Салгыы
Сардаҥа: «Ийэ дойдуҥ кэтэһэр»

Сардаҥа: «Ийэ дойдуҥ кэтэһэр»

Ааптар:
19.10.2022, 15:45
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 17-с кыттааччыта Нам Арбыныттан  Софронова Христина Петровна-Сардаҥа:

ИЙЭ ДОЙДУҤ КЭТЭҺЭР

Аҕаттан айыллан,
Ийэттэн бигэнэн,
Уол оҕо төрөөҥҥүн
«Дьол күнүн» эппитиҥ.

Күн ахсын мускуллан
Күүс күдэх мунньунан,
Саар былчыҥ эбинэн
Хоһуун уол улааттыҥ.

Ийэ сир уһуутуур
Ыарахан кэмигэр,
Эн бастаан тылланан
Хардыыны оҥордуҥ.

Сахабыт төлкөтө
Өбүгэ тирэҕэ,
Эрэнэр Эйиэхэ
Эр хоһуун буойуҥҥа.

Өй-мэйии үлэнэн
Сылбырҕа туттуунан,
Уот харах ытыынан
Мэктиэҕин эн толор.

Ол эрэн, сэрэнэн
Бүөлэнэн, бүрүнэн,
Харгыстан харыстан,
Үс муннук кырыылан.

Ил-эйэ туһугар
Кыргыһар буойуну,
Ийэ дойдуҥ хаххалыыр!
Тыын уган арчылыыр !

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: