Саргы Куо Москваҕа бэстибээлгэ кытынна
Бэс ыйын 3-6 күннэригэр Москваҕа Кыһыл болуоссакка Арассыыйа норуоттарын национальнай литератураларын бэстибээлэ ыытылынна.
Бэстибээлгэ араас норуоттар литератураларыгар, бэчээккэ, инники көрүүлэргэ аналлаах кэрэхсэбиллээх лиэксийэлэр, туһалаах маастар-кылаастар (оҕолорго эмиэ), дьүүллэһиилэр, суруйааччылары кытары көрсүһүүлэр, кинигэ сүрэхтэниилэрэ буоллулар.
Арассыыйа үгүс национальнай эрэгийиэннэриттэн кэлбит айар дьон ортолоругар Саха сириттэн Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо уонна дьүкээгир бэйиэтэ Ладина Курилова бааллар. Кинилэр бэс ыйын 6 күнүгэр, оруобуна нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр, Пушкин болуоссатыгар үгэс буолбут ааҕыыларга кыттан, сахалыы уонна дьүкээгир тылларынан бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар.
Ону сэргэ С.А.Новгородов аатынан “Айар” Национальнай кинигэ кыһатын ыстаарсай эрэдээктэрэ Сардаана Тимофеева кытынна. “Айардар” бэстибээл кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар “Саха ымыыта – дьиэ кэргэн харысхала” маастар-кылааһы ыыттылар. Хомуска оонньоон ыраастаныы үгэһин¸сахалыы ырыа-тойук толоруллуутун билиһиннэрдилэр. Харысхалы хайдах оҥорору көрдөрөн, саха норуотун уус-уран оҥоһуктарыгар аналлаах таһаарыылары билиһиннэрэн, бэстибээл култуураҕа бырагырааматын киэргэттилэр, ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Саргы Куо:
«Арассыыйа норуоттарын национальнай бэстибээлигэр Москваҕа Дьокуускайтан Иркутскайга аараан көтөн кэлбиппит. Хаһан да көрө илик Иркутскайбар дьүкээгир суруйааччыта, учуонай Улуро Адо кыыһа Ладина Курилованы көрсүбүтүм. Кини бэстибээлгэ аҕатын уонна бэйэтин хоһооннорун төрөөбүт тылынан дьүкээгирдии аахта. Ладина лингвист, литературовед уонна дьүкээгир литературатын салҕыыр эдэр суруйааччы эбит. Иркутскайга 7 чаас олороору хата Ладинаны кытары ирэ-хоро кэпсэтэн, дьүкээгир норуотун ыарахан дьылҕатын, билигин дьүкээгир тылынан саҥарар, үөрэтэр 100-чэкэ эрэ киһи баарын биллим.
Онон, анаан-минээн Байкалга (Баай күөлгэ) сүгүрүйэ, Сибиири анаара Иркутскайга хайаан да тиийэ сылдьар ыра санаабын ымыылаатым. Манна диэн эттэххэ, Болугурга олордохпутуна ийэбин Иркутскайга агрономнар идэлэрин үрдэтэр кууруска үөрэттэрэ ыыппыттара. Ийэм хаһан кэһии бөҕөлөөх Иркутскайыттан кэлэрин (санаабар олус өр) кэтэспиппитин өйдүүбүн…” — диэн бэстибээлгэ айаныттан быһа тардан кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: