Доҕоттор, биһиэхэ сонун суруйааччы кыыстаммыт эбиппит! Итинник санааттан үөрэн-көтөн дыгыйбытынан сылдьыбытым нэдиэлэ буоллум уонна сүрэҕим батарбакка, онтон-мантан сураһан, син ирдээн булан, кыыспын кытта тутан олорон, сылаас кофены сыпсырыйа-сыпсырыйа, астына, ирэ-хоро сэһэргэстим эбээт!
—Сардаана Афанасьевна Сивцева—Саная диэн ааты мин урут билбэтэх эбиппин. Дьэ эрэ, хантан хааннаах, туох кииннээх кыыскыный? Хоту буолаҥҥын, саха киһитин сиэринэн бу тылгын бэркэ билэргиттэн үөрдүм. Ол эрээри аны нууччалыы суруксуттуур киһи эбиккин, тоҕо?
—Махтанабын. Бастатан туран, бачча сааспар диэри интервьюну атын дьонтон ылан, хаһыат балаһаларын толорор идэлээх киһи мин, бэйэм маннык “доппуруоска” тиксибэтэх эбиппин ээ. Онон соһуччута да бэрт, тиэтэлиҥ да сүрдээх эбит, сэһэргэһии быһыытынан быһалыы соҕус кэпсиим.
Үөһээ Халыма Арыылааҕыттан төрүттээхпин. Этэр курдук “кыыһар хаалтыстаах оҕо сааһым” сэбиэскэй кэм бөҕө буоллаҕа. Ийэлээх аҕам барахсаттар, бары дьонум-сэргэм, оччотооҕу кэм сиэрин быһыытынан олохторун дьаһанан олорбут үтүөкэннээх дьон. Сиэр-майгы, куһаҕантан тэйиччи сылдьыы, мөкүттэн тэйэ туттуу, инники олоххун наар үтүөнэн эрэ ыраланар ойор күннээх оҕо саас кэмэ ып-ыраас хоту сир ийэ айылҕатыгар аастаҕа. Ол иһин барыга бииргэ (омук дьоно бөҕө, эн-мин дэсиһии суох, биир ыал оҕолоробут) тутуспутунан, эйэ дэмнээхтик алтыһан, ар-бур да дэһиигэ хаһан да омугунан атааннаспакка, “дьыала туһун” эрэ тутуспут дьон буоллахпыт.
Мин СГУ БГФ-тын бүтэрбитим. Зырянкаҕа идэбинэн учууталлаан, 90-с сылларга олохтоох тэлэбиидэнньэ ханаалыгар үлэлээн, устунан суруналыыс идэтин кэтэхтэн үөрэнэн баһылаан, киин сиргэ кэллэҕим. Сахалыы да, нууччалыы да тэҥҥэ этэн-тыынан, суруйан улааппытым. Ол иһин, ханнык тылынан суруйабын диэн ыйытык үөскээбэт этэ. Куоракка кэлбиппэр нууччалыы хаһыат эрэдээксийэтигэр үлэ миэстэтэ көстүбүтэ. Ол киэбинэн нууччалыы сурукка баран хаалбытым. Эбиитигэр сахалыы саҥардахпына, суруйдахпына бииргэ үлэлиир кыргыттарым хотугулуу диалектааххын, дьон өйдүө суоҕа диэн этээччилэр. Онон туттунар этим сахалыы суруйартан.
—Сардаана, быһалыы итинник ааттыым, оттон хаһан бу Саная буолбуккунуй? Санаайа баарын билэрим, оттон Саная? Хайаҕыт урут ааттаммытай?
—Ээ, ити хос аат, псевдоним диэ. Мээнэҕэ буолбатах бөҕө буоллаҕа дии. Атылыы ааттаах Сардаана Сивцева НВК-ҕа баарын иһин Пушкин бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ бутуйабыт диэн псевдонимнаныыһык диэн тириэрпит этилэр эрэдээксийэбэр. Онно толкуй бөҕөҕө түспүппүт. Арай биир күн однокурсницам Саная буол диэбитэ. «Санаа” диэнтэн. Ол саҕана билиҥҥи курдук наһаа хос аат иҥэринэр диэн суоҕа. Дьикти баҕайы этэ да иҥэн хаалбыт ди ити мин хос аатым.
—Дьэ, сахалар ахсааммыт аҕыйаҕын аанньа, суруйар эйгэҕитигэр кытта атылыы ааттаахтар тиксибит эбиккит. Эн суруналыыстыкаҕа чугас киһи, дьэ, туохтан сылтаан сэһэнньит буолан хааллыҥ?
—Кырдьыга баара, кинигэ суруйуом диэн соччо-бачча санаабат этим. Сурук үлэлээх киһи, биир өттүнэн итинник дьарыктан салҕар, иккиһинэн, онуоха төрүөт баар буоллаҕына, дьэ били сатыыргын-сатаабаккыт туһаҕа таһаарар кэмиҥ кэлэр эбит.
Онон этиэх тустаахпын, оҕом ыал буолан бытарыйан, саҥа аймахтары кытта чугасаһан, билсэн-көрсөн баран истэх аайы олоҕу анаарарыҥ тосту уларыйар эбит. Билигин мин икки сиэннээх киһи кинилэр кэскиллэрин чарапчыланан көрөр сааспар үктэннэҕим. Кырдьан диэн буолбатах, өй-санаа, оҕону-ыччаты иитиигэ хас биирдии киһи тус сыһыанын уонна эбээһинэһин быһыытынан көрөн. Мин сиэннэрим биһигиннээҕэр атын дьон. Ол эрээри, төрүттэрин-төрдүлэрин оһуорун-бичигин мин, эбэ буолбут киһи ситэриэхтээх иэһим эбит. Итини толкуйдаан быһыылаах, биир үтүө күн, омуна суох тураат, үйэбэр ойууну-бичиги сатаабат киһи… киистэнэн уруһуйдаан барбытым. Өйбүттэн. Онуоха дьиибэргээммин, тута идэлээхтэргэ, уруһуйдьуттарга баран, тугу оҥорбуппун көрдөрөн, “үөрэтиҥ” диэн көрдөһөн, маастар-кылааска сырыттым. Онтум түмүгэ “Үс купсуун” диэн ойуу бэйэтэ тахсан кэлбитэ. Ити бастакы хартыынам. Син элбээтилэр. Ол эрээри, бу хартыына ураты тыыннаах.
Омос көрдөххө, “Үс купсууну” ылбычча киһи өйдөөбөт. Дьон: “Айабын, бу туох хара бытык омугун ойуулаан дьиэҕэр ыйаан тураҕын” диэн сөхпүттэрэ. Онто баара бүтүн устуоруйа буоллаҕа. Көлүөнэ олоҕо. Көлүөнэ аһыыта-абата, үөрүүтэ-өрөгөйө, “ситэри эппэккэ хаалбыттарын мин холустабар көрдөһөн түһэрдилэр” диэн мин итини быһалыы ылыммытым… Олус долгуйбутум, утуйбат буолуохпар диэри. Бу—мин оҕолорум хос-хос эһэлэрэ кэлэн олорор. Уол оҕоломмут үөрүүтүн бэйэтиттэн кытта кистээн, чуумпу баҕайытык үс бөдөҥ бэйэлээх купсууну сиргэ көмөн, уохтаах вино арыгыны көөнньөрөргө санаммыт эдэркээн грузин киһитэ олорор. Кини уолун дьылҕата хайдахтаах дьалхааҥҥа ытыйыллыаҕын сэрэйбит курдук хайдах эрэ дьаархана туттубут. Бу киһи миэхэ итинник көстөр.
Иккис өттүттэн кини аныгы үйэ киһитэ буолан көстөр. Ис сүрэҕиттэн олус абаккаран, долгуйан, дьылҕалыын аахсар кыаҕа суоҕун билинэн, субу хараҕын уута саккырыах айылаах курустук туттан, саха оҕотун—аймах киһитин сыдьаанын модун баппаҕайынан көмүскүү-харыстыы тутан олорор. Иннигэр ол Дьылҕата биэрбэтэх күндү көмүс түгэннэр ааттарыгар 100 сыл буолан баран арыллыбыт купсууннар айахтара харааран көстөр… Хомойуох иһин, купсууннаах барахсан тапталлаах Грузиятыгар хаһан да төннүбэтэх. Ол эрээри, кини хос сиэнэ, үс көлүөнэ тухары сахатыйбыт грузин хаана бу тиийэн кэлбитэ кини хаанын сылааһынан ириэрэр, манньыта долгутар…
Итинник. Хартыына буолан баран дьикти дьүһүйүүлээх.
—Сардаана, хартыынаҥ күүстээх. Чахчы киһи соһуйа көрөр эрээри, дьиҥ иһин билиэхпин олус баҕарабын. Оччотугар эн сэһэҥҥин суруйууга бу хартыына төрүөт буолла дуо?
—Оннук. Төлө көтөн тахсыбытынан бу хартыына “буруйдаах”. Бэйэм да билбэппинэн. Мин итинник оҥорон көрөн, аҕала сатаан дьүһүйбэтэҕим. Киистэм бэйэтэ суруйар курдуга. Бүппүтүн кэнниттэн биирдэ, туох-туох баҕайытай диэн, испэр санаабытым…
Онтон бу түгэни чугас дьонум, дьүөгэлэрим билэллэр буоллаҕа дии. Оҕом ыалласпыт дьылҕатыгар маннык баарын кэпсээччи буолбутум. Онуоха билсэр дьонум “булгуччу суруй, сиэннэриҥ устуоруйалара эбит” диэн модьуйсууларынан бу сэһэн төрөөтөҕө. Манна диэн эттэххэ, сэһэҥҥэ кэпсэнэр дьоруойум барахсан чахчы суруллуон баҕарар эбит, олус чэпчэкитик уонна түргэнник, омуна суох биир тардыынан тахсыбыта.
—Мин, эр киһи быһыытынан, сөхтүм диим… Эн уһук хоту дойду кыыһаҕын. Дьоллоох сэбиэскэй кэм ыччатаҕын. Аны суруйар киһиҥ—эр киһи. Буолаары буолан ол итии дойду Грузия ыччата. 30-40-с сыллар. Сэрии саҕаланна. Иэдээн буккуллуу, түҥ-таҥ түһүү… Кырдьыга, итинник сюжеттары дьахтар хайдах кыайыай? Ким консультаннаатай? Итинник ыйытарга күһэллэбин, тоҕо диэтэххэ сэриини, чуолаан Бессарабияҕа кыргыһыыны наһаа үчүгэйдик көрдөрбүккүн.
—Ээ, туох консультана кэлиэй?.. Биһиги улаатар сааспытыгар төһөлөөх айымньыны аахпыппыт, киинэни көрбүппүт буолуой?! Ону таһынан, хайа, бэтэрээннэрбит барахсаттар кэпсээннэрэ, харах уулаах ахтыылара… Мин уруккуттан итини олус уйаҕастык ылынарым, отой харахпар көстөн олорооччу дии. Онтон сэһэммин оҥорон таһаарарбар ити прототибым кыра да буоллар ахтыыта баар. Онон сирдэппитим, киниэхэ сыһыаран толкуйдаатахха, хартыына бэйэтэ көстөн кэлэр курдуга. Онон, биир тылынан, сүрэҕим хайдах тэппитинэн, мин толкуйбар туох быһыылаах иҥмитинэн, ол быһыытынан суруйбутум. Хата, итэҕэтиилээх диэҥҥин үөрдүбүккэр махтанабын.
—Кырдьыга оннук. Олус күүстээх. Ханнык да сэриини киһи икки тылынан сатаан кэпсээбэт. Онон бутуурдаах-итиирдээх сырыылары, хара балыыры, кыһалҕаны-кыһарҕаны, инчэҕэй хааннаах тулуйар-тулуйбат кэмин ааспыттары мин наһаа өйдүүбүн уонна итэҕэйэбин. Итини биһиги саҥа көлүөнэ ыччаппыт билиэхтээх дии саныыбын. Сардаана, эт эрэ, ити чахчы саха кыыһын дьоно, сөбүлэҥнэрин биэрэн, оҕолорун холбообуттар дуо?
—Оннук. Хотугу сир уратыта—итиниэхэ. Онно эн ол-бу сураҕынан олорбоккун. Хараххынан көрөн, кулгааххынан истэн, сирэй алтыһан сөбүлэһэҕин эбэтэр суох. Биһиэхэ уруккуттан оннук. Онон бу дьон, хотугулар, хаһан да “кини—омук, кини—туспа тыыннаах” диэн чымаадыстаан араарсыбатахтарын мин эмиэ билэбин. Ол быһыытынан көрдөхтөрө дии, көнө сүрүннээх, чиэһинэй тыллаах, сүрэхтээх-бэлэстээх киһи диэн. Онтулара чахчы эрэбил күтүөт буолар. Олохторун олус бэркэ оҥостоннор, ыччат бөҕөтүн төрөтөн-улаатыннаран, дэлэҕэ кэргэнин кытта 50 сыл бииргэ олоруохтара дуо?
—Ити баар, дьэ, киһи үөрэ, киэн тутта ылынара. Уонна уол барахсан дойдутугар тиийэр кыаҕа суоҕуттан төһөлөөх сүрэҕэ аймаммыта буолуой… Ону эн олус кэбэҕэстик, отой эр киһи курдук, туох да чымаадыһа суох ойуулаабыккын. Көҥөс баҕайытык. Аҕыйах суххай тылынан… Итини мин олус хайҕаатым.
—Ити өттө чахчы уратылаах. Тустаахха, оннооҕор ыччаттарыгар да олус ыарыылаах тиэмэ. Ол эрээри, ити аҕыйах тыл кэтэҕэр бүтүн эрэйдэнии-муҥнаныы, дууһа хаһыыта иһиллиэхтээх диэн кэҥэтэ барбатаҕым. Ардыгар аҕыйах тыл ордук күүстээх буолар диэн сиэринэн. Хас да киһи эттэ, ити ньымаҥ олус табыллыбыт диэн. Эн эмиэ таба көрбүт эбиккин дии… Онуоха өссө мин “Айар” кинигэ кыһатын худуоһунньуктарыгар махталым улахан. Ити кинигэ таһын көр эрэ. Уол барахсан бууркатыгар сүрэх өттө Грузия хайата ойуулаах. Хаҥас өттө Өймөкөөн хайалара, саха кэргэнэ. Кини олоҕун философията үүт-тирии ити көстөр. Аны ойууга бэйэтин хаартыскатыттан уруһуй, Константин Чачуа илэ бэйэтэ. Онон бу пааматынньыгы туруорбут Август Егоров дириэктэрдээх “Айардарга”, худуоһунньук Катерина Садовниковаҕа, үтүөкэннээх бэйэлээх, олус болҕомтолоох уонна мындыр эрэдээктэрбэр Туйаара Федороваҕа махталым муҥура суох. Кинилэр өйөбүллэрэ суох бу идиэйэ кыаллыа суоҕа этэ.
—Саамай сөпкө туһааннаахтарга махтанаҕын. Мин үс сыл буолла, бу кинилэри билбэтэрбин да, таһаарар кинигэлэрин наһаа сэҥээрэн, батыһан ааҕабын. Ордук саҥа ааттары. Ол иһин тулуйбакка аны санаабын этэр буоллум. Сардаана, аахпыт-сөхпүт киһи быһыытынан ыйытыым наһаа элбэх. Ити эн кэпсиигин, оҕонньор барахсан сиэнигэр грузинныы тыллары үөрэтэр ээ… Бу эмиэ ахтылҕан көстүүтэ. Дьиҥ олоххо ити сыһыаннаах дуо? Эбэтэр уус-уран киэргэтии дуу?
—Ээ, мин бу дьон олохторун туһунан интервью ылан суруйбутум буолбатах эбээт. Биллэн турар, уус-уран айымньы көрдөрүүтэ киэҥ буоллаҕа дии. Ол эрээри, мин күтүөппүн эмиэ, оҕонньор олус маанылыыра эбитэ үһү. Уонна итинник хам-түм тыллары үөрэтэрэ олоххо баар эбит. Ону, оҕом барахсан олус тардына майгылаах, эһэтин олус иһирэхтик ахтар, мэлдьи долгуйарын иһин кинини мин доппуруостаан ыаһахтаабатаҕым даҕаны. Суруйан бүтэн баран көрдөрбүппэр, бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах уол, саҥатыттан отой маппыта. Мин ону ылынна диэн өйдөөбүтүм.
—Дьэ, дьахтар суруйааччы буолаҥҥын мындыр эбиккин. Ити оҕоҕо гранат мас туһунан кэпсиирин ааҕа олорон испэр күлэ санаабытым. Онтон, кыыс оҕото, эрийэ тутан ылан тиһэҕэр аҕалбыккын дии, сиэн уол төрүт сиригэр бэйэтин оҕотун кытта тиийэн кэхтэн аҕай, күүтэн аҕай турар гранат маһы ойуулаабыккыттан харааста долгуйдум. Ити дьэ чахчы сахалыы суруйбуккун. Кырдьаҕастар мээнэҕэ эппэттэр ээ, төрүт буоруҥ, сириҥ иччитэ, ото-маһа кэхтиэн, тохтон түһүөн тухары ыччатын күүтэр диэн…
— Биһиэхэ, хотуларга, итинник өйдөбүл чахчыта баар. Онон ити оҥоһуу буолбатах. Атын да сиргэ маннык баара чуолкай. Сир-дойду иччитэ маарыннаһар дииллэр. Үөһэттэн көрөн турааччылар син биир уруу-аймах дьону силбээтэхтэрэ дии. Оҕонньор саамай тапталлаах, олус сытыы-хотуу сиэнэ оҕо, аармыйа кэнниттэн икки атаҕынан эрэ, эһэтин дьонун ирдии Грузияҕа баран кэлбитэ чахчы. Кини ити ситим утаҕын тутан ылбыта. Ол кэнниттэн атыттар тиийдэхтэрэ. Мин санаабар букатын мээнэҕэ буолбатах эбит, эһэтэ таах маанылаабатах, кэриэһин иҥэрбит оҕото бу буолан тахсар. Ити наһаа дьикти. Нууччалыы эттэххэ, “миссиялаах” оҕону сүрэҕинэн сэрэйэн анаан маанылаатаҕа, тылынан буолбакка, өйүнэн-санаатынан, тус сыһыанынан ииттэҕэ. Ити ханнык да улуу оскуолатааҕар чараас үөрэх, тиийимтиэ уонна эрэллээх. Олоххо итинник түгэннэри көрсөбүт эрээри, ардыгар ситэри сыаналаабаппыт. Итини этэллэр: “Что бы ни случилось” диэн…
—Дьэ, иитэр-үөрэтэр суолталаах диэн саамай сөпкө этэҕин ээ. Ордук билиҥҥи курдук уустук кэмҥэ. Саха доҕордуу омуктарга мэлдьи бэрт ээ…
—Оннук буолбакка? “Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах” диэн күүстээх да этии түҥ былыргыттан кэлбит диэриий. Мин оҕолорум, омос көрдөххө, грузиннары санаппаттар эрээри, ол хааны мэлдьэһэр сатаммат. Тоҕо диэ? Оҕонньор барахсан кэриэһин эппитэ улуутун көрүүй: хайы-үйэ хаан аҥаардаах уолаттарыгар туһаайан, “оҕолоргутугар мин араспаанньабын биэрэр буолаарыҥ уонна уол сиэннэри грузиныы ааттарынан сүрэхтээриҥ” диэн эппитэ хайдахтаах курдук дириҥ суолталааҕый? Бэйэтэ да билэн олордоҕо, кэнэҕэскитин ыччаттарыгар кини хаана аччаан иһэр да түгэнигэр, дьүһүн кубулуйуохтара да буоллаллар, миигин умнаайаҕыт диэн кэриэһин этиитэ күүстээх санаа буолбатах дуо?! Мин итиниэхэ сүгүрүйэбин, ыччаттарын эрдэттэн алҕаан, наар үтүөнү эрэ түстээн олорбут ытык кырдьаҕас буоллаҕа…
—Кырдьык оннук. Грузинныы ааттаах саханы хаһан эрэ хаһыахтара буоллаҕа дии: “Тоҕо маннык ааттааххыный”, оччоҕо былыт да сабар кыаҕа суох кырдьыга үйэлэр тухары тахса туруо эбээт! Дьэ, Сардаана, эн “Үс купсуунуҥ” чахчы үс кукка тэҥнээх айымньы буолан тахсыбыт эбээт!. Оттон тоҕо үһүй, тоҕо биэс буолбатаҕый?
—Кинигэҕэ суруллар: уол оҕо төрөөтөҕүнэ, вино арыгыны түҥ былыргыттан көөнньөрүүнэн дьарыгырар омуктар—грузиннар үс улахан көһүйэ купсууну олбуордарыгар көмөллөр эбит. Бастакытын уоллара ыал буоллаҕына арыйан айхаллыыллар эбит. Иккиһин—уол оҕону төрөттөҕүнэ. Үсүһүн—хойут, өллөҕүнэ. Биһиги кэпсиир киһибит купсууна арыллыбакка төһө эмэ өр сыллар усталарыгар сыттаҕа… Аймах-билэ дьонугар сураҕа суох сүппүт диэнинэн олордохторо…
—Ити сиэр-туом диэн дьиктитэ, аны омуктар бары даҕаны тугунан эрэ маарыннаһыылара бу айымньыга баар. Оҥоруу буолбатах бадахтаах.
—Оннук. Холобур мин ол саҥа уруурҕаспыт билбэт дьоммор оҕолорбунан ыыппыт көмүс бэлэҕим ойуутун сэҥээрбиттэриттэн соһуйбутум. Онон ити кэнэҕэски чинчийиигэ иэс курдук сылдьар. Үөрэтиэм, билиэм дии санааммын киллэрбитим: биһиги “көҕүөр” уонна “бүөр” ойуубут кинилэргэ тоҕо чугаһын…
—Оччотугар бу айымньыҥ салгыы улаатан хаалыан сөп дуо? Баҕар арамааҥҥа кубулуйаарай?
—Ол туһунан чарапчыланар эрдэ. Кэм-кэрдии бэйэтэ көрдөрүө буоллаҕа дии.
—Сардаана, мин бу “Үс купсууну” саха норуотугар бэлэхтээбиккэр махтанабын. Кини ис күүһэ ол арыллыбатах купсууҥҥа хаалбыт вино курдук көөнньөн тахса туруо диэн кэнэҕэскитин эрэнэбин. Итиэннэ бу нууччалыы тылынан суруллубута кэнникитин ааҕааччы бары араҥатыгар тиийимтиэ буолуо эбит дии санаатым. Сахалыы чулуу айымньыларбытын улуу нуучча тылыгар эрэ таһаардахпытына үйэтэ уһуур, атыттарга биллэр диэн сөптөөх өйдөбүл баар. Онуоха бу эн сэһэниҥ кынат кэриэтэ. Санаабар киинэ да уһуллан тахсыах айылаах. Оннук түгэҥҥэ ааптар быһыытынан аккаастанаайаҕын диэн көрдөһүөм этэ.
—Үтүөҕэ-сырдыкка эрэ туһуланартан тоҕо төттөрү түһүөмүй. Мин ийэ киһи быһыытынан чөл үс куппут ыһыллыбатыгар, айгыраабатыгар эрэ баҕарабын. Этэр курдук, “доҕордуу дьоҥҥо туох барыта чэпчиир”. Эйэлээх, күүстээх санаалаах, тулуурдаах уонна дьаныардаах буолуоҕуҥ. Хайдахтаах да ыарахаттары уйар уонна киһи бодотун туппутунан, чиэспитин энчирэппэккэ, күҥҥэ көрсүллэр 44 моһолу-харгыһы кыайан ааһар кыахтаах омукпут. Бииргэ эрэ буолуоҕуҥ диибин.
—Сардаана, махтанабын, кэпсэппиккэр. Саҥа үүнээри турар дьылга сырдык сонуннары аҕала тураар!
Алексей ЭВЕРСТОВ.
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…