Салгыы
Саргы Куо «Иэйиэхсит алгыһа» кинигэтэ сүрэхтэннэ

Саргы Куо «Иэйиэхсит алгыһа» кинигэтэ сүрэхтэннэ

22.03.2023, 15:45
Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 21 күнүгэр – Поэзия аан дойдутааҕы күнүгэр саха биллэр поэтессата Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо “Иэйиэхсит алгыһа/Благословение Иэйиэхсит” диэн икки тылынан тахсыбыт кинигэтин сүрэхтээтэ.

Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.

Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар толору киһи муһунна, уран тылы умсугуйааччылар, Саргы Куо сүгүрүйээччилэрэ кэлбиттэр. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэйиэт кинигэлэрин быыстапкатын туруорбуттар.

“Иэйиэхсит алгыһа/Благословение Иэйиэхсит” диэн кинигэ тахсыыта туспа устуоруйалаах эбит. Саргылаана эдэр сылдьан хоһоонноругар нууччалыы “подстрочник” оҥорторбут. Ол хоһоонноро 40-ча сыл буолан баран, күн сирин көрөр кыахтаммыттар. Былырыын Арассыыйа суруйааччыларын уонна кинигэ таһаарааччыларын ассоциацията (АСПИ) түөрт национальнай суруйааччы кинигэтин таһааран, Москваҕа сүрэхтээһин буолбута. Ол курдук, «Благословение Иэйиэхсит» Саргы Куо (Саха сирэ), «Когда летаешь, нельзя бояться» Сакинат Мусукаева (Кабардино-Балкария), «Ангел мой последний» Сувайнат Кюребекова (Дагестан), «Сказки сердца» Зарина Канукова (Кабардино-Балкария) кинигэлэрэ дойдубут саамай улахан «Non-fiction» быыстапкатыгар сүрэхтэммиттэрэ. Бу дойду таһымыгар туспа, ураты көстүү этэ.

Саргылаана Васильевна: “40 сыл сыппыт “подстрочник” иккис тыын ылан, тахсыбыта миэхэ ордук долгутуулаах, үөрүүлээх. Үчүгэй “подстрочнигы” хам баттаан сыппыт буруйдаахпын. Эмиэ да маннык кэм кэлэрин кэтэспит курдук эбит. Хоһооннорбун билиҥҥи көрүүбүнэн, тиэмэлэринэн таҥан таһаардым. Таптал тыыннаах поэзия бириэмэ тургутуутун ааһан, тахсар күннээх эбит!” диэн киирии тыл кудук, бэлиэтээн эттэ.

Наталья Харлампьева, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:

— Саргы Куо хоһоонноро букатын эдэр эрдэҕинэ, 1977 сылтан бэчээттэммиттэрэ. Онтон университеты бүтэрэр сылыгар кинигэтэ бэчээттэммитэ. Саха литературатыгар улахан суруйааччылар оҕолоро аҕаларын туйаҕын хатарбыт холобурдара баар. Ол курдук, Амма Аччыгыйын уола Чаҕыл Мординов поэт этэ, олохтон эрдэ барбыта. Суорун Омоллоон уолун Айсен Дойдуну бары билэҕит. Үһүс киһинэн бу Саргылана Гольдерова буолар. Аҕата Василий Гольдеров кыыһын бастакынан өйөөбүтэ, куруук көмөлөһөр, сүбэлиир этэ.

Бу тутан олорор кинигэбит, дьэ, астык, дьоһун кинигэ буолбут. Икки тылынан тахсыбыта ордук суолталаах. Тылбааһын толору биир тылбаасчыт оҥорбут, онон биир сүрүннээх, тыыннаах буолбут. Хас да тылбаасчыт оҥордоҕуна, хайдах эрэ ыһыллан хаалара баар суол.

Олег Сидоров, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация салайааччыта:

— Саха поэзиятыгар бүгүн бэлиэ түгэн. Саргы Куо нууччалыы тылбаастаммыт кинигэтин аан бастаан сүрэхтиир. Поэзия аан дойдутааҕы күнүгэр буолбута ордук үөрдэр. Оттон Москваҕа түөрт национальнай бэйиэти кытта сүрэхтээбитэ бэлиэ суолталаах түгэн этэ. Киниэхэ бастакынан тыл биэрэллэрэ, тэрээһин саха тылынан саҕаланара. Кинигэ 700 тиражтаах, үксэ Арассыыйа бибилэтиэкэлэринэн тарҕаныаҕа. »Дружба народов» литературнай сурунаалга үлэлиир Галина Климова кини икки хоһоонун тылбаастаабыта. »Саргы Куо эһиги улахан бэйиэккит эбит», — диэн эппитэ.

Кини саха поэтессаларын ситимнэрин биир кэрэ көстүүтэ буолар. Поэзия биһиги олохпутун киэргэтэр, дууһабытын өрө көтүтэр. Маннык бэлиэ күн поэзияҕа сүгүрүйэр дьон мустан, Саргы Куо айымньыларын ырытан, кэпсэтэн ааһарбыт үөрүүлээх.

Онтон учуонай Варвара Окорокова олус үчүгэй ырытыыны оҥордо:

— Саргылаана Гольдерова саха литературатыгар ураты суоллаах-иистээх поэтесса буолар. Айар үлэтэ наһаа элбэх дьиктилээх. Кини хоһоон эйгэтигэр улааппыт киһи. Хоһоон — кини олоҕо. Ол да иһин быһыылаах, олус элбэхтик суруйар. 70-ча поэмалаах, хоһоонун ахсаана тыһыынчаҕа чугаһаата. Сүрүн тиэмэтэ, уратыта — тыа дьахтарын олоҕо. Тулалыыр эйгэтин, айылҕатын хайдахтаах курдук хоһуйарый? Олорор олоҕун куһаҕан, үчүгэй диэбэт ээ. Ол да буоллар, соҕотохсуйуу тыына эмиэ биллэн ааһар. Айар үлэтин сонордуур суола – олоҕун устата кэрэни көрдөөһүн. Сааһыран иһэн, кэрэ уонна дьикти бэйэтигэр баарын өйдөөбүтэ.

Бэйиэт кыараҕас ыырыттан оронон тахсыбыта. Аан дойду аартыктарын арыйар айанныыр буолла. Көрүҥэ холку, наҕыл курдук эрээри, айаҥҥа аллаах киһи. “Аан дойду норуоттарын олохторун, үгэстэрин биллэххинэ, бэйэ тылын, норуотун өссө таптыыр буолаҕын” диир. Кини алгыс тылынан суруйар. Тылы билэрэ күүстээҕин киһи сөҕөр. Киһиэхэ »прапамять» диэн баар, ону хостоон таһаарыахха наада. Киниэхэ ис-иһиттэн тахсан иһэр, саҥаран-иҥэрэн истэҕинэ улааттар улаатан, өссө умсугутан иһэр. Онон тыл баайын сүгэ сылдьар улахан поэтесса буолар. Тылбаасчыт олугун олугар түһэрэн, иэйиитин биэрэн, наһаа үчүгэйдик тылбаастаабыт, саҥа таһымҥа таһаарбыт. Онон бу кинигэнэн Саргы Куону аан дойду билиэҕэ.

Норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов: “Саргыны остуол анныгар сылдьыаҕыттан билэбин. Соморсуҥҥа көһөн кэлбиттэрэ, Куолдьараптар оҕолоро сахалыы ааттаахтарын сөҕөр этибит. Саргы Куо тылынан саха норуота ыллыыр, туойар” диэн эҕэрдэтин тиэртэ. Ону бигэргэппиттии, Александр Бурнашев уонна Сахаайа кэлэн, ырыанан эҕэрдэлээтилэр. Саргы Куо тылыгар икки ырыаны ыллаатылар. Христофор Максимов пуондатын салайааччы Михаил Санников »Кыыс Амма» ырыаны толордо. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара кэлэн, Саргылаана Гольдерова хоһооннорун аахтылар.

Оттон “Далбар Хотун” сурунаал эрэдээктэрэ Зинаида Архипова: “Хоһоон эйгэтигэр сиэтэн киллэрбит, олохпор улахан суолталаах киһим буолар” диэн билинэн туран, эдьиийигэр түһээн түһэрдэ, оҕоҕо аналлаах кинигэни суруйан киллэрдэҕинэ, »Алта» кинигэ кыһатыгар босхо таһаарыах буолан эрэннэрдэ.

Поэтесса Мария Решетникова-Арылы Дуйдаах:

— Биирдэ көрсөөт, дьүөгэлии буолбуппут. Онтубут төрдө дириҥ эбит, биһиги өбүгэлэрбит доҕордуулар эбит. Поэзията нууччалыы тахсыбытын көрөн баран, туох үчүгэй уһулуччулаах тылбааһай диэн, аныгы үйэҕэ төһө үлүгэр үп барбытын туһунан толкуйлаабытым. Онтум тылбаасчыт Егор Сидоров урут оҥорон хаалларбыт эбит. Оччотооҕуга “подстрочниктары” бэлэмнээһиҥҥэ улахан үлэ барбытын, ону билигин да туһаныахха сөбүн көрөбүт.  Саргы Куо поэзиятыгар Амма өрүс ыраас уутугар киирбит курдук киирэҕин, туох да дьиэги булбаккын, кини сылаас эйгэтигэр умсаахтыыгын, өйүн-санаатын түмүллүүтүгэр бэйэҥ санааларгын булаҕын.

Гаврил Андросов, »Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ:

— Саргы Куо сурунаалбыт эрэллээх доҕоро буолар. Кэм-кэрдии ааспытын кэннэ, суруйааччы бэйэтин хоһоонноруттан аккаастаммат буоллаҕына, ол кини көрүүтэ-санаата уларыйбатаҕын көрдөрөр. Кинигэ Арассыыйа ыырынан тарҕанан, суолун солонуоҕа.

Бу курдук хойукка диэри үтүө тыл үтүмэнэ, алгыс бастыҥа этилиннэ. Сааскы күн курдук сылаас эйгэлээх, Саргы Куо бэйэтин курдук холку, наҕыл тэтимнээх, истиҥ иэйиилээх дьоро киэһэ буолла.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: