Сунтаар улууһугар 34 уһуйаан үлэлиир. Бу уһуйааннартан Сунтаар нэһилиэгэр баар «Сардаана» уһуйаан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору сайыннарыыга улахан олук буолар.
Тэрилтэ 60 сылын ааспыт сыл ахсынньыга бэлиэтээбитэ.
Уһуйаан оҕолору бары эйгэнэн сайыннарарга араас үлэни ыытар. Биир сүрүн тутула доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору көрөр-истэр уонна сайыннарар.
Бу маннык хайысханан үлэлиир улууска соҕотох уһуйаан буолар. Лекотека бөлөххө логопед, психолог, дефектолог анал хосторо үлэлииллэр. Манна улуус дьаһалтата 300 тыһ. солк. көмө оҥорон улахан төһүү буолла. Доруобуйаларынан хааччахтаах 17 оҕо баарыттан үһэ истибэт уонна саҥарбат. Онуоха сурдолог баара буоллар диэн ыраларын этинэллэр. Уһуйаан иитээччилэрэ сытар ыарыһах оҕолорго дьиэлэригэр кытта баран көмө буолаллар.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Хэйлунцзян провинциятын губернатора, хотун Лян Хуэйлин кытары оробуочай көрсүһүүтүгэр…
Самаан сайыны көрсө дьон үксэ, сааһыттан тутулуга суох тупсуон, чэгиэнник, кэрэтик көстүөн баҕарар. Уойбут киһи…
Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүн түүнүгэр, халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэргэ уу киирэн, тиэргэннэри ылан, Нам…
Кутурук иилиммит, сирэйигэр куоска мааскалаах эрдэҕэс саастаах кыыс оҕо оонньуур былаһааккатыгар түөрт атах буолан сылдьарын…
Бэҕэһээ, ыам 17 күнүгэр, Амма улууһугар быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа…
Дьылбыт быйыл эрдэлээн иһэр буолан, сайылыктаахтар көһүүлэриттэн саҕалаан, тыа сиригэр үлэ тэтимэ биир кэм оргуйан…