дьаныардаах үлэм миэхэ дуоһуйууну аҕалла”, — диэн санаатын үллэһиннэ Сардаана Трофимова.
Спортсмен олимпийскай оонньууларга аан дойду 90 саамай күүстээх сүүрүктэриттэн 14-с миэстэ буолбута. Кини 2020 сыллаахха Токиоҕа ыытыллыбыт оонньуулар кыайыылаах сүүрүгүн быһа түспүтэ, элбэх мөлүйүөннээх дойдулар бэрэстэбиитэллэрин кэннигэр хаалларбыта. Парижка кини Кыргызстан саҥа рекордун олохтообута. Саха сириттэн Олимпийскай оонньууларга марафонскай сүүрүүгэ бастакы кыттааччы.
“Мин дистанциябар биир тэтимнээхтик испитим. Оттон эфиопкалар уонна кенийкалар саҥа тактиканы толкуйдаабыттар этэ. Бастаан бытааран баран, түргэтииллэр. Барыларын иннигэр сылдьар курдук эрээрибин, бэйэм кыраапыкпыкпын тутуспутум. Бэйэм бириэмэбэр эрэллээх этим, маннык тэтимнээхтик бардахпына, дистанцияны эрэллээхтик туоруом диэн билэрим. Сүүрэрбэр спортсменнар сирэйдэрин болҕомтоҕо ылбат этим.Сүүс бырыһыан кыахпын туһанарга күүспүн уурбутум”, — диэн спортсмен марафоҥҥа кыттыытын туһунан ахтан ылла.
Дьокуускай аэропордугар Сардаана Трофимованы Сүүмэрдэммит хамаандалары бэлэмнээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи киин салалтата, дьиэ кэргэнэ, доҕотторо көрүстүлэр.
“Билигин кыратык сынньана, уоскуйа түһүөм, тус олохпор болҕомтобун ууруом. Сүүрэрбин тохтотуом диэбэппин; успуорт мин олохпуттан ханна да барыа суоҕа. Сыыйа бэйэтэ көстөн иһиэҕэ, баҕар, сүүрүүбэр өссө төннүөм”, — диэн санаатын тиэртэ аатырбыт спортсмен.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…